Шуранкуль күөл
Шуранкуль' (башк. Шуранкүл) - Челябинскай уобалас, Красноармейскай оройуонугар баар күөл. Күөл иэнэ - 0,8 кб.км., уутун мунньар бассейына - 12,3 кб.км. Күөл, бэйэтин курдук ааттаах дэриэбинэ аттыгар , муора таһыммыттан 106,2 м.үрдүккэ, ойуур, Чертово диэн ааттаах куталаах сир, Травное, Страшное уонна Лебяжье диэн күөллэр быыстарыгар баар. Басказык өрүс бассейыныгар киирсэр. Челябинскайга диэри 75 км. Челябинскай кииниттэн Шуранкуль күөлгэ диэри, быһа холоон, 240-250 км. Сибирскэй трактынан, Каменск-Уральскайы уонна Катайскайы нөҥүө бардахха - 240 км., онтон Челябинскай трактынан, Сысерьтынан, Кунашагынан, Муслюмовонан, Бродокалмагынан бардахха - 250 км. Күөл дьоҕус соҕус (0,8 кб.км.) төгүрүк моһуоннаах, чычаас уулаах, уутун дьэҥкирэ 0,5 м. кэриҥэ, түгэҕэ туой састааптаах. Кытылын диэки, түгэҕэ туойа көбөр буолан уута өлбөөркөй өҥнөөх. Уутун састааба элбэх минераллардаах буолан, дэриэбинэ олохтоохторо этэллэринэн, күөл уута эмтээх, доруобуйаны бөҕөргөтөргө туһалаах, күөлгэ сөтүөлээһин, сүһүөхтэр, тоноҕос, сүрэх, тымырдар ыарыыларыгар көмөлөһөр уонна ньиэрбинэй систиэмэни уоскутар, иммунитеты күүһүрдэр. Ол курдук, олохтоох медицинаҕа араас ыарыылары эмтииргэ уонна сүһүрүүнү бохсорго тутталлар. Күөл түгэҕин туойа, эмиэ, эмтээҕинэн биллэр. Челябинскай уобалас геограба уонна топонимиһа Н.И.Шувалов, күөл аатын маннык быһаарар: "Шуранкуль Красноармейскай оройуоҥҥа баар күөл. Бу күөл тула, былыр табынецтар диэн башкир ууһуттан төрүттээх шуран диэн ыалынан аймахтыы бөлөх олорбут, күөл ол бөлөх аатынан ааттаммыт. Онтон, бөлөх, Шуран - былыргы башкир эр киһи аатын ылыммыт". Куль - күөл диэн.