Эйэ-нэм

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эйэ-нэм диэн холбуу этии эйэни олохтуурга, харыстыырга аналланар.

Тыл киһиэхэ дьайар күүһэ бу тыл ис суолтатыгар уонна иһиллэр дорҕооннорун дьүөрэлэһиилэригэр саһан сылдьарын суруйааччылар таба туһанан истиэхтэн кэрэ айымньылары айаллар. Дьүөрэлэһэр тыллар суолталара кытта сөп түбэһэллэрин таһынан хайдах холбуу иһиллэллэрэ улахан суолтаны ылаллар. Эйэни харыстыырга аналлаах «Эйэ-нэм» диэн этиини сахалар тыл үөрэхтээхтэрэ буккуйуохтарын иннинэ тутталлар этэ.

Бу холбуу этии бастакы тыла ханнык да хос быһаарыыны үөскэппэт киэҥник биллэр тыл. Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыаннаһыыларыгар ордук киэҥник туттуллар буолан, бу тылы таба туһаныы дьонтон барыларыттан эрэйиллэр. Холбуу этии иккис тыла эбиллэн бу бастакы тылы эбии быһааран, күүһүрдэн, тупсаран биэриэхтээх. Эйэ-дьол диэни элбэхтик туттабыт. Биир суолталаах тыллар буоланнар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрэллэрэ ураты үчүгэйдик иһиллэр. Эйэ улааттаҕына дьолго тириэрдэрин бэлиэтиир этиигэ кубулуйан ордук тупсан, киэркэйэн биэрэр.

Саха дьонун кырдьаҕас өттүлэрэ «Эйэ-нэмнээх» диэн этиини элбэхтик тутталлар этэ уонна билигин да итинник этэллэр. Киһи киһиэхэ сыһыана хайдах сайдан барыытын быһаарарга аналлаах бу тыллары суруйааччылар эмиэ киэҥник тутталлара. (1,15).

Сахалар куруук туттар тыллара «Нэмин» билии диэн оҥорор быһыыны таба сыаналаан, сөптөөҕүн көрөн туттуу аата буолар. Нэмин билэн тутун диэн этии кыратык да аһара барбакка, алдьаппакка, сэрэхтээхтик туттуу аата. Тугу барытын оҥорорго сылыктаан, сыыһа туттубакка аналлаах сэрэтэр этии буолар. Бу тыл олоҕо «Нэм» диэн. Нэм диэн сэрэхтээхтик, харыстаан тутун диэн өйдөбүллээх.

Нэмнэрин билсибит диэн бэйэ-бэйэлэрин дириҥник билсибит дьон ааттара. «Нэмий» - Тугу эмэ улам кыах ылан, улам иһигэр киирэн оҥор диэн өйдөбүллээх. (2,123).

Кут-сүр үөрэх кыһата «Туймаада саҥата» хаһыакка «Нэм» диэн тыл киһи киһиэхэ сыһыанын үөскэтэргэ ураты суолталааҕын быһаарар. Киһи киһиэхэ сыһыана нэмҥэ эрэ олоҕуран үөскүүрүн арыйар. (3,21).

Эйэ-нэмнээх диэн икки тылтан үөскээбит холбуу этии. Иккиэн биир суолталаах тыллар холбуу этилиннэхтэринэ иккис тыл суолтата эбиллэн биэрэриттэн бу этии өссө күүһүрэр, суолтата улаатар.

Холбуу этиигэ киирсэр тыллар суолталара бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэт түбэлтэлэригэр бастакы тыл суолтата түһэр, намтыыр. Эйэ-дэҥ диэн хаһан да эппэппит. Сатаммат. Өйдөбүллэрэ сөп түбэспэттэр. Бэйэ-бэйэлэрин суолталарын утарса сылдьаллар. Эйэ холбуур оҥорор, онтон дэҥ – бааһырдар, алдьатар. Иһиллэр дорҕоонноро эмиэ кыайан дьүөрэлэспэттэр.

Билигин Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар бу «Эйэ-нэмнээх» диэн этиини уларытаннар «Эйэ-дэмнээх» диэни туттуҥ дииллэр. «Нэм» диэн тылы «Дэм» диэҥҥэ тэҥнээн кэбиспиттэрин билигин дьон бары тутта сатыы сылдьаллар, эйэбитин алдьаталлар. Дэҥ диэн тылтан "дэм" диэн тыл үөскээбит. Тыл үөрэхтээхтэрин бу улахан сыыһаларын көннөрүү эрэйиллэр.

Эйэҕэ сыһыаннаан холбуу тылы туттуу эйэбит хайдах сайдан иһэрин түстүөхтээх. Бу холбуу этии билигин биһиги эйэҕэ хайдах сыһыаннаһарбытын көрдөрө сылдьар. Билигин саха дьонугар эйэтэ суох буолуу ордук дэлэйдэ, тэнийээри гынна диэн этэллэр. Эйэ дьыалата мөлтөөһүнүгэр биһиги эйэҕэ хайдах сыһыаннаһарбыт, эйэбитин туох диэн ааттыырбыт ордук улахан оруолу ылар.

Эйэбитин кытта холбуу туттуҥ диэн этэр тыллара «Дэм» киһиргэс буолууну эмиэ бэлиэтиир. Табылын булбаты, сыыһа-халты туттууну көрдөрөр тыл буолар. Бу тыл эйэни кытта букатын да холбуу туттуллуо суохтаах. Эйэбитин ордук алдьаныы өттүгэр үтүрүйэр. Эйэҕэ сэрэхтээхтик, харысхаллаахтык нэмин билэн сыһыаннаһар ордук буолуохтааҕын суох оҥорор.

«Дэм» диэн тыл тылдьыкка киирбит суолталара манныктар:

«Дэм» - Туох эмэ табыла, туохха эмэ ордук табыллар кээмэйэ, балаһыанньата (сүнньүнэн тардыы форматыгар туттуллар). Дэмэ биллибэт. Дэмин ылбаппын. Быһаҕы охсобун даҕаны хатарыытыгар дэмин ылбаппын. Кэмнээбэккэ эрэ быстаххына дэмин ылыаҥ суоҕа.

«Дэм» - Син оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээһин. Күүстээҕин да иһин сүүрбэ бууттаах оҕуһу көтөхпүтүм диирэ дэм ини.

«Дэмнээ» - Тугу эмэ эбии улаатыннаран биэр (хол., туох эмэ алдьанан эрэрин). Хайдаары сылдьыбытын дэмнээтим быһыылаах. Туох эмэ оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээ. Олус дэмнээн кэпсээтиҥ.

Дэм диэн тыл төһө эмэ элбэх суолтатын хомуйан баран сыаналаан көрдөххө бу тыл туох эмэ табылын булбаты, алдьатары бэлиэтиирин таба сыаналыы иликпит. Соччо үчүгэйэ суох суолталаах, киһиргэтэр өйдөбүллээх тылы эйэбитин кытта холбуу сатыыбыт. Эйэ диэн тылы кытта дорҕоонноро эмиэ дэҥ диэн тыл курдук аанньа дьүөрэлэспэттэр, утарыта охсуулаахтар.

Тылдьыппыт ыйыытынан салайтараммыт маннык суруйуохтаахпыт: «Эйэ-дэмнээх» - эйэни кэспэт, иирээнэ суох. Эйэ-дэмнээх кэпсэтии. (2,59). Эйэбитин дэмнээн кэбиһэбит, ордук күүскэ харыстаан биэрэрбит оннугар, күүркэтэн, дэбдэтэн өссө ыһабыт. Бу тылларбыт холбуу этилиннэхтэринэ эйэбитигэр туох да туһаны, үчүгэйи аҕалбаттар. Дэм күүркэтэр, алдьатар суолтата эйэбитин мөлтөтө, сахсата сылдьар.

«Дэм» уонна «Нэм» диэн тылларбыт суолталарын булан тэҥнээн көрдөхпүтүнэ тылларбыт букатын даҕаны сөп түбэспэт өссө утарыта турар суолталаахтара биллэн тахсар.

Эйэни харыстыырга, ордук сыаналыыр, сэрэхтээхтик сыһыаннаһар буоларга бу «Нэм» диэн тыл туттуллар. Сахалыы санаан көрдөххө баар эйэбитин ордук көрөн-истэн биэбэйдээн, бары өттүттэн сөбүлэһэн, нэмин билэн сыаналаан харыстыырга ордук ыҥырар суолталанар. Нэм эйэни харыстыыр суолталаах буолан ордук көмүскүүр, күүһүрдэр. Эйэҕэ сэрэхтээхтик харыстаан сыһыаннаһары эрэйэр, көрдүүр.

Нэм диэн тыл эйэни кытта бииргэ дьүөрэлэһэн туттуллара суолтатын өссө дириҥэтэр. Эйэ ордук харыстаныллыахтааҕын, эйэҕэ олус сэрэнэн, сыаналаан, нэмин билэн сыһыаннаһыы наадалааҕын дьоҥҥо тириэрдэр.

Эйэ диэн тылы кытта нэм диэн тылбыт эрэ холбуу туттуллар аналлаах. Эйэни харыстыахха, нэмин билэн, аһара туттубакка, сымнаҕастык сыһыаннаһыыга ыҥырар буолан эйэни бөҕөргөтөр аналлаах. Саха дьоно эйэлээх олоххо дьулуһабыт. Эйэбитигэр эбэн үтүө тылы «Нэм» диэни эбиискэ туттарбыт ордук. Киһи киһиэхэ, омук омукка сыһыана «Эйэ-нэмнээх» буоллаҕына, ордук бөҕө, уһун үйэлээх, бэйэ-бэйэни ытыктаһыыга олоҕурар буолар, эйэбит ордук бөҕөргүүр, күүһүрэр. (4,39).

Туһаныллыбыт литература

1. В.А.Протодьяконов. Киһини итэҕэйэр буоллахха: Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1982.- 296 с.

2. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

3. «Туймаада саҥата» хаһыат. 28.09.2001. N 37.

4. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.