Уйгуур Турфан дойдута
Уйгуур Турфан дойдута (идыкут), Уйгуур Идыкуттар дойдулара, Уйгуур Хочо дойдута — Илиҥҥи Түркистаан хотугу өттүгэр баар буола сылдьыбыт Орто үйэтээҕи түүр феодал дойдута. Бу дойду Уйгуур хаҕанатын ыһыллыытын түмүгэр үөскээбит[1]. Уйгуур Турфан дойдута бэйэтин сирин кэҥэтэр туһугар сэриилэспэтэх, эйэлээх олоҕу тутуспут уонна атын омуктар дьыалаларыгар орооспотох сайдыылаах уонна үрдүк култууралаах былыргы уйгуурдар дойдулара этэ.
История
Тэриллиитэ
Илиҥҥи Түркистаан 840-с сылга ыһыллыбыт Уйгуур хаҕанатын сирэ этэ. Хаҕанат кыргыстар сэриилэрин түмүгэр ыһыллыбытын кэннэ уйгуурдар билиҥҥи Моҕол сириттэн Илиҥҥи Түркистааҥҥа көспүттэр уонна бу дойду араас сирдэригэр, холобур, Турфаҥҥа, Кумулга, Карашарга, Хочоҕо, Илигэ, Кашгарга уонна Ганьсуга олохсуйбуттар. Уйгуурдар Ганьсу сиригэр икки дойдуну тэрийбиттэр: Турфаҥҥа кииннээх Идыкут уонна Дунхуаҥҥа кииннээх Ганьсу дойдуларын.
Уйгуур идыкутун төрүттээччи Баку Чин диэн баһылык буолар. Кини мөлтөөбүт Тибиэт сорох сирдэрин бэйэтин дойдутугар холбообут.
860-с сыллар бүтүүлэригэр уонна 870-с сыллар саҕаланыыларыгар Баку Чин Кучар уйгуур дойдутун холбообут.
Харахаан дойдута уонна уйгуурдар
Турфан уйгуурдарын итэҕэлэ буддизм этэ, оттон ыаллыы олорор омуктар үксүлэрэ мусульман этилэр, ол иһин итэҕэлтэн сылтаан элбэх мөккүөр үөскээбит. Сатук Боҕра-хаан диэн ааттаах Харахаан баһылыга Хочоҕо баар Будда дьиэлэрин алдьаппытын иһин Уйгуур Турфан дойдута Харахаан дойдутун кытта өстөһүүтэ саҕаламмыт[2].
Маһмуд Кашгари "Диван луҕат ат-Турк" диэн айымньытыгар суруйбутунан мусульманнар уйгуур-буддистарга өстөһөн кинилэри утары сэриини саҕалаабыттар[3]. Бу ахтыллыбыт айымньыга уйгуур-буддистар уонна харахаан-мусульманнар кыргыһыыларын туһунан араас хоһооннор бааллар[4].
Моҕол сэриитэ
1207 сыллаахха Уйгуур идыкута Чыҥыс Хааҥҥа бас бэринэр уонна Моҕол дойдутугар холбоһор. Кэлин, Моҕол дойдута ыһыллыбытыгарм Уйгуур идыкута Чаҕатай улууһун сороҕото буолбут. 1346 сыллаахха Чаҕатай улууһу ыһыллыбытыгар Уйгуур идыкута көҥүл уонна кимтэн да тутулуга суох буолбут[5].
Кэхтиитэ
XIV үйэҕэ Хизр-Ходьа-хаан диэн ааттаах Моҕолистаан баһылыга Хочо уонна Турфан уйгуур-буддистарын сэриилээн күүһүнэн ислам итэҕэлин ыллаттарбыт[6]. 1368 сыллаахха Моҕолистаан дойдута Уйгуур идыкутун сэриилээн ылбыт.
Баһылыктар
- Пан Тэкин (Тыгын) 850-866[7]
- Баку Чин 866-871
- Ирдимин-хаан 940–948
- Арслан-хаан 948-985
- Билгэ Текин (Тыгын) 1126-?
- Баурчук Арт Текин (Тыгын) (1208—1235)
- Кусмэйин 1235–1245
- Салун Текин (Тыгын) 1246–1255
- Огрунж Текин (Тыгын) 1255–1265
- Мамурак Текин (Тыгын) 1265–1266
- Кожигар Текин (Тыгын) 1266–1276
- Нолен Текин (Тыгын) 1276–1318
- Томур Бука 1318–1327
- Суҥги Текин (Тыгын) 1327–1331
- Тайпан (Тайпинну) 1331–1335
- Юэлу Томур 1335–1353
- Санге 1353 - ?
Уйгуур мэтириэттэрэ
Эбии көр
Быһаарыылар
- ↑ Y. Vernadsky. Notes on the History of the Uigurs in late middle ages // Harvard Journal of Asiatic Studies, 1936, volum 56.
- ↑ Dust in the Wind: Retracing Dharma Master Xuanzang's Western Pilgrimage. — Rhythms Monthly, 2006. — С. 479. — ISBN 978-986-81419-8-8
- ↑ Harvard Ukrainian Research Institute Harvard Ukrainian studies. — Harvard Ukrainian Research Institute, 1980. — С. 159.
- ↑ Robert Dankoff From Mahmud Kaşgari to Evliya Çelebi. — Isis Press, 2008. — С. 79. — ISBN 978-975-428-366-2
- ↑ Soucek, Svat. A History of Inner Asia. — Cambridge University Press, 2000. P. 105.
- ↑ Whitfield, Susan A place of safekeeping? The vicissitudes of the Bezeklik murals // Conservation of ancient sites on the Silk Road: proceedings of the second International Conference on the Conservation of Grotto Sites, Mogao Grottoes, Dunhuang, People's Republic of China / Agnew, Neville. — Getty Publications, 2010. — С. 95—106. — ISBN 978-1-60606-013-1
- ↑ As duplicated and augmented in George Qingzhai Zhao, Marriage as Political Strategy and Cultural Expression: Mongolian Royal Marriages from World Empire to Yuan Dynasty (Peter Lang, 2008), p. 165–66, 174–76.
Кинигэлэр
- Д.И Тихонов Хозяйство и общестнный строй Уйгурского государства Х-ХIV вв. — М-Л, 1966.
- Чэн Суло Лун Хуйху юй Удай Сун Ляо Цзин де гуаньси (Взаимноотношение Уйгуров с династей Сун, Ляо, Цзин в период пяти династий), Гаочан Хуйху Ванго (Уйгурское княжество Кочо). Тан Сун Хуйху Ши Лунзци. — Пекин, 1993.
- Л. Н. Гумилев Древние тюрки. — Moсква, 1967. — 299-350 с.
- Гайратджан Осман Уйгур классик адабиятининг кискиче тарихи.(Краткая история уйгурской классической литературы). — Урумчи, 1996.
- Уйгурдар кылгас историялара. Алма- Атаһа, 1991.
- Soucek, Svat A History of Inner Asia. — Cambridge University Press, 2000.