Холокост
Холокост, сороҕор Шоа (ивр. השואה) — диэн ааттанар, Нацистскай Германия Аан Дойду иккис сэриитигэр дьону өлөрөр бириэмэтигэр буолбута. Быһа холоон алта мөлүйүон дьэбириэйдэри өлөрбүттэрэ,[1][2][3] ол курдук араас биричиинэнэн өлөрбүттэрэ эмиэ киириллэр, ол курдук цыганнар, гомосексуаллар, Иегова итэҕэйэччилэрэ).[4] Элбэх өттө геттоҕа ууруллубуттара, концентрационнай лааҕырдарга өлэлэтиллибиттэрэ уонна ол кэнниттэн газовай каамераҕа өлөрүллүбүттэрэ.[5]
Тоҕо дьэбириэйдэри өлөрбүттэрэй
Европаҕа дьэбириэдэр утары абааһы көрөллөрө урут уруккаттан баар этэ Элбэх киһи дьэбириэйдэр бары наһаа баайдар, дьоҥҥо сыһыаннара куһаҕан уонна атын омуктары кытта сатаан олорботтор диэн толкуйдууллара. Маннык боростуой идеялар Германияҕа 1800-с сылларга олус популярнай этэ уонна атын дойдуларга эмиэ. Гитлер Австрияҕа ол бириэмэҕэ төрөөбүтэ уонна ол идеялары ылбыта, уонна экономическай проблемалары уонна Германия уонна Австрия Аан дойду бастакы сэриитигэр хотторуутугар дьэбириэйдэри буруйдуура. Элбэх дьон ону кытта сөбүлэһэрэ, уонна нацистары өйүүрдэрэ.[6] [7]
Өлүүлэр
Бу аллараа суруллубут сыыппаралар толорутук биллибэттэр, тоҕо диэн үксүгэр ким да ханна да суруйбат этэ. Элбэх учуонайдар сөбүлэспит сыыппаралар маннык:
- Дьэбириэйдэрs (5.1–6 мөл), ол иһигэр:
- Польша Дьэбириэйдэрэ (3–3.5 мөл.)
- Поляктар (1.8-2 мөл)
- Цыганнар (200,000–800,000 ),
- Инбэлииттэр (200,000–250,000),
- Гомосексуалkfh (22,000–25,000 ),
- Иегова итэҕэйээччилэрэ (950–2500)
Дьэбириэйдэр Давид сулуһун көстөр сиргэ кэтэ сылдьыахтаах этилэр, Саба түһэннэр поеһынан концентрационнай лааҕырдарга ыытыллыбыттара. Дьэбириэйдэр үксүлэрэ Польшаттан уонна ССРС сириттэн сылдьаллар этэ.
Мөлүйүөнүнэн дьэбириэйдэри газовай каамераларга өлөрөллөрө, сорохтору тыыннаахтыы уматаллара, уонна мээнээх ытан өлөрөллөрө.
Атын өттүттэн дьон баара, дьэбириэйдэри саһыарар уонна Холокост утары охсуһар
Холокост аккастааһына
Сорох дьоннор Холокост төрүт да буолбатаҕа диэн этэллэр,[8] эбэтэр сыыһа суруллубут диэн этэллэр. Маны Холокост аккастааһына диэн биллэр. .[9] Европа дойдуларын үксүгэр Холокост буолбатаҕа диир сокуону кэһии буолар. .[10]
Быһаарыылар
- ↑ Approaches to Auschwitz: The Holocaust and Its Legacy, Richard L. Rubenstein, John K. Roth
- ↑ "The Holocaust", Encyclopædia Britannica, 2007: "the systematic state-sponsored killing of six million Jewish men, women and children, and millions of others, by Nazi Germany and its collaborators during World War II. The Germans called this "the final solution to the Jewish question".
- ↑ Willoughby, Susan (2002). The Holocaust (20th Century Perspectives). Heinemann. p. 42. ISBN 0431119902.
- ↑ Steakley, James. "Homosexuals and the Third Reich", The Body Politic, Issue 11, January/February 1974.
- ↑ The Holocaust Just Got More Shocking March 1, 2013 The New York Times
- ↑ Kershaw, Ian (2010). Hitler: A Biography. W. W. Norton & Company. ISBN 0393337618.
- ↑ Stern, Fritz (2007). Five Germany’s I Have Known. Farrar, Straus and Giroux. ISBN 0374530866.
- ↑ Lipstad, Deborah. Denying the Holocaust. BBC (17 Олунньу 2011 </noinclude>). Тургутулунна 20 Муус устар 2011.
- ↑ Denying the Holocaust. The Week. Тургутулунна 13 Ыам ыйын 2010.
- BBC News, January 15, 2007. Retrieved May 13, 2010.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |