Уос помадата
Уос помадата (фр. pommade, ит. pomata лат. pōmum диэн тылтан — «дьаабылака»[1]) — косметическай тэрил, уоһу чаҕылхай өҥнүүргэ, сымнатарга, хатырыыттан көмүүргэ туттуллар.
Спермацетат, буоска, какао-арыы, вазелиновай арыы, кырааска, арамаат уонна да атын һэктээх буолар.
Уос помадата араас сыа истиэпэннээх, өҥнөөх, эгэлгэлээх буолар.
Үгэс быһыытынан, помада футлярга туруоруллар кытаанах баалкы дьүһүннээх, уоһу ханнык эмэ өҥнөөх чараас үрүмэнэн бүрүйэр, хас да чааска диэри сылдьыан сөп.
Уос помадата аан маҥнай 5 000 сыл анараа өттүгэр баар буолбут — бастаан Месопотамияҕа, онтон Былыргы Эгиипэккэ, Былыргы Грецияҕа, онтон хойутуу Римҥа. Ол кэмҥэ помаданы буоскаттан уонна бороһуок гына индьиритиллибит күндү таастартан оҥорор этилэр. Сотору буолаат бу косметическай тэрили оҥорорго фруктаны, сир аһын, кыыл сааҕын уонна да атын уоһу өҥнүөн сөптөөх сээкэйдэри туттар буолбуттара.
Билигин уос помадата макияж оҥорор элемена уонна уоһу эбии көрүү-харайыы ньымата буолар.
Устуоруйа
Уос помадатын айыллыытын уонна сайдыытын устуоруйата хас да тыһыынча сылга диэри барар. Аан маҥнай аныгы помада прототиба Былыргы Римҥэ тиийбитэ[2][3].
Ол гынан баран Дева Марияны кэрэ идеалын быһыытынан ааҕар буолан косметическай бородууксуйаны туһаныыны боппута. Бобуу үрдүнэн кириэстээх сэрииһиттэр тапталлаахтарыгар помада аҕалар туһугар олохторун толук уураллара[2][4].
Помада устуоруйата өрүү чинчийиини уонна састаабыгар саҥаны киллэриини кытта сибээстээх. 1882 сыллаахха сибиэһэй үүтү, мүөттээх ыҥырыа буоскатын, хара виноград силиһин уонна сиэмэтин кытта виноград помадата оҥоһуллубута. Помада сайдыытыгар улахан ситиһии XIX үйэ бүтүүтүгэр буолбута. Франция парфюмердара харандаас быһыылаах солко кумааҕыга сууламмыт помаданы көрдөрбүттэр. Кэлин, поршневой механизмнаах помада тахсыбыта, ол помаданы толору туттарга кыах биэрбитэ, уонна футляра уларыйар блоктаах этэ. ХХ үйэ саҕаланыытыгар бу косметическай бородууксуйа АХШ-ка киэҥник тарҕаммыта, күннээҕи имидж быстыспат чааһа буолбута. 1903 сыллаахха Амстердамҥа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа таба сыатыгар олоҕурбут помада көрдөрүллүбүтэ. Кыргыттарга улахан өйдөбүлү хаалларбыта, биллии ылбыта. Ол кэмҥэ помаданы бааҥкаларга уган баран, киистэнэн эбэтэр тарбахтарынан сотоллоро[3][4].
1915 сыллаахха Морис Леви тимир иһиккэ атыыланар бастакы үгэс буолбут помаданы айбыта. 1923 сыллаахха Джеймс Брюс Мейсон-балыс эргийэр цилиндрдээх турбаны патеннаабыта, ол туһаныытын улаханнык судургуппута. 1930-с сылларга хаартыскаҕа түһэрии тарҕаныыта Европаҕа уонна Хотугу Америкаҕа помаданы өссө элбэхтик туттууга тириэрдибитэ[5][6].
Guerlain фирма тимир эбэтэр пластик турбаларга помада оҥорор бастакы массыыналары оҥорбутаЭлизабет Тейлор курдук артыыстар хараҥа кыһыл өҥнөөх уостары тарҕаппыттара. Кинилэр сабыдыаллара уонна Gala уонна Max Factor саҥаны айыылара помада эйгэтигэр саҥа өҥнөрү уонна хайысхалары үөскэтиигэ тириэрдибиттэрэ[6][8]. Биллиилээх артыыс Сара Бернар эмиэ ону тарҕатыыга кылаатын киллэрбитэ[3]. Кини XIX-с үйэҕэ оҥоһуллубут бородууксуйаны ытыктыыра уонна stylo d’Amore (фр. «таптал маһа» диэн тылбаастанар) диэн хос ааттаах этэ. Онтон ыла араас өҥнөөх помада муодата хаста да уларыйбыта: нейтральнай уонна сырдык өҥнөртөн фиолетовай уонна хара өҥнөргө диэри.
1970-с сылларга помада оннугар уос блеската тахсыбыта[4][8].
Аан дойду экономиката 1929—1933 сыллардааҕы кириисиһи көрсүбүтүттэн ыла, «помада эффекта» диэн ааттанар өйдөбүл биллибитэ. Бу өйдөбүлүнэн, быһыы-майгы экономикатын чэрчитинэн бэлиэтэммит, экономическай рецессия эбэтэр социальнай өрө туруу кэмигэр, атыылаһааччылар сыаналаах табаары атыылаһартан чэпчэки сыаналаах сегменнартан табаары ордороллор[2][3][10].
Билигин аан дойду үрдүнэн сыл аайы миллиардтан тахса бу косметическай бородууксуйа атыыланар. Арассыыйа учуонайдара 2023 сыллаахха күүстээх антиоксидант хаачыстыбалаах уонна үрдүк өр хаалар натуральнай помада бастакы анаалыстарын оҥорбуттар[11][12].
Састаап уонна хаачыстыбалара
Аныгы формулаларга касторовай арыы, жожоба арыыта[13], буосука, сыа уонна өҥ биэрэр вещество курдук ингредиеннэри булуохха сөп. Помада бөҕөтүн уонна уурбут-туппут курдук быһыытын хааччыйыыга буосука улахан оруолу оонньуур, ону тэҥэ ханнык эмэ дьүһүнү биэрэр. Бастаан оҥорооччулар ыҥырыа буосукатын тутталлара, ол гынан баран аллергическай реакцияны үөскэтиэн сөп, онон билигин үүнээйи төрүттээх айылҕа буосукатын ордороллор[2][13], олор истэригэр ланолин саамай тарҕаммыт[14].
Помада киэргэтии косметикатын быһыытынан эрэ буолбакка, уходовай быһыытынан эмиэ туттулларвазелин, кокос, оливковай уонна минеральнай арыылар, битэмииннэр уонна айылҕа экстрактара баар буолуохтарын сөп. Саамай тарҕаммыт битэмииннэринэн А, С уонна Е буолаллар, кинилэр ыарыыны утары дьайыылаахтар уонна уоһу айылҕа куһаҕан дьайыыларыттан харыстыыллар[2][13]. Үгүс буоскалаах уонна арыылаах помадалар уоһу ордук сымнаталлар. Биир саамай тарҕаммыт кыраасканан кармин буолар, ону атын салааларга эмиэ тутталлар. Кураанах ложнощитовки диэн үөннэртэн ылыллар[2][15].
Соторутааҕыта оҥорооччулар тириини сымнатар уонна иҥэмтэлээх веществоларынан байытар авокадо арыытын туттар буолбуттара. Сыалар помаданы кытаанах оҥороллор, онтон уоска хаалар полимердаах уонна силикат оҥоһуктаах чараас плёнката килбэйии уонна кытаанах буолууну үрдэтэр, ону тэҥэ хатарыыттан көмүскүүр. Помада ууруллар болдьоҕун уһатар туһугар, сыа основатыгар антиоксиданнары уонна консерваннары эбэллэр[2][15].
Көрүҥнэрэ
Косметика ырыынагар араас помадалары көрүөххэ сөп: матовай, атласнай, глянцевай, уһун үйэлээх, питательнай, сымнатар, гигиеническэй, кээмэйин улаатыннарар, тииһи көрөргө үрүҥнүүр уо.д.а. Кинилэр аны киэргэтии эрэ бородууксуйата буолбатахтар. Аныгы оҥорооччулар ханнык баҕарар помадаҕа гигиеническэй хаачыстыбалары киллэрэллэр, ол иһин сымнатар эбэтэр питательнай буолаллар[2][7][15].
Матовай помадаҕа элбэх буосука уонна пудра баар, ол иһин матовай көрүҥү биэрэр. Матовай помада килбэйбэт, ол гынан баран өҥүн килбэйэр помадаларга холоотоххо ордук баай уонна дириҥ диэххэ сөп. Атласнай помада килбэйэр көрүҥүнэн уонна чаҕылхайынан уратылаах, уоһу улаатыннарарга көмөлөһөр. Уһун үйэлээх помада киэргэтии майгытын өр кэмҥэ хаалларар. Бу помада соҕотох мэһэйэ диэн сыалаах аһы кытта сибээһи тулуйбат[2].
Гигиеническай помада
Гигиеническай помада диэн уоһу көрөргө-харайарга косметическай бородууксуйа быһыытынан туттуллар помада көрүҥэ. Организм биирдиилээн майгытынан уонна аллергическай реакцияларынан талыллар. Уоһу сымнатар уонна эмтиир, айылҕа куһаҕан усулуобуйаларыттан (тыал, улахан температура, күн радиацията) харыстыыр, ону тэҥэ уоһу вируснай инфекциялартан харыстыыр[16][17].
Помадаҕа сымнатар уонна питательнай ингредиеннэр бааллар, ону кытары битэмииннэр уонна ультрафиолет сырдыгыттан харыстыыр фильтрдар. Ону таһынан, онно эмтээх үүнээйилэр экстрактара бааллар, кинилэр хатырыыттан уонна хайа барыылар үөскээһиннэрин сэрэтэр эрэ буолбакка, баар алдьаныыны көхтөөхтүк эмтиир кыахтаахтар. Бу косметическай бородууксуйаны промышленнай оҥорон таһаарыы историята XIX үйэ бүтүүтүгэр саҕаламмыта, АХШ доктора Чарльз Брауни Флит көмөтүнэн, кини ChapStick диэн бастакы гигиеническэй помаданы толкуйдаан таһаарбыта[16][17].
Туһаныы болдьоҕо
Помада ууруллар болдьоҕо оҥорооччуттан уонна натуральноһын кээмэйиттэн тутулуктаах, 6 ыйтан 5 сылга диэри буолар. Помада болдьоҕо ааспыт буоллаҕына, дьүһүнэ уларыйар уонна куһаҕан сыттанар[2].
Быһаарыылар
- ↑ Pomade(суох сигэ — история). Collins Dictionary.
- ↑ Аргументы и факты (27 Кулун тутар 2014 </noinclude>).
- ↑ РИА Новости (29 От ыйын 2020 </noinclude>).
- ↑ 4,0 4,1 4,2 История губной помады(суох сигэ — история). nestory.ru (4 От ыйын 2020 </noinclude>).
- ↑ Fashion: The history of… Lipstick — Lip-smacking good(суох сигэ — история).
- ↑ 6,0 6,1 6,2 Юрий Гандрабура. Кто и зачем придумал губную помаду: интересные факты!(суох сигэ — история). techinsider.ru (27 От ыйын 2023 </noinclude>).
- ↑ 7,0 7,1 Помада(суох сигэ — история). Госстандарт.
- ↑ 8,0 8,1 8,2 Ирина Урнова. Иду на красный: прошлое и настоящее лучшего аксессуара для свидания(суох сигэ — история). РБК (11 Олунньу 2017 </noinclude>).
- ↑ Губная помада: от Нефертити до Макс-Фактора(суох сигэ — история).
- Коммерсант (25 Кулун тутар 2020 </noinclude>).
- ↑ Ева Акимова, Любовь Ставцева. В России придумали содержащую антоцианы полезную косметику для женщин. Красящие пигменты вырабатывают из фруктов, овощей и растений(суох сигэ — история). РБК (25 Муус устар 2023 </noinclude>).
- Газета.ру (20 Муус устар 2023 </noinclude>).
- ↑ 13,0 13,1 13,2 Абдуллазянова Г. Г., Рудзянко Д. И. Разработка и исследование базовой композиции губной помады // Вестник технологического университета. — 2015. — Т. 18, № 6.
- Аргументы и факты (8 Муус устар 2017 </noinclude>).
- ↑ 15,0 15,1 15,2 15,3 Бунивер П. Г., Нестерова Н. В., Нестерова О. В. Влияние губных помад на кожу // Scientific heritage. — 2021. — № 65.
- ↑ 16,0 16,1 Гигиеническая помада(суох сигэ — история). Госстандарт.
- ↑ 17,0 17,1 Землянская М. С. и др., 2019