Хемчик өрүс
Хемчик өрүс
Хемчик (тув. Хемчик) - Енисей өрүс бассейыныгар киирэр, Тыва Өрөспүүбүлүкэтигэр баар өрүс. Өрүс уһуна - 320 км. Алтай Өрөспүүбүлүкэтин кытта кыраныыссаҕа турар Шапшальскай кэлимсэ хайа ситимигэр киирэр Козер хайа илин сирэйигэр баар чыпчаалтан, 3122 м.үрдүктэн саҕаланар. Өрүс барыта Тыва сиригэр сытар. Икки хайа икки ардынан устар - Арҕааҥҥы Саян хотугу өттүнэн уонна Арҕааҥҥы Танну-Ола хайа соҕуруу өттүнэн, кинилэртэн түһэр уулары барытын хомуйан ааһар. Аллараа диэки өттүгэр, Хемчик хотоолугар сөҥүү түспэтиттэн, киирэр уу олох аҕыйах. Бары саҕаланар сирдэрэ уонна салаалара, ууну үрдүк хайалартан ылаллар. Онон, өрүс ситимэ, Хемчик котловинатыгар нүөлсүтүүгэ киэҥник туттуллар. Өрүс элбэх сиринэн үөһээттэн түһэр уулардаах уонна таас харгыстардаах буолан, ууга устар тэриллэр айанныыр кыахтара суох. Хотоол синньигэс эрээри, туруору кытыллардаах, сүнньүгэр элбэх улахан таастардаах. Хемчик хотоолугар көнө сиринэн устар майгылаах өрүс буолар. Сүүрүгэ бытаарар. Былыргы Ийме кэнниттэн эмиэ, хайа өрүһүн майгытын ылынар уонна Хемчик кэлимсэ ситимин хайаларыгар тиийэр. Манна хотоол синньигэс, туруору ойоҕостордоох. Бүтэһик кэрчигэ - Хемчик каньона. Каньон, Үөһээ Енисей, Саяно-Шушенскай водохранилищетынан тимирдиллибит Саян каньоныгар сыстар. Өрүскэ киирэр салаалара: Малый Хемчик, Чон-Хем(уҥа), Чинге-Хем(уҥа), Чиндозын(хаҥас), улахан, уҥа Барлык, үксүн сири нүөлсүтүүгэ туттуллар, улахан, хаҥас Алаш, Чыркагы(уҥа), сүрүн, хаҥас Ак-Суг, Кара-Суг уонна улахан Чадан(уҥа), уонна Алды-Ишкин(хаҥас). Өрүс бассейыныгар ойуур, үөһээ дьаарыска, үксүн бассейн хотугулуу-арҕаа өттүгэр үүнэр. Хемчик хотоолугар үүнээйи, өрүс саҕаланыытыгар эрэ баар. Салгыы өрүс сүнньүн бата эрэ, синньигэс балаһанан тополь чараҥнара бааллар. Ойуурдарыгар үксүн тиит мас уонна тополь үүнэллэр. Өрүс кытылын бата элбэх талахтар үүнэллэр. Хемчик котловинатыгар өрүс, үүнээйитэ да, ойуура да суох, кураанах кэриэтэ сиринэн устан ааһар. Хемчик, атыттарга холоотоххо дьоҕус үрэх. Өрүс тайыыр сиригэр сылга ортотунан, 125 мм.сөҥүү түһэр. Онон, өрүс аллараа бассейыныгар Хемчик хотоолугар уу аҕыйах буолар. Өрүс сир аннынааҕы уулартан, эмиэ, эбинэр. Сайын бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри халаанныыр. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%A5%D0%B5%D0%BC%D1%87%D0%B8%D0%BA http://svyato.info/respublika-tyva/ak-dovurak-respublika-tyva/4534-reka-khemchik.html