Шиллинг
Шиллинг (schilling, scilling, scylling, shilling) — Арҕаа Европа сорох дойдуларын манньыаттарын уопсай аата; XX үйэҕэ кэккэ дойдулар харчылара. Бу тылтан былыргы нуучча манньыаттарын ааттара («шелег» уонна «склязь») үөскээбиттэр.
Солид ниэмэс тылыгар чугаһытыллыбыт аата. Бастаан 12 денарийга тэҥнэһэр харчы этэ. Манньыат быһыытынан Германияҕа XIV үйэттэн, Данияҕа уонна Нидерландыга — XV, Англияҕа — XVI үйэлэртэн саҕалаан быһыллыбыта.
XIV үйэҕэ Германияҕа быһыллыбыт 1 шиллинг манньыат 1,39 г үрүҥ көмүс ыйааһыннаах этэ.
Вюртемберга шиллины быһыы 13 сыллаах сэрии кэннэ тохтотуллубута, Вюрцбурга — 1803 сыллаахха, Любекка — 1789, Гамбурга — 1855.
XVII—XIX үйэлэргэ кратнай шиллинг быһыллара: 32, 16, 12, 8 уонна 4 шиллинг.
1559—1810 сыллардаахха 2 уонна 1/2 кыра пробалаах үрүҥ көмүс бранденбургско-прусскай манньыаттар быһыллыбыттара, ол кэннэ биллонтан уонна 1790 сылтан — алтантан.
Англияҕа аан бастаан шиллинг манньыаттарын Генрих VII король 1502 сыллаахха быстарбыта, ол кэмҥэ манньыат тестон диэн ааттанара. Манньыат бэйэтин бүтэһик аатын Эдуард VI ыраахтааҕылыыр кэмигэр ылбыта.
Шиллинг Англия харчытын эргииригэр 1971 сылга дылы баар этэ. Ону кытары 2 шиллинг манньыаттар быһыллар этилэр: бастаан үрүҥ көмүстэн, 1947 сылтан — алтан-никель буккаастаах (2 шиллинг манньыаты флорин диэн ааттыы сылдьыбыттара).
Сомалиленд, Танзания уонна Уганда.
Өссө маны көр
Сигэлэр
- Шиллинг, монета // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона: В 86 томах (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907.
Билэ:Noto Emoji Lollipop 1f4b1.svg | Бу үпкэ-харчыга туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |