II Аан дойду сэриитин саҕанааҕы Утарсыы хамсааһына

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Утарсыы хамсааһына — II Аан дойду сэриитин саҕана нацистыы Германия уонна кини союзниктара былдьаабыт сирдэригэр тэриллибит былааһы утарсар хамсааһын.

Араас көрүҥнээх этэ: былаас дьаһалын толорбот буолуу (гражданское неповиновение), пропаганда, тэрилтэлэргэ сабатаас уонна диверсия, күрээбит билиэннэйдэргэ, сууллубут лүөччүктэргэ көмө, Холокост сиэртибэлэрин быыһааһын, сэбилэниилээх утарсыы. Ордук далааһыннаах хамсааһын ССРС, Польша, Югославия уонна Греция сирдэригэр, уонна Арҕаа Европаҕа Италияҕа баар этэ. Европаҕа "үлэлиэхтээх" туһунан этэрээттэр Улуу Британияҕа тэриллибиттэрэ. Оннук этэрээт 1942 сыллаахха Богемия уонна Моравия имперскэй протекторыгар Р. Гейдрихха саба түспүтэ.

Хамсааһын күнэ муус устар 10 күнүгэр бэлиэтэнэр.