Эсперанто
Эсперанто (Esperanto) диэн аан дойдуга ордук киэҥник тарҕаммыт оҥоhуу тыл. Людвик Лазар Заменхоф 1887 c. айбыта.
Эсперантоны билээччилэр ахсааннара 100,000 - 2 млн кэриэтэ, биир тыhыынча кэриэтэ киhиэхэ эсперанто төрөөбүт тыллара.[1]
Тыл чинчилэрэ
Классификацията
Оҥоhуу тыл буоларын быhыытынан, эсперанто хайа да омук тылыныын урууласпат. Фонологията, грамматиката, тылдьыта уонна семантиката арҕаа индо-эуропа тылларыгар олохтонор. Фонематын тутула уонна семантикатын улахан өттө славян гиэнэ, тылдьыта сүрүннээн роман тылларыттан уонна кыратык герман тылларыттан ылыллыбыт. Прагматикатыгар уонна тыл атын аспектарыгар нуучча, поляк, ниэмэс уонна француз тылларын дьайыылара баар.
Типологиятынан, эсперанто сылтахтаахтардаах уонна көҥүл прагматик өс быhыылаах, ол эбэтэр субъект-туохтуур-объект курдук быhыылаах. Даҕааһын ааттар көҥүл аат тыл иннинэ эбэтэр кэнниттэн туруохтарын сөп. Саҥа өстөр аффиксынан уонна суффиксынан үөскүүллэр.
Суруга
Эсперанто уларытыллыбыт латин алпабыытынан суруктанар. Алпабыыт 28 буукубалаах:
Фонологията
Эсперантоҕа 22 бүтэй дорҕоон, 5 аhаҕас дорҕоон уонна 6 дифтоҥ баар.
Грамматиката
Күннээҕи этиилэр
| Сахалыы | Эсперанто | IPA |
|---|---|---|
| Эҕэрдэ | Saluton | [sa.ˈlu.ton] |
| Ээх | Jes | [ˈjes] |
| Суох | Ne | [ˈne] |
| Үтүө сарсыарда | Bonan matenon | [ˈbo.nan ma.ˈte.non] |
| Үтүө киэhэ | Bonan vesperon | [ˈbo.nan ves.ˈpe.ron] |
| Көрсүөххэ диэри | Ĝis revido | [dʒis re.ˈvi.do] |
| Эн аатыҥ кимий? | Kiel vi nomiĝas? | [ˈki.el vi no.ˈmi.dʒas] |
| Мин аатым | Mi nomiĝas | [mi no.ˈmi.dʒas jo.ˈha.no] |
| Хайдаххыный? | Kiel vi fartas? | [ˈki.el vi ˈfar.tas] |
| Эсперантонан саҥараҕын дуо? | Ĉu vi parolas Esperanton? | [ˈtʃu vi pa.ˈro.las es.pe.ˈran.ton] |
| Мин эниигин өйдөөбөппүн | Mi ne komprenas vin | [mi ˈne kom.ˈpre.nas vin] |
| Үчүгэй | Bone | [ˈbo.ne] |
| Сөп | Ĝuste | [ˈdʒus.te] |
| Махтал | Dankon | [ˈdan.kon] |
| Не стоит благодарности | Nedankinde | [ˌne.dan.ˈkin.de] |
| Баһаалыста | Bonvolu | [bon.ˈvo.lu] |
| (Желаю) Здоровья! | Sanon! | [ˈsa.non] |
| Эҕэрдэ | Gratulon | [ɡra.ˈtu.lon] |
| Мин эниигин таптыыбын | Mi amas vin | [mi ˈa.mas vin] |
| Биир пиибэтэ, баhаалыста | Unu bieron, mi petas | [ˈu.nu bi.ˈe.ron, mi ˈpe.tas] |
| Бу тугуй? | Kio estas tio? | [ˈki.o ˈes.tas ˈti.o] |
| Бу ыт | Tio estas hundo | [ˈti.o ˈes.tas ˈhun.do] |
| Үтүө түүн | Bonan nokton | [ˈbo.nan ˈnok.ton] |
| Эйэ! | Pacon! | [ˈpa.tson] |