2010 Кыргызстан өрөбөлүүссүйэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

2010 сыллааҕы Кыргызстан өрөбөлүүссүйэтэ, ол эбэтэр 2010 сыллааҕы Кыргызстан айдаана. Курманбек Бакиев уонна кини дьаhалтата ыыппыт политикатын утарбыттар уонна сөбүлээбэтэхтэр. Дьон дьадайан иhэр, экономика мөлтөх туруктаах. Онно эбии Бакиев бэйэтин чугас аймахтарын былааска киллэрбитин, кинилэр дойду экономикатын тутаах объектарын бэйэлэрин бас билиилэригэр ылбыттарын, Бакиев режима оппозицияны уонна көҥүл журналистары бобуутун уонна хам баттабылын дьон эмиэ күүскэ утарбыт. Айдаан Талас куоракка муус устар 6 саҕаламмыта. Муус устар 7 айдаан Токмок, Нарын уонна Ысык Күөл куораттарга айдааннар эмиэ буолбуттара.

Бакиев Бишкектан күрээбит уонна билигин ханна баара биллибэт. Оппозиция басханнара саҥа дьаhалта тэрийэллэр, дьаhалта баhылыгынан урукку омук миниистирэ Роза Отунбаева буолар.[3][4]

Өссө маны көр

  • Түлпээн өрөбөлүүссүйэтэ

Быһаарыылар