Четин Алтан
Четин Алтан | |
---|---|
туур. Çetin Altan | |
Төрөөбүт күнэ | 22 бэс ыйын 1927[1] |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ-дьыла | 22 алтынньы 2015 (88 сааһыгар) |
Өлбүт сирэ | |
Гражданство (подданство) | |
Идэтэ | бэлиитик, суруйааччы, суруналыыс |
Айымньыларын тыла | Түрк тыла[2] |
Наҕараадалара | |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Четин Алтан (туур. Çetin Altan; 22.06.1927 — 22.10.2015) — турок суруйааччыта, суруналыыс уонна бэлиитик.
Олоҕун кэпсээнэ
Аҕата Халит адвокат үөрэхтээх. Ийэтэ Нурхаят крым төрүттээх. Сэттэ сааһыгар диэри Алтан диэн ааттаах эбит. 1934 сыллаахха Турцияҕа араспаанньа туһунан сокуон тахсыбыт, онон урукку өттүгэр арспаанньата суох аймах уонна ыал ааспаанньалаах буоларга күһэллибит. Четин Алтан дьоно Алтан диэн буолбуттар, онон уол аата мантан ыла Четин диэн буолбут[3].
Аҕыс саастааҕар Галатасарайскай лицейгэ үөрэнэ киирбит, ол эрэн кэлин бэйэтэ этэринэн ити кэмҥэ олус соҕотохсуйар эбит. Ол кэннэ Анкара университетыгар юридическай факультеты бүтэрбит[3]. Университет кэннэ айар үлэнэн анаан дьарыктанар буолбут. Суруйааччы кэлин бэйэтэ ахтарынан, соҕотохсуйууттан куотаары суруйааччы суолун талбыт эбит[3].
Поэмалара уонна кэпсээннэрэ «Çınaraltı», «Varlık», «İstanbul», «Kaynak» таһаарыыларга киирбиттэр. Бастакы кинигэтэ «Üçüncü Mevki» 1946 сыллаахха күн сирин көрбүт. Суруналыыс быһыытынан «Halkçı», «Tan», «Akşam», «Milliyet», «Yeni Ortam», «Hürriyet», «Güneş» уонна «Çarşaf» хаһыаттарга анал колонкалары салайан үлэлэппит[3].
1959 сыллаахха Абди Ипекчи көрдөһүүтүнэн «Milliyet» хаһыакка анал колонканы салайбыт.
Турцияҕа 1960 сыллаахха буолбут быһыы-майгы кэннэ, бэлиитикэнэн дьарыктанар буолбут. 1965 сыллаахха Турция үлэһит партиятыттан Улуу национальнай мунньах чилиэнинэн талыллыбыт[3].
Кыһыл тылынан бэркэ биллэр эбит. Суруйар ыстатыйаларын иһин 300-тэн тахса төгүл суукка үҥсүү түһэрбиттэр, үс төгүл тутуллубут уонна икки төгүл хаайыыга олоро сылдьыбыт[3]. Сулейман Демирель сиэрдээх Партиятын депутаттара оннооҕор кырбаан тураллар эбит.
2015 сыл балаҕан ыйыгар доруобуйата эмискэ мөлтөөн балыыһаҕа киирбит. Четин Алтан 2015 сыл алтынньы 22 күнүгэр өлбүт[4][5].
Тус олоҕо
Бастакы кэргэнэ Кериме, Ирактан төрүттээх эбит[6][7]. Кериметтэн үс оҕолоох: Алтан Ахмет (1950), Алтан Мехмет (1953) уонна Зейнеп (1991 сыллаахха өлбүт)[6].
1969 сыллаахха Четин Алтан иккиһин кэргэннэммит. Солмаз Камуран киниэхэ редактор буолбут[8]. Четин Алтан өлүөн иннинэ арахсыбыттар[9].
Айар үлэтэ
Бэйэтин үлэлэригэр Турция ол кэминээҕи социальнай-политическай туругун туһунан сытыытык суруйар эбит. Кини үгүс айымньылара бэйэтин олоҕун кытта ыкса ситимнээхтэр.
Кини хас да айымньыта француз тылыгар тылбаастаммыт[10].
Примечания
- Bibliothèque nationale de France Çetin Altan // Autorités BnF (фр.): اوپن ڈیٹا پلیٹ فارم, платформа відкритих даних, платформа открытых данных, plateforme de données ouvertes, piattaforma di dati aperti, Opendata-Plattform, otevřená data platforma, åben-data-platform, տվյալների բաց շտեմարան, platforma za odprte podatke, plataforma de datos abierta, plataforma de dados aberta, платформа адкрытых даных, платформа на отворените данни, platforma otwartych danych, ашық деректер платформасы, ачык маалыматтарды платформа, açıq məlumat platforması, ochiq ma'lumotlar platforma, açık verilerin platformu, платформа отвореног података, platforma otvorenih podataka, platforma otvorenog podataka, platforma otvorených údajov, πλατφόρμα ανοικτών δεδομένων, platformu atklātā datu, platforma atvira duomenų, platvormi avatud andmete, avoimen datan foorumi, nyílt adatok platformja, პლატფორმა ღია მონაცემები, платформа за отворени податоци, нээлттэй мэдээллийн тавцан, platformă de date deschise, platformo de malferma datumoj, open data platform, плятформа адкрытых зьвестак, Усьтэм даннойёслэн платформазы, асыҡ мәғлүмәт платформаһы, açıq malümat platforması, açıq malümat platforması, ачык малюмат платформасы, öppen dataplattform, платформаи додаҳои боз, ачык кӧргӱзӱлердиҥ платформазы, гом бæрæггæнæнты платформæ — 2011.
- Bibliothèque nationale de France Autorités BnF (фр.): اوپن ڈیٹا پلیٹ فارم, платформа відкритих даних, платформа открытых данных, plateforme de données ouvertes, piattaforma di dati aperti, Opendata-Plattform, otevřená data platforma, åben-data-platform, տվյալների բաց շտեմարան, platforma za odprte podatke, plataforma de datos abierta, plataforma de dados aberta, платформа адкрытых даных, платформа на отворените данни, platforma otwartych danych, ашық деректер платформасы, ачык маалыматтарды платформа, açıq məlumat platforması, ochiq ma'lumotlar platforma, açık verilerin platformu, платформа отвореног података, platforma otvorenih podataka, platforma otvorenog podataka, platforma otvorených údajov, πλατφόρμα ανοικτών δεδομένων, platformu atklātā datu, platforma atvira duomenų, platvormi avatud andmete, avoimen datan foorumi, nyílt adatok platformja, პლატფორმა ღია მონაცემები, платформа за отворени податоци, нээлттэй мэдээллийн тавцан, platformă de date deschise, platformo de malferma datumoj, open data platform, плятформа адкрытых зьвестак, Усьтэм даннойёслэн платформазы, асыҡ мәғлүмәт платформаһы, açıq malümat platforması, açıq malümat platforması, ачык малюмат платформасы, öppen dataplattform, платформаи додаҳои боз, ачык кӧргӱзӱлердиҥ платформазы, гом бæрæггæнæнты платформæ — 2011.
- ↑ Hürriyet. http://www.hurriyet.com.tr/o-ulkeyi-goremedi-40004772. Retrieved on 2015-10-23.
- ↑ "Renowned Turkish columnist Cetin Altan dies". Anadolu Agency. http://www.aa.com.tr/en/turkey/renowned-turkish-columnist-cetin-altan-dies/451724. Retrieved on 2015-10-22.
- Hürriyet. 2015-10-22. http://www.hurriyet.com.tr/cetin-altan-hayatini-kaybetti-40004551. Retrieved on 2015-10-23.
- ↑ Milliyet. 2008-09-11. http://www.milliyet.com.tr/bir-aydinin-yol-hikayesi-kitap-989556/. Retrieved on 2015-10-26.
- ↑ Çiçek, Nevzat (2014-08-17). "Irak Cumhurbaşkanı Fuat Masum bakın hangi yazarın akrabası" (in Turkish). Timeturk. http://www.timeturk.com/tr/2014/08/17/irak-cumhurbaskani-fuat-masum-bakin-hangi-yazarin-akrabasi.html. Retrieved on 2015-10-26.
- Yeni Şafak. http://www.yenisafak.com/yenisafakpazar/iliski-kurmak-kolay-asik-olmak-zor-486507. Retrieved on 2015-10-26.
- ↑ "Hayat arkadaşı evi terk etti! Çetin Altan'a kim bakıyor?" (in Turkish). Gazeteciler. 2015-03-23. Archived from the original on 2015-06-04. https://web.archive.org/web/20150604042548/http://www.gazeteciler.com/kulis/hayat-arkadasi-evi-terk-etti-cetin-altana-kim-bakiyor-86013h.html. Retrieved on 2015-10-26.
- ↑ Altan, Cetin(фр.). Librairie Compagnie. Тургутулунна 27 Алтынньы 2015.
Цитата сыыһата: Бу <references>
туттар маннык <ref>
"h4" диэн тиэгэ бу иннинээҕи тиэкискэ туттуллубат эбит.
- Страницы с ошибками в примечаниях
- Родившиеся 22 бэс ыйын
- Родившиеся в 1927 сыллаахха
- Умершие 22 алтынньы
- Умершие в 2015 сыллаахха
- Дьон алпабыытынан
- Суруйааччылар
- Статьи о писателях без ссылки на Викитеку
- Турок суруйааччылара
- Туроктар
- Бэс ыйын 22 күнүгэр төрөөбүттэр
- Алтынньы 22 күнүгэр өлбүттэр
- 1927 сыллаахха төрөөбүттэр
- 2015 сыллаахха өлбүттэр