Хотугу Сардаҥа
Хотугу Сардаҥа / Северная Заря — Өймөкөөн улууһун хаһыата. Бастакы нүөмэрэ 1945 сыллаахха ыам ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт.
Бастаан икки тылынан тахсар эбит, онтон 60-с сыллар ортолоруттан нууччалыы эрэ тахсар буолбут. Онтон суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Сергей Егоров туруорсуутунан 1991 сыл бэс ыйын 29 күнүттэн хат сахалыы тахсар буолбут[1]
2015 сыллаахха "Золотой фонд прессы" диэн Арассыыйа бириэмийэтин лауреата буолбут[2].