Өнөр нэһилиэгин былааҕа
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уус-Алдан улууһун "Өнөр нэһилиэгэ" олохтоох тэриллии былааҕа — бу олохтоох тэриллии биир дьоһун им-бэлиэтэ буолар.
Дьүһүнэ
Былаах — көнө муннуктардаах, устатынан үс тэҥ кэтиттээх араас өҥнөрдөөх балаһалардаах иэн буолар.[1]
Ытык бэлиэ олоҕо
- Былаах үс өҥө саха омугун тулхадыйбат, үйэлэр тухары илдьэ сылдьар баайын көрдөрөр.
- Хара өҥ — саха омугун өйдөбүлүгэр, хара тыаны, хара далайы, хара сири, хара көлөһүнү кытта ситимнээх.
- Кыһыл өҥ — саха омугун тулалыыр бары кэрэни, кыһыл оҕоҕо тиийэ өйдөбүлү, бэлиэтиир.
- Үрүҥ өҥ — саха омугун тулалыыр эйгэтэ — үрүҥ күн, үрүҥ түүн, үрүҥ ас, маҥан хаар — ырааһын туоһулуур.
- Былаах үс тэҥ балаһата Российскай Федерация былааҕын кытта дьүөрэлэһэр, Өнөр нэһилиэгэ Россияҕа киирэрин, кинини кытта биир санааланыытын көрдөрөр.