Хобо ыаҕайа — сэлэ симииргэ, салама ыйыырга аналлаах, оҕо оонньуура буолар хобо саҕа эбэтэр онтон эрэ улахан иһит. Сиэлинэн, өҥнөөх кырадаһыннарынан симииллэр. Саҥа тигэргэ үөрэнэр кыргыттар үлэлэрэ буолар үһү[1].