Эбилгэ (Бүрээтийэҕэ оройуон киинэ)
Эбилгэ (куорат тииптээх бөһүөлэк), Эбилгэ оройуонун уонна Эбилгэ тыа сэлиэнньэтин киинэ. Олохтоохторун ахсаана — 7382[1] киһи (2010).
Географията
Эбилгэ хочотун ортотугар Кяхта федераллыы суолталаах А340 тыраагар сытар. Сэлиэнньэ хочо соҕуруу өттүгэр баар. Сирин ньуура — куйаар хаптала, Эбилгэ өрүс диэки кыратык иҥнэри. Сэлиэнньэ соҕуруу кырыытыгар Баян-Тогод диэн хайа турар (710 м).
Устуоруйата
Эбилгэ хочотунан былыргаттан араас моҕуол биистэрэ сылдьаллара. XVIII үйэ саҕаланыытыгар Байкаал арҕаа өттүттэн кэлбит эхирииттэр уонна булагааттар олохсуйбуттара. Үһүйээн быһыытынан олохсуйбут сирдэрин Эбилгэтэ (өҥ сир) диэн ааттаабыттар, кэлин бу аат нуучча докумуоннарын сабыдыалынан Эбилгэ́, Ивалга́, Иволга́ диэн ааттанар буолбут.
XX үйэ саҥатыгар билиҥҥи Эбилгэ сэлиэнньэтин оннугар Мангазай уонна Боро-Губээ диэн бүрээт улуустара бааллара. 1940 сыллаахха Мангазай улууска Эбилгэ оройуонун киинэ Саянтуй сэлиэнньэтиттэн көспүт, онон ситимнээн сэлиэнньэ Эбилгэ (Иволгинскай) диэн ааттаммыта.
1951—1959 сыллардаахха Бүрээт тыа хаһаайыстыбатын техникумун Иволгатааҕы үөрэтэр-уопуттуур хаһаайыстыбата (ОПХ) баар этэ. 1959 сыл кулун тутар 3 күнүгэр оҕуруот аһын уонна үүтү оҥорон таһаарар «Иволгинскай» сопхуос үөскээбитэ[2].
1973 сыл кулун тутар 22 оробуочай бөһүөлэк ыстаатыһа иҥэриллибитэ[3].
1991 сыл алтынньы 4 күнүгэр тыа сэлиэнньэлээх пууна буолбута[3].
Үөрэх
- Бүрээт өрөспүүбүлүкэтээҕи агротехническэй техникума (БРАТТ)
- Забайкалье норуоттарын ускуустубаларын лиссиэйэ
- Орто оскуола
- Оҕо ускуустубатын оскуолата
- Киэһээҥҥи оскуола
- Оҕо-ыччат спордун оскуолата
Култуура
- Үөһээ Эбилгэ диэн сэлиэнньэҕэ баар.
- Баян-Тогод (Баай павлин) — бөһүөлэк соҕуруу кырыытыгар турар ытык хайа. Айылҕа уонна археология бэлиэ сирэ.
Быһаарыылар
- ↑ Итоги Всероссийская перепись населения 2010 года. 5. Численность населения России, федеральных округов, субъектов Российской Федерации, районов, городских населённых пунктов, сельских населённых пунктов – районных центров и сельских населённых пунктов с населением 3 тысячи человек и более. Проверено 14 ноября 2013. Архивировано из первоисточника 14 ноября 2013.
- ↑ Путеводитель по фондам Национального архива Республики Бурятия 1917-2007 гг. Улан-Удэ, 2008. стр. 236
- ↑ 3,0 3,1 Численность населения Республики Бурятия в разрезе районов (погрешность 50 человек). Тургутулунна 25 Олунньу 2015. Төрүт сириттэн архыыптанна 25 Олунньу 2015.