Чекановскай Александр

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чекановскай Александр Лаврентьевич

Чекановскай Александр Лаврентьевич (1833—1876) — көскө сылдьыбыт геолог.

1833 сыл олунньу 13 күнүгэр Волынь губерниятыгар төрөөбүтэ.

Тарту) университетыгар үөрэммитэ.

1863 сыллаахха поляктар өрө турууларыгар кыттыбыта. Ол түмүгэр Сибииргэ көскө ыытыллыбыта.

Көскө сылдьан сир оҥоруутунан дьарыктаммыта уонна геологияны үөрэппитэ.

1868 сыллаахха Наукалар Академята көрдөһөн Иркутскайгэ олохсуйбута. Онно олорон География уопсастыбатын Сибиирдээҕи салаатын геология үлэлэрин ыыппыта.

18731875 сылларга География уобсастыба сорудаҕынан Аллараа Тунгуска, Өлөөн уонна Өлүөнэ өрүс алын тардыытыгар экспедицияны тэрийэн сылдьыбыта.

1876 сыллаахха экспедиция матарыйааларын чинчийэргэ Петербург куоракка кэлэ сылдьарыгар көҥүл ылбыта.

1876 сыл алтынньы 30 күнүгэр меланхолялыы сылдьан бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ.

Өссө маны көр

  • Обручев В. А. А. Л. Чекановский. — Избранные труды. М., Наука, 1968.

Ылыллыбыт сирэ

  • Энциклопедия Якутии. Якутск, 2000.