Уруулар ааттара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Уруулар ааттара (нууч. Термины родства) — дьиэ кэргэн чилиэннэрин уонна хаан-уруу ааттарын, бэлиэлэрин көрдөрөр тиэрминнэр.

Саха дьиэ кэргэнэ

Хаан өттүнэн уруулар

Чугас көлүөнэ

  • Улахан дьиэ кэргэн — элбэх оҕолоох, элбэх киһилээх ыал.
  • Кыра дьиэ кэргэн — аҕыйах оҕолоох, киһилээх ыал.
  • Аҥаардас дьиэ кэргэн — ийэлээх эбэтэр аҕалаах эрэ хаалбыт дьиэ кэргэн, нууччалыыта «неполная семья».
  • Эһэнэн уруу — эһэ өттүнэн уруулар.
  • Эбэнэн уруу — эбэ өттүнэн уруулар.
  • Бырааттыылар, ини-биилэр — бииргэ төрөөбүт уолаттар, эр дьоннор.
    • Бии — бииргэ төрөөбүттэртэн аҕа саастаахтара киһи. Сороҕор дьуорту бии, дьуорту ини диэн бииргэ төрөөбүт аҕа саастаах киһи эбэтэр балыс саастаах киһи.
    • Ини-бии, ини-биилэр — бииргэ төрөөбүт уолаттар, игирэттэн атыттар. Онтон биирдэһэ сааһынан аҕата сэрэйиллэр уонна бии дэнэр.
    • Ини, кыра ини — бииргэ төрөөбүт уолаттартан балыс саастааҕа, инилэртэн балыһа.
    • Ини уруу, ини өттүнэн уруу — бииргэ төрөөбүт уол туспа баран ыал буоллаҕына кини өттүнэн урууну көрдөрөр уопсай өйдөбүл.
    • Кыра бии — бии буолбуттартан сааһынан кыралара, балыстара.
    • Быраат эбэтэр ини эбэтэр бэйэ ини, эт-хаан ини, эбэтэр сурус, сурдьу — бииргэ төрөөбүт балыс саастаах уол, эр киһи.
    • Убай, эбэтэр бии, эбэтэр бэйэ бии, эбэтэр эт-хаан бии — бииргэ төрөөбүт биир хааннаах, биир төрүттээх хаан-урууттан аҕа саастаах уол, эр киһи.
    • Улахан бии — хас даҕаны биилэртэн сааһынан саамай аҕалара, улаханнара.
    • Орто бии — эмиэ биилэртэн сааһынан ортокулара.
    • Кыра бии — биилэртэн саамай сааһынан эдэрдэрэ.
  • Эдьиий, аҕас, эдьиийдэр, аҕастар — бу судургута суох өйдөбүл: 1) аҕа уонна ийэ өттүлэриттэн көрүүгэ чугас уруу дьахталлартан саастааҕа; 2) төрөөбүт аҕаттан сааһыынан аҕа саастаах эбэтэр, төттөрүтүн, ийэтээҕэр эмиэ аҕа саастаах дьахтар; 3) бииргэ төрөөбүттэртэн саастаахтара; 4) бу кини туһунан кэпсээччигэ (аҕа оҕотугар, ийэ оҕотугар) сыһыаннаах ол аҕа, ол ийэ балыстара эмиэ, биллэн турар, эдьиийдэр буолан хаалаллар; 5) күннээҕи кэпсэтиһиигэ убаастааһыны көрдөрөн аҕа саастаах туор, уруу-аймах буолбатах дьахтары этиэххэ эмиэ сөп.
  • Абаҕа эдьиий, аҕас — аҕа биитин кыыһа кэпсээччиттэн аҕа саастаах.
  • Абаҕа балыс — аҕа биитин кыыһа, балыс саастаах.
  • Эдьиийинэн уруу — эдьиий өттүнэн уруу буолбуттар уопсай ааттара.
  • Эт-хаан аҕас, эдьиий — бииргэ төрөөбүт кэпсээччиттэн аҕа саастаах кыыс, дьахтар.
  • Улахан эдьиий, улахан аҕас — эдьиийдэртэн, аҕастатан сааһынан аҕалара, кырдьаҕастара.
  • Орто эдьиий, орто аҕас — эдьиийдэртэн, аҕастартан сааһынан ортокулара.
  • Кыра эдьиий, кыра аҕас — эдьиийдэртэн, аҕастартан сааһынан саамай балыстара, кыралара, эдэрдэрэ.
  • Иитиэх эдьиий — бииргэ төрөөбүттэриттэн эбэтэр чугас урууларыттан оҕону бэйэтигэр ылан иитэр, ииппит-улаатыннарбыт, киһи гыммыт эдьиий.
  • Балыс уруу — кэпсээччиттэн сааһынан эдэр кыыс (дьахтар) эбэтэр бэйэтэ туспа дьиэ кэргэн буолбутугар урууларын уопсай аата.
  • Балтынан уруу — балыстан сиэттэрэн үөскүүр уруулар.
  • Эт-хаан балыс — бииргэ төрөөбүт кэпсээччиттэн сааһынан балыс кыыс, дьахтар.
  • Балыс — бииргэ төрөөбүт кыргыттартан, дьахталлартан сааһынан кыралара, эдэрдэрэ.
    • Улахан балыс — балыстартан аҕа саастаахтара, кырдьаҕастара.
    • Орто балыс — хас даҕаны балыстартан сааһынан ортокулара.
    • Кыра балыс — эмиэ хас даҕаны балыстартан сааһынан саамай кыралара, эдэрдэрэ.
    • Аҕас-балыс — бииргэ төрөөбүт кыргыттартан эбэтэр дьахталлартан биирдэрэ биирдэриттэн сааһынан аҕа, оттон иккиһэ, төттөрүтүн сааһынан балыс, эдэр. Сорох сирдэргэ бииргэ төрөөбүт дьоҥҥо сыһыаннаан дьуорту аҕас эбэтэр дьуорту балыс диэн эмиэ этэллэр.
  • Игирэ, игирэлии оҕолор — биир кэмҥэ бииргэ төрөөбүттэр. Игирэ аҕа — икки кыыстан күн сирин бастакынан көрбүтэ, игирэ балыһа — киниттэн арыый да хойутаабыта, игирэ биитэ — икки уолтан бастакылаан төрөөбүтэ, игирэ инитэ — киниттэн хойутаабыта.
  • Уу игирэлэр — бэйэ-бэйэлэригэр тиэрэ бырах, умса бырах, үүт-үкчү маарыннаһар игирэлэр.

Сэргэ көлүөнэ уруулара

  • Убай, убайдар — аҕа эбэтэр ийэ өттүнэн саастарынан аҕа, кырдьаҕас, кинилэрдиин инилии эр дьон. Сороҕор манна таайдары эмиэ киллэрэллэр. Сороҕор көннөрү кэпсэтиигэ, күннээҕи бодоруһууга аҕа саастаах туора киһини даҕаны ытыктаан эмиэ этээччилэр.
    • Улахан убай — убайдартан сааһынан улаханнара, аҕалара, кырдьаҕастара.
    • Орто убай — аҕа уонна ийэ инилэриттэн, бииргэ төрөөбүттэриттэн сааһынан ортокулара.
    • Кыра убай — убайдартан сааһынан балыстара, кыралара, эдэрдэрэ.
    • Иитиэх убай — бииргэ төрөөбүт быраатын эбэтэр эдьиийин, балтын оҕотун бэйэтигэр ылан ииппит, киһи-хара гыммыт киһи.

Биир көлүөнэ туора уруу

  • Абаҕа эһэ, убай эһэ — эһэни кытта бииргэ төрөөбүт кырдьаҕас оҕонньор.
  • Эһэнэн эдьиий — эһэттэн даҕаны аҕа саастаах дьахтар.
  • Эбэнэн эдьиий — эбэтээҕэр аҕа саастаах дьахтар.
  • Эдьиий эбэ — эбэҕэ аҕаһа эбэтэр балта.
  • Сиэн, сиэннэр — аҕа, ийэ оҕолорун (ол аата күтүөт дуу, кийиит дуу буолбутта-рыттан) оҕолоро. Кинилэр үһүс ийэ, үһүс көлүөнэ дьон. Сиэн киһиэхэ аҕатынан уонна ийэтин аҕалара эһэнэн ааттаналлар, онтон кинилэр ийэлэрэ — эбэ. Эһэ бииргэ төрөөбүтэ эмиэ эһэ, хос эһэ, эбэ бииргэ төрөөбүтэ эбэ, хос эбэ буолаллар. Манна өссө эбии өйдөбүллэр үөскүүллэр: аҕа өттүнэн эһэни убай эһэ, абаҕа эһэ дэнэр, ийэ өттүнэн эһэни таай эһэ, эдьиий эбэ дэнэр.
  • Сиэн уруу — сиэннэринэн сибээстээн уруулары холбоон уопсайынан этэллэр.
  • Сиэнниилэр, сиэннии буолуу — уруурҕаһар сиэннэр хардарыта сыһыаҥҥа киириилэрэ.
  • Сиэн күтүө, күтүөт — сиэн кыыска кэргэнэ, эр буолбут киһи.
  • Сиэн кийиит — сиэн уолга кэргэнэ, ойох буолбут дьахтар.
  • Сиэн саҥас — сиэн уолга кэргэнэ, саҥарааччы киһиттэн аҕа саастааҕа.
  • Сиэн бии — сиэннэртэн сааһынан аҕа, улахан уол, эр киһи.
  • Сиэн ини — сиэннэртэн сааһынан балыс, кыра уол, эр киһи.
  • Сиэн аҕас — хас даҕаны сиэннэртэн аҕа саастаах кыыс, дьахтар.
  • Сиэн балыс — эмиэ итинник эрээри балыс саастаах кыыс, дьахтар.

Икки көлүөнэ туора уруу

  • Хос эһэ — иккис үйэ эһэтэ, эһэ эһэтэ.
  • Хос эбэ — иккис үйэ эбэтэ, эбэ эбэтэ.

Хас да көлүөнэ туора уруу

  • Хос хос эһэ — үһүс үйэ эһэтэ, эһэ эһэтин эһэтэ.
  • Хос хос эбэ — үһүс үйэ эбэтэ, эбэ эбэтин эбэтэ.
  • Үһүс үйэ, үһүс сүһүөх дьон — хос эһэ, хос эбэ дьоно.
  • Төрдүс үйэ, төрдүс сүһүөх дьон — хос-хос эһэ, хос-хос эбэ дьоно.
  • Өбүгэ — урут олорон ааспыт уруу киһитэ[1].

Биир кэргэн уруута атын кэргэҥҥэ, уонна кини урууларыгар сыһыана

Уруу кэргэнэ

  • Күтүөт — кэпсээччи кыыс оҕотун, эдьиийин эбэтэр балтын кэргэнэ.
  • Саҥас — аҕа уруу кэргэнэ, бии кэргэнэ[2].
  • Биллэх, биллэхтиилэр, биллэхтии буолуу, бэйэ биллэхтэр — эр киһи кэргэнин бииргэ төрөөбүт балтын дуу, эдьиийин дуу кэргэн ылбыт атын киһи. Эдьиийдии-балыстыы дьахталлары кэргэннэммит дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр биллэхтиилэр, биллэхтии буолбуттар.
    • Улахан биллэх — биллэхтэртэн, биллэхтиилэртэн аҕа саастаах.
    • Орто биллэх — кинилэртэн сааһынан ортокулара.
    • Кыра биллэх — кинилэртэн саамай эдэр саастаах.
  • Бэргэн — бииргэ төрөөбүт уолаттар ойохторо: бэргэн — бии ойоҕо; бадьа — ини ойоҕо.
  • Түҥүр, түҥүрдэр, түҥүртэр — күтүөт уонна кийиит өттүттэн эр киһи уруу.
    • Түҥүрдүү буолуу, түҥүрдүүлэр — түҥүрдэр уруурҕаһан хардарыта сыһыаннара.
    • Истиҥ түҥүр, чугас түҥүр — күтүөт дуу, кийиит дуу бииргэ төрөөбүттэриттэн эр киһи өттө.
    • Убай түҥүр — күтүөт дуу, кийиит дуу аҕатын эбэтэр ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи.
    • Улахан, кырдьаҕас түҥүр — күтүөт уонна кийиит иккиэннэрин аҕаларыттан кырдьаҕаһа, саастааҕа.
    • Орто түҥүр, кыра түҥүр — хас даҕаны күтүөт уонна хас даҕаны кийиит баар буолар түбэлтэлэригэр тупуллар өйдөбүл.
    • Түҥүр оҕо — күтүөтү эбэтэр кийиити кытта бииргэ төрөөбүт уол.
  • Ходоҕой, ходоҕойдор — күтүөтүнэн дуу, кийиитинэн дуу сибээстээн уруу-аймах буолбут дьахтар.
    • Ходоҕойдуу буолуу, ходоҕойдуулар — ходоҕойдор хардарыта уруурҕаһар сыһыаннара.
    • Истиҥ ходоҕой, чугас ходоҕой — күтүөтү дуу, кийиити дуу кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар.
    • Кырдьаҕас, улахан ходоҕой — күтүөт уонна кийиит ийэлэриттэн аҕа саастаах.
    • Эдьиий ходоҕой — күтүөт дуу, кийиит дуу аҕатын эбэтэр ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар.
    • Улахан, кырдьаҕас ходоҕой, орто ходоҕой, кыра ходоҕой диэн эмиэ араартааһын кэриэтэ өйдөнүөхтээхтэр.
  • Таай-ийэ убайдарын ааттыыллар.
  • Абаҕа-аҕа убайдарын ааттыыллар.
  • Ходоҕой оҕо — күтүөт уонна кийиит өттүттэн кыыс.
  • Бадьа — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэнэ.
    • Бадьа балыс — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэниттэн балыс саастаах дьахтар.
    • Бадьа эдьиий — күтүөт бииргэ төрөөбүт киһитин кэргэниттэн аҕа саастаах дьахтар.
    • Бадьа уруу, бадьалар — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэнин өттүттэн аймахтар.
  • Киирии, кииринньэҥ эһэ — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕата.
  • Киирии, кииринньэҥ эбэ — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу ийэтэ.
  • Киирии, кииринньэҥ аҕас, эдьиий — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕа саастаах кыыһа, дьахтара.
  • Киирии, кииринньэҥ бии — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕа саастаах уола, эр киһитэ.
  • Киирии, кииринньэҥ ини — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу балыс саастаах уола, эр киһитэ.
  • Киирии, кииринньэҥ оҕо — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу оҕото. Кинини сороҕор батыһыннарыы, батыһынньаҥ оҕо диэччилэр.
  • Киирии, кииринньэҥ уруу — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу өттүттэн уруулар.

Быһаарыылар

  1. Гоголев Анатолий Игнатьевич, Осипова Александра Петровна, Иевлева Саргылана Иннокентьевна. Отражение общественного строя якутов в терминологии родства (XVII–XVIII вв. ) // Проблемы востоковедения. — 2018. — № 3 (81). — DOI:10.24411/2223-0564-2018-10304.
  2. Федорова Е. П., Ушницкая В. В. Термины родства по браку (по свойству) со стороны мужа в якутском языке // Современное педагогическое образование. — 2019. — № 2.

Литэрэтиирэ