Элбэх оҕолоох ыаллар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олус уһун үйэлээх омуктар олохторун үөрэхтэрэ олус дириҥ, олох уопутуттан тирэх ылан сайдыбыт. дьол” диэн этиини олохторугар туһаналлар. Биһиги өй-санаа үөрэҕин туһанаммыт элбэх оҕолоох буолуу дьоҥҥо туох үчүгэйи, туһалааҕы аҕаларын ааҕыталаан биэриэхпит:

1. Дьахтар төһө элбэхтэ төрүүр да этин-сиинин баҕа санаата туолара элбиир. Үһүс оҕоттон саҕалаан доруобай оҕолор төрүүллэр.

2. Оҕолор иитиилэрэ табыллар, өйдөрө-санаалара киһилии суолунан сайдыыта ситиһиллэр.

3. Биир оҕо таҥныбыт таҥаһын үс оҕо таҥнан улаатар.

4. Аймахтар сайдан, ахсааннара элбээн иһэриттэн омук ахсаана эбиллэн сайдыыны ситиһэр кыахтанар.

5. Оҕолор бары туһа киһитэ буолан үлэни-хамнаһы кыайарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэннэр омугу үлэнэн сайыннараллар.

Эр киһи үлэни-хамнаһы кыайар кэмигэр государство көмөтүн туһанан дьахтарын, оҕолорун хааччыйар кыахтаах. Итини тэҥэ аныгы үйэҕэ государство оҕону иитиигэ көмөтө улаатан иһэр. Хоргуйуу, аччыктааһын, бу кэмҥэ төһө да элбэх оҕолоох ыалга суоһаабат.

Кырыымчыктык олорор ыаллар оҕолорун өйдөрө-санаалара эрдэ ситэн, сайдан дьонноругар кыра эрдэхтэриттэн көмө, туһа киһитэ буола улааталлар. Аҕыс сылынан улахан оҕо төрөппүттэригэр биллэр көмө буолар кыахтанар. Элбэх оҕолоох ыалга оҕолор дьонноругар көмөлөһөр санаалара кыра эрдэхтэриттэн улаатар, кинилэр этэн биэриилэринэн кыра бырааттарын, балыстарын көрө-истэ үөрэнэллэр. Кыра оҕону көрүү-истии үөрэҕэ төрөппүттэр көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэриилэриттэн улахан оҕолоругар быһаччы, үгэскэ кубулуйан бэриллэн иһэрэ үөскүүр. Улахан киһи хайдах оҕо көрөрүн улахан оҕо көрөн, үтүктэн үөрэниитэ киниэхэ үгэһи үөскэтэн, ийэ кутугар иҥэн хааларыттан, улаатан баран бэйэтэ оҕолонноҕуна үчүгэйдик көрөр-истэр, киһилии быһыыга иитэр, үөрэтэр кыахтанар.

Элбэх оҕолоох ыаллар барыстара оҕолоро улаатан истэҕинэ эбиллэн иһэр. Улахан оҕолоро эрдэттэн үлэлээн-хамсаан, кыраларын көрсөн барыһы киллэрэр кыахтанар. Кыралар кинини, улахан оҕону батыһан бары үлэһит буола улааталлар.

Үлэҕэ үөрэнии элбэх үлэттэн ситиһиллэр. Оҕо үлэлии үөрэммитэ кини улахан баайа буолар. Үлэһит төрөппүттэр оҕолорун үлэҕэ үөрэттэхтэринэ тугунан да кэмнэммэт элбэх баайы биэрэллэр. Үлэҕэ үөрэммит киһи хаһан баҕарар үлэлээн, оҥорон таһаарбытынан туһанан талбытынан олорор кыахтанар.

Оҕолорун киһилии быһыыга, үлэҕэ-хамнаска үөрэппит төрөппүттэр сааһырдахтарына “сылааска сытар”, сынньанар кыахтаналлар, оҕолор кыайа-хото үлэлээннэр баайдарын-малларын өссө үксэтэллэр.

Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн оҕо төрөппүтүгэр сыһыана кыра эрдэҕиттэн икки өрүттэнэн сайдар:

1. Оҕо кыра эрдэҕинэ бары баҕатын барытын толорон биэрэн иһэр, маанылыыр, атаахтатар, оонньотор төрөппүтүн ордук сөбүлүүр. Ол эрээри улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ атаахтатар киһитин бэйэтин туһатыгар туһанара элбээһиниттэн этэр тылын истибэтэ, толорбото үөскээн сайдара “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиини үөскэппит.

2. Араас бобуулары киллэрэр, үлэҕэ, бэрээдэккэ үөрэтэр, кытаанах көрдөбүллээх төрөппүтүн оҕо кыра эрдэҕинэ сөбүлээбэт. Ол эрээри этэр тылын истэр, соннук толорор буола улаатар. Тугу барытын улахан киһи курдук оҥорор буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэниигэ улахан киһи этэрин истии, соннук толоруу эрэ туһалыыр. Кэлин улааттаҕына, үлэни-хамнаһы кыайдаҕына, сыыһа-халты туттубатаҕына кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, үлэлиир үгэстэргэ үөрэппит төрөппүтүгэр махтала ордук улаатыан сөп.

Төрөппүт оҕотугар сыһыанын бу икки быһаарыылар икки ардыларынан сайыннардаҕына эрэ табыллар. Хайатын эрэ баһыйа туһаныы оҕо өйө-санаата халыйыытыгар тириэрдэр.

Оҕоҕо аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥоро, үчүгэй буола сатааһын оҕо улаатан истэҕинэ уларыйан биэрэн иһиэ этэ. Оҕо бэйэтигэр эрэ буолбакка атыттарга, төрөппүттэригэр эмиэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорго үөрэниэ этэ. Кыра бырааттарыгар, балыстарыгар үчүгэйи, туһалааҕы оҥоро үөрэнэрэ улахан оҕоҕо ордук табыллар. Ол иһин элбэх оҕолор өйдөрө-санаалара киһилии суолунан сайдарын ситиһэр кыахтара олус улаатар. 

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ “Оҕону атаахтатыма” диэн үөрэтэр. Оҕо улаатан иһэн көйгө соҕус буола улааттаҕына үлэҕэ-хамнаска үөрэниитэ түргэтээн элбэх туһаны оҥосторо кыаллар.

Элбэх оҕолоох ыаллар улахан барыстарынан улахан оҕолоро улаатан иһэн кыра бырааттарын, балыстарын көрсөрө, кинилэр иитиилэригэр төрөппүттэрин ыйан, көрдөрөн биэриилэринэн быһаччы кыттыһара буолар. Оҕону иитии, көрүү-истии үйэлээх үгэстэрэ төрөппүттэриттэн улахан оҕолоругар үтүктэн үөрэтиллэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ ситиһиллэр.

Кыра оҕолор убайдара, эдьиийдэрэ этэрин халбаҥнаабакка эрэ толорорго үөрэнэллэрэ, кинини үтүктэллэрэ киһилии быһыылаах буола улааталларыгар тириэрдэр. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун көрүү-истии үлэтэ элбэҕиттэн улахан оҕолор туһа киһитэ буола охсон үлэлии үөрэнэллэрэ ордук түргэтиир. Кыра эрдэхтэриттэн үлэһит буола улааталлар.

Оҕону ийэ көрөрүттэн-истэриттэн атаахтатар кыаҕа улахан, онтон улахан убай, эдьиий, аҕа киһи мээнэ атаахтаппат, үтүгүннэрэн бэйэтин курдук үөрэтэр күүһэ улаатар. Элбэх оҕолоох ыаллар кыра оҕолоруттан уратылара атаахтаабакка киһилии быһыылаах буола иитиллэр кыахтара улахан.

“Кыра оҕо атаах буолар” диэн этии элбэх оҕолоох ыаллар кыра оҕолоругар эрэ сыһыаннаах. Бары күүстэрин кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ салайан кэбистэхтэринэ уонна “Кыра оҕоҕо биэриҥ” диэн атаахтатар этиини тутустахтарына, кыра оҕо бэлэмҥэ үөрэнэн хаалара, атаах буолара кырдьык кэлиэн сөп. Бу халыйыыны төрөппүттэр оҕолорун барыларын тэҥник тутан көннөрүөхтэрин сөп.

Оҕону киһилии быһыылаах буолууга, үлэлии үөрэниигэ иитиигэ, үөрэтиигэ элбэх оҕолоох ыал улахан барыстаахтар. (1,46).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.