Холкуос

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Холкуос (нууч. Колхо́з — коллективное хозяйство) — Сэбиэскэй Сойуус тыаларыгар баар буола сылдьыбыт тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэ көрүҥэ. Сир, үлэ тэриллэрэ, сүөһү, уонна да атын үп холкуоска холбоон бас билиигэ сылдьара, уонна тэрилтэни холкуоска киирэр дьон бэйэлэрэ салайаллара, үлэ түмүгүн холкуостаахтар бэйэлэрэ түҥэттэллэрэ. Маны тэҥэ балыктыыр холкуостар бааллара.