Dragon Ball

Дракон чөмчүүгэ (ドラゴンボール Дорагон бо:ру?, Dragon Ball) — Торияма Акира айбыт мангата уонна аниме сериала. Shonen Jump диэн дьоппуон сурунаалыгар түһүмэхтэринэн 1984 сылтан 1995 сыллаахха диэри тахсыбыта, кэлин Shueisha кыһа 42 туомунан таһаарбыта. Арассыыйаҕа «Комикс-Арт» хампаанньа лиссиэнсийэлээх.[1] Мангаҕа олоҕуран үс аниме-сериал, уон сэттэ анимация киинэтэ, элбэх видео оонньуу уонна коллекцияланар хаарты оонньуута тахсыбыттара. 2002 сыллаахха 20th Century Fox хампаанньа «Дракон чөмчүүгэ: Эволюция» диэн киинэни устан саҕалаабыта, онтуктара 2009 сыл муус устарыгар тахсыбыта.[2] Кытайга 1989 сыллаахха «Дракон чөмчүүгэ: Хомуһун саҕаланар» диэн киинэ устубуттара.[3]

«Дракон чөмчүүгэ» Японияҕа уонна АХШ-ка саамай биллэр айымньылартан биирдэстэрин быһыытынан ааҕыллар.

Быһаарыылар

  1. У нас стартуют два культовых сериала — «Жемчуг дракона» («Dragonball») и «Клеймор» («Claymore»). Комикс-Арт. Сигэнии күнэ: 2 Балаҕан ыйын 2009. Архивировано 23 Кулун тутар 2012 года.
  2. Claude Brodesser. Ramsey rolls Dragonball Z, Variety (24 Бэс ыйын 2004). Сигэнии күнэ: 7 Балаҕан ыйын 2007.
  3. The Anime Encyclopedia: A Guide to Japanese Animation Since 1917 (1st ed. ed.). Berkeley, California: Stone Bridge Press. 2001-09-01. pp. pp. 101-102. ISBN 1-880656-64-7. OCLC 47255331. 

Категориялар