Харачаас
Харачаас (лат. Rússula adústa, нууч. Подгруздок черный) — сиэниллэр тэллэй.
Оҥоһуутун ойуулааһын
Сэлээппэтэ бастаан кирдээх бороҥ, кэлин күрэҥнини бороҥ, ситтэҕинэ хараҥа бороҥ, сыстаҥнас, томтоҕордуҥу лаппаҕар, кэлин ортотунан кимистигэстэнэн боруоҥка курдук буолар, кэтитэ 15 см тиийэр.
Сэлээппэтин алын ѳттѳ бастаан үрүҥ, кэлин болоорхой, ыга баттаатахха хараарар, атаҕын устун кыратык аллара түhэр таҥалайдардаах.
Хайа туттахха этэ тэтэркэй бороҥ, салгыҥҥа ѳҥѳ уларыйбат, симэhинэ суох, минньигэс саахар амтаннаах.
Атаҕа сэлээппэтин ѳҥүн курдук эбэтэр арыый сырдык, бѳкүнүк, иhэ бүтэй, түүтэ суох, ыга туттахха хараарар.
Споратын ѳҥѳ бороҥ.[1]
Yүнэр кэмэ
Атырдьах ыйыттан күhүҥҥэ диэри баар буолар.
Yүнэр сирэ
Сүнньүнэн мутукчалаах ойуурга үүнэр, ордук бэс ойууру сѳбүлүүр. Саха сиригэр бэс үүнэр оройуоннарыгар кѳстѳр. Бѳлѳхтѳѳн соччо элбэҕэ суохтук үүнэр.
Аска туттуу
Балачча минньигэс амтаннаах тэллэй. Тууhанар эрэ. Тууhаммыт тэллэй ѳҥѳ хара буолар.
Атын маарыннаhар сүлүhүннээх да, сиэммэт да тэллэйэ суох.
Быһаарыылар
- ↑ Саха сирин тэллэйдэрэ. Г. С. Угаров, Дьокуускай, Бичик, 1980