Төбө уонна бас
Төбө уонна бас диэн тыллар тус-туспа өйдөбүллээхтэр.
Сахалыы төбө диэн тылы киһиэхэ сыһыаннаан маннык быһаараллар. Киһиэхэ үөһээ, оттон сүөһүгэ, харамайга инники өттүгэр сылдьар, мэйиитэ, көрөр-истэр органнара баар сүрүн миэстэтэ. (1,194).
Киһи өйө-санаата барыта төбөттөн тутулуктааҕын быһаарар этиилэр сахаларга элбэхтэр. «Төбөтүнэн ыалдьар» диэн иирбит, өйө-хамсаабыт киһини, «Кыайыыттан төбөтө эргийэр» диэн туох эмэ ситиһиилэммититтэн үөрэн, наһаалаан, бэрдимсийэн, киһиргээн барар киһини этиэхтэрэ. Бу этиилэри өссө чуолкайдаан биэрэр «Барыта төбөттөн тутулуктаах» диэн этии баар.
«Дьилэй төбө» диэн букатын таас курдук кытаанах туох да өй-санаа диэн киирбэт төбөтүн этэллэр. Бу этии кытаанах төбөҕө ханнык да өй-санаа, үөрэх кыайан киирбэтин эбэтэр букатын иҥнибэтин быһаарар.
Олус мэник оҕону бэлиэтиир «Төбөт» диэн тыл төбөттөн тахсар өйүнэн-санаанан салаллан сылдьыы киһи быһыытыгар соччо сөп түбэспэтин быһаарар.
Төбө диэн тыл чорбойо сылдьары бэлиэтиир буолан ордук киһи этигэр-сиинигэр сыһыаннаах. Төбөҕө сыһыаннаах өй-санаа соччо үчүгэйэ суох, быстах өйү-санааны бэлиэтииргэ туттуллар. Онтон бас диэн тыл өй-санаа үчүгэй, киһилии өттүгэр сыһыаннаһар уонна өй-санаа төһө элбэҕин, хайа диэки хайысхалааҕын кытта быһаарар. Бас диэн тыл ууну эбэтэр ханнык эрэ убаҕаһы баһарга эмиэ туттуллар буолан киһилии өй-санаа баарын эбэтэр суоҕун кытта биллэрэр.
Сахалар киһи баһын туһунан элбэх этиилэриттэн киһи өйүн-санаатын быһаарар этиилэрэ манныктар бааллар:
- «Чой бас» диэҥҥэ туох да өй-санаа киирэрэ биллибэт. Бу этиилэр маннык бастарга өй-санаа ханнык да сибики, сибиэн буолан киирбэттэрин ордук быһааран бэлиэтииллэр. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ өй-санаа киһиэхэ сибики буолан түүллэригэр киирэн көстөрүн бэлиэтиир. Итинник билиини сахалар: «Туох эмэ сибики билиннэ дуо?»- диэн ыйыталаһаллара быһаарар.
Бас-көс киһи диэн кылгатан этии баһылаан иһэр, атыттартан ордон баһа көстөр диэн тыллартан үөскээбит.
Баһылык - бастаан иһэр, салайааччы, баһы ыл диэн, онтон аҕа баһылык диэн баһылыктар аҕалара, тойонноро диэн тыллар буолаллар.
Баһылай диэн аат сахалыы баһы салай диэн тыллартан үөскээбитэ итинник чуолкайданар.
Бас диэн тылтан үөскээбит бастаа, бастакы, бастыҥ диэн тыллар өйү-санааны саҕалааччы киһи инники иһэрин быһаараллар. Бастаах диэн тыл бас баарын, ол аата өй-санаа баарын быһаарар. Бастыҥаны кэтии бастаан иһэр үчүгэй киһини бэлиэтиирин таһынан, туһалаах, киһилии өй-санаа баар буолуутун эмиэ бэлиэтиир. Ол аата өй-санаа киһи этин-сиинин кэнниттэн үөскээбитэ быһаарыллан тахсар.
Аҕыйах, олоххо соччо туһата суох өйдөөх-санаалаах төбөҕө киһилии, бастаан иһэр өй-санаа баһыллар буола киирдэҕинэ бас буола уларыйар. Бу тыллар быһаарыылара өй-санаа икки аҥытын, киһилии өй-санаа баска эрэ үөскээн баар буоларын быһаарар. (2,67).
Туһаныллыбыт литература
1. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьо-куускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.
2. Каженкин И.И. Киһи быһыыта. - Дьокуускай: РИО ГУ РИМЦ, 2005. - 92 с.