Түүлээх сэлии

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Woolly mammoth (Mammuthus primigenius) - Mauricio Antón.jpg

Түүлээх сэлии (лат. Mammuthus primigenius, нууч. Шерстистый мамонт) — суох буолбут бөдөҥ кыыл.

300000 сыл ынаараа өттүгэр үөскээн баран бүтэһик бэрэстэбиитэллэрэ 3500 сыл ынараа өттүгэр суох буолбуттара. Арҕаһынан 3,5 м үрдүктээхтэр, ыйааһыннара 4-5 т тиийэр буолар эбит. Халыҥ уһун түүлээхтэр эбит, саннын, ойоҕосторун, өттүктэрин түүтэ миэтэрэттэн тахса буолар эбит. Ону таһынан тымныыттан 9 см дылы халыҥнаах сыа араҥата көмүскүүр эбит.

Отунан уонна сэппэрээктэринэн аһылыктаналлар эбит. Кыһын онтуларын муостарынан хаар анныттан хаһан ылаллар эбит.

12-13 тыһыынча сыл ынараа өттүгэр Хотугу Евразияҕа барытыгар уонна Врангель арыытыттан булаллар.