Тыыныы
Тыыныы (лат. respiratio) — харамайдар, үүнээйилэр уонна микроорганизмнар диссимиляциялыыр сурун быьыылара. Ол эбэтэр, тыынар тыыннаах биир кэмник метаболизмныырын хааччыйар уонна тулалыыр эйгэттэн кислороду инэрии, организм сорох метаболизмнаабыт уескэтиитин (CO2, H2O) тулалыыр эйгэ5э таьаарыы быьыытынан гомеостазтарын ейуур физиологическай процесс. Вещество атастаьыытын тэтимиттэн тутулуктанан киьи тыната чааска ортотунан 5-18 лиитирэ углекислай гаьы (CO2) уонна 50 грамм ууну таьаарар. Тыыныы кэмигэр организм нэниринэн (энергиянан) баай веществолара молекулярнай кислород кеметунэн а5ыйах нэнирдээх веществоларга (CO2, H2O) диэри аьыйаллар.
Тас тыыныы диэн кислороду инэринии уонна углекислай гаьы таьаарыы, итиэннэ тыынар туруупка эбэтэр хаан эргиирин систиэмэлэринэн газтар сырыыларын киллэрэр тулалыыр эйгэ уонна эт-хаан гаьы атастаьыылара.
Клетка тыыныыта бэйэтин ейдебулугэр клетка буруетун ненуе белоктар сырыыларын биохимическай процесстарын киллэрэр. Ол таьынан ас химическэй нэнирин уларыйыытыгар а5алар митохондриялар истэригэр аьыйыыны киллэрэр.
Тулалыыр эйгэни кытары улахан иэнинэн ситимнэьэр ньуурдаах организмнарга тыыныы клеткаларга хайа5астар ненуе газтар диффузияларын суотугар буолуон сеп (холобур: уунээйилэр сэбирдэхтэригэр, кендей харамайдарга). Онтон кыра иэнинэн ситимнэьэр ньуурдаах тыынар тыыннаахтарга газтар сырыылара хаан эргиирин суотугар (тоно5остоох харамайдарга уонна да атыттарга) эбэтэр хабар5а5а (уеннэргэ-кейуурдэргэ) олохтонор.
Уунээйи тыыныыта
Туох баар уунээйилэр бары кунус углекислай гаьы инэриниилэрэ уонна кислороду онорон таьаарыылара уунуу кэрдииьэ дэнэр. Оттон туун таннарытын кислороду инэринэр, углекислай гаьы таьаарар (ап-а5ыйах ахсаана) уратыта – нухарыйыы кэрдииьэ диэн буолар.
Харамайдар уонна уунээйилэр молекулярнай таьымынан тыынар сурун принциптэрэ майгыннаьар. Ол эрээри, уунээйилэр биир сиргэ туралларын быьыытынан метаболизмнара уларыйа сылдьар тулалыыр эйгэ усулуобуйатыгар сеп тубэьиэхтээх, ол иьин уунээйилэр тыыныылара уратылардаах.
Киьи тыыныыта
Сынньалан турукка сылдьар улахан киьи мунуутэ5э ортотунан 14 тыын хамсаныытын онорор. Итиэннэ тыыныы тургэнэ балаччатык уларыйыан сеп (мунуутэ5э 10-18). О5олор тыынар тургэннэрэ мунуутэ5э 20-30 хамсаныы; эмийдээх о5олорго – 30-40; уу кыьыл о5олорго – 40-60;
Биир салгыны э5ирийиигэ (сынньалан кэмигэр) тына иьигэр 400-500 мл салгын киирэр. Салгын киириитэ тыыныы сабардама (объема) диэн буолар. Сынньалан кэмигэр оноьуллубут теттеру тыынныы эмиэ иччэ салгын ахсаанын атмосфера5а таьаарар. Саамай кууьунэн э5ирийдэххэ 2000 мл кэринэ салгыны киллэриэххэ сеп, оттон теттеру таьаардахха – эмиэ 2000 мл.
Улахан киьи тынатын ненуе мунуутэ5э 7 лиитирэ салгыны аьардар. Физическэй но5урууска кэмигэр тына сабардама мунуутэ5э 120 лиитирэ буолуон сеп.
Тыыммакка эрэ киьи 5-7 мунуутэ олоруон сеп, ол кэннэ ейу сутэрии, мэйиигэ сатаан челугэр туьэриллибэт уларыйыылар, онтон елуу кэлэр.
Тыыныы керуннэрэ: дирин уонна урдунэн, субу-субу уонна сэдэх, Уеьээнни, аллараанны, ортоку (туеьунэн) уонна аллараанны (иьинэн).