Аан дойдутааҕы хаалым балык уонна дельфин күннэрэ
Аан дойдутааҕы хаалым балык уонна дельфин күнэ диэн 1986 сыллаахха Аан дойдутааҕы хаалым балык бултааһын хамыыһыйата (IWC) олохтообут айылҕа харыстабылын бырааһынньыга. От ый 23 күнүгэр бэлиэтэнэр, тоҕо диэтэххэ 1982 сыллаахха бу күн IWC 1985/1986 сыллартан саҕалаан коммерческай кит бултааһынын бүтүннүү боборго куоластаабыта.
Бобуу 1986 сыллаахха олунньу 19 күнүттэн күүһүгэр киирбитэ. Итини кэриэстээн, сыл аайы олунньу 19 күнүгэр өссө биир күн – Аан дойдутааҕы кит күнэ бэлиэтэнэр[1]. Атын муора харамайдарын харыстыыр күнүнэн ааҕыллар. Сороҕор араас дойду айылҕа харыстабылын тэрилтэлэрэ бу күнү сүтэр кутталлаах биир көрүҥнээх үүтүнэн иитээччилэри харыстыырга аныыллар.