S7
S7 Airlines (эс сэвэн эйрлайнс, юридическай аата — «акционернай уопсастыба „Сибиир“ авиахампаанньа») — Арассыыйаҕа бөдөҥүнэн үһүс авиакомпания. Дойду иһинэн пассажирдары таһарга бастакы миэстэҕэ турар. Новосибирскай куорат Толмачево аэропордугар баазаланар. Ону тэҥэ Иркутскайга уонна Владивостокка хаабтардаах. 2022 сыл муус устарыгар диэри Аан дойдутааҕы Oneworld альянска киирэрэ[1].
Бас билээччилэр уонна салалта
«„Сибиир“ авиахампаанньа» АУо 71,3 % хонтуруоллуур акцията S7 Group хампаанньалар бөлөхтөрүгэр киирэр. Судаарыстыба 2013 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр ЗАО «Группа компаний С7» 25,5 % акциятын атыылаабыта; сөбүлэһии Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан оҥоһуллуохтааҕа[2]. Хаалбыт акциялары «S7 Airlines» менеджмена тутар[3].
1998 сылтан 2009 сылга диэри авиахампаанньаны S7 Group бииргэ хаһаайына Владислав Филёв салайбыта. Авиахампаанньа дириэктэрдэрин сэбиэтэ 2009 сыллаахха «Сибиир» авиакомпания саҥа генеральнай дириэктэринэн Владимир Объедкову анаабыта[4]. 2019 сыл балаҕан ыйын 12 күнүттэн Вадим Анатольевич Клебанов S7 Airlines генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини ананыан иннинэ, кини ааспыт биэс сыл устата S7 Group холдинг састаабыгар киирэр «Глобус» авиахампаанньаны салайбыта[5]. 2025 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр авиахампаанньа генеральнай дириэктэринэн Игорь Мельхов анаммыта[6].