Шадрин Иван Петрович (Арҕаа Хаҥалас)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Шадрин Иван Петрович (1870—1952) — Арҕаа Хаҥалас Хахсыт нэһилиэгин (билиҥҥитэ Төхтүр сирэ) киһитэ, эргиэмсик, хоһоонньут, Сахалар 1912 сыллааҕы сийиэстэрин кыттыылааҕа.

Үөрэхтээх, икки тылынан дэгиттэр суруйар киһи эбит. Буотама тоҥустарын түүлээхтэринэн эргинэр, Дьокуускайга уунан мас уһааран аҕалан атыылыыр эбит.

Кыралаан хоһоон уонна кэпсээн суруйар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөйдүүн чугастыы буола сылдьыбыттар. 1929 сыллаахха Алампа балыырга түбэһэн көскө ыытыллыбытыгар «Алампаҕа» диэн ааттаах, үтүө тыллардаах өйөбүл хоһоон суруйбут. Күтүөтэ Адам Скрябин кини ылларыгар хас да ырыаны суруйбута.

Кулаак оҥоһуллубута биллэр, улахан репрессияҕа түбэспэтэх[1]. Дойдутугар Хахсыкка үйэтин моҥообут.

Быһаарыылар

  1. Слепцов Н. М. Сэдэх хаартыска туһунан. Күрүлгэн. 2012