Филолог күнэ
Филолог күнэ — филология туһугар олохторун анаабыт дьон бырааһынньыктара. Арассыыйаҕа бырааһынньыгы ыам ый 25 күнүгэр славяннар суруктарын уонна култууруларын күннэрин кэннэ бэлиэтииллэр. Бу күн лингвистэри, литературоведтары, тылы уонна литэрэтиирэни үөрэтэр учууталлары, бибилэтиэкэрдэри уонна филолог үөрэхтээх бары дьону түмэр.
Филология (был.-гириэк. φιλολογία, «тылга таптал») — дисциплиналар (лингвистика, литературоведение, текстология уонна д.а.) бөлөхтөрүн аата, сурук тиэкистэри чинчийэр, стилистическай, тыл уонна ис хоһоон анализтартан олохсуйан омук устуоруйатын уонна култуура ис дьиҥин чинчийэр.
Филология устуоруйата
Европаҕа филология билим курдук XVII үйэҕэ баар буолбут. Иннинээҕи билим аата философия. Өссө III б. э. инн. ү. Грецияҕа уонна Былыргы Индияҕа тиэкистэргэ бастакы ырытыылар баар буолбуттар. «Филология» диэн тыл М. В. Ломоносов үлэлэрин саҕылаабыйаларыгар үстэ көрсүһэр: 7 уонна 9 туомҥа уонна биирдэ "Кылгас уус тылга ыйыы" диэн айымньыга, 7 туомҥа, 340 с., көрсөллөр[1].