Чекановскай Александр Лаврентьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чекановскай Александр Лаврентьевич

Чекановскай А.Л. 1833 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт, нуучча геолога, палеонтолог, Сибиири чинчийээччи.

Быраас дипломун Тарту университетыгар киирбит. 1863-1864 сыллардааҕы Поляктар бастаанньаларыгар кыттыытын иһин тутуллар, хаайыыттан күрээһинин иһин 6 сылга Сибиир хаатыргаҕа ыытыллар. Сатыы Киевтан Тобольскайга баран иһэн энтомолгическэй коллекцияны хомуйар. Братскай остуруогар кинини Ф. Шмидт булан Иркутскайга Арассыыйа географиятын уопсастыбатые Сиббирдээҕи салаатыгар үлэҕэ көһөрөр. Манна үлэлиир кэмигэр Чекановскай геологияҕа сыһыаннаах чиничийиилэри ыытар - Иркутскай губерния соҕуруу өттүн чинчийэр, Байкаал таһыгар Приморскай хребеты уонна Онот үрдэлин туһунан суруйар.

1873-1875 сс. Аллараа Тунгуска таһын үөрэтэр, бу сир туһунан бастакыннан дьиҥнээх геология сибидиэнньэлэрин хомуйар. Өлөөн өрүһү, Өлүөнэ аллараа сүүрээнин уонна кинилэр ыккардыларынааҕы хайаны суруйар. Экспедиция сүрүн түмүгэ - Орто Сибиирдээҕи хаптал хайаны арыйыы уонна Аллараа Тунгусканы 1,9 тыһ. км тухары ойуулааһын. Бу өрүскэ Чекановскай таас чоҕу уонна графиты булар. Чекановскай сылдьыбыт сирин уопсай уһуна 27 тыһ. км буолбут. Кини оҥорбут сүүс биэрэстэ масштаабтаах каарталара (Өлүөнэ, Өлөөн, Аллараа Тунгуска өрүстэр) өр сылларга Орто Сибииргэ соҕотох этилэр.

1875 с. амнистияламмыта. Петербурга бэйэтин географияҕа, геологияҕа уонна палеонтологияҕа хомуйбут матырыйаалларын ырыппыта. Ботаникаҕа уонна зоологияҕа хомуурдара хас да учуонай үлэлэригэр ырытыллыбыттара. Чекановскай аатынан Өлүөнэ уонна Өлөөн өрүстэр ыккардыларынааҕы хайа (кряж) уонна сорох хостонор үүнээйилэр ааттаммыттара.

Өлбүт сыла - 1876.