Томскай Иннокентий Егорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Томскай Иннокентий Егорович (01.03.1934—19.09.2001) — академик, экономическай наука доктора.

Саха сиригэр дьахтар үлэтин туһаныыны чинчийбит, өрөспүүбүлүкэҕэ экономика билимин устуоруйатын үөрэппит саха биллиилээх учуонайа, экономика билимин дуоктара. М. К. Аммосов аатынан Саха государственнай университет профессора.

Олоҕун олуктара

1934 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.

Оччотооҕуга дьоно Бирээндэҕэ олорбуттара. Аҕата Егор Михайлович Томскай колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Аҕа дойду сэриитигэр 1942 с. тылланан барбыта уонна 1944 с. кыргыһыы хонуутугар геройдуу охтубута. Ийэтэ Мария Семеновна колхозка ыарахан үлэҕэ сылдьан 1946 с. ыалдьан олохтон барар. Онон Кеша 12 сааһыгар балта Мариялыын, быраата Михаиллыын тулаайах хаалаллар. Кинилэри аймахтара иитэллэр, үөрэх кэмигэр интернакка олороллор, сайын Чочуга таайдарыгар Михаил Семеновичка М.Горькай аатынан колхоз бэрэссэдээтэлигэр тахсан сайылыыллар. Эбэлэрэ 1946 с., онтон таайдара Михаил Семенович 1949 с. суох буолаллар. Эдьиийдэрэ Варвара Семеновна уонна Прасковья Семеновна, ийэлэрин эдьиийдээх балта, оҕолору көрөллөр, харайаллар. Иннокентий үөрэххэ дьоҕурдаах буолан туйгуннук үөрэммитэ.

Сэрии кэмигэр уонча эрэ саастаах да буоллар үлэ бөҕөнү үлэлээн «Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии 1941—1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн балта Мариялыын ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.

1948 с. 7 кылаас үөрэнээччитэ колхоһугар ликбезкэ учууталлаабыта, бу сыл Чочу оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон 1948—1952 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэр. 1953—1957 сс. СГУ историческай факультетыгар үөрэнэн туйгуннук бүтэрбитэ. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Мэӊэ Хаӊалас детдомнарыгар үлэлээбитэ. Сунтаар, Элгээйи орто оскуолаларыгар директордаабыта, онтон сатабыллаах салайааччыны 1960 с. Өлүөхүмэ оройуонун Токко нэһилиэгин Чарин оскуола-интернатын директорынан аныыллар. Ол сыл бииргэ үөрэммит уонна Элгээйи оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит Сунтаар кыыһа Римма Иннокентьевнаны кытта холбоһон сайын чугас дьонун ыҥыран уруу тэрийэллэр. Токкоҕо эдэр ыал үс сыл олороллор. Онно икки оҕолоро төрүүр: Миша (1961с.) уонна Лена (1963с.), кэлин Дьокуускайга олорон Алеша диэн уолланаллар (1971—1989 сс.), эдэр сааһыгар хомолотолоохтук өлөр. Салгыы Иннокентий Егорович научнай үлэнэн дьарыктанар, онон оскуола5а барыта 7 сыл үлэлээбитэ. Уола Михаил — медицинскай наука доктора, кыыһа Лена — Кисловодскайга олорор науканан дьарыктанар.

Научнай үлэтэ

1952 сылтан саҕалаан хаһыакка араас ыстатыйалара, 1956 сылтан научнай ыстатыйалара бэчээттэнэн бараллар. 1967 с. экономическай наука кандидатын көмүскээбитэ, диссертациятын темата «Социально-экономические проблемы использования труда женщин». 1971 с. политическай экономия кафедратын доцена аат иӊэриллибитэ. 1989 с. «Социализмы бары өттүнэн сайыннарыы усулуобуйатыгар дьахтар үлэтэ» диэн темаҕа докторскай диссертациятын көмүскүүр. 1990 с. СССР норуотун үөрэҕириитин Госкомитета экономическай наука профессора ааты иӊэрбитэ. Сүрүн научнай үлэлэрин кинигэтэ:

1. Основы предпринимательства и бизнеса: уч. Пособие 1993 г.

2. Практика и теория рынка: Уч.пособие. 1996 г.

3. Актуальные проблемы политической экономии: 1989 г.

4. Макроэкономика. Программа, глоссарий: Уч.пособие 2001 г.

5. Социально-экономические проблемы малочисленных народов Севера. 2000 г.

6. Экономика Республики Саха (Якутия). 3 тома

7. Народонаселение. 2 тома

8. Природопользование — ключевая категория эколого-экономической системы.

Бу бүтэһик кинигэтигэр (Природопользование — ключевая категория эколого-экономической системы.) ааҕабыт: «Основное богатство человечества — это земля (мать-кормилица) и труд (отец-созидатель). Совершенствование взаимодействия природы и общества является одной из глобальных проблем современности. В результате хищнической эксплуатации природных ресурсов и загрязнения окружающей среды произошел экологический кризис, имеющий крайне отрицательные социально-экономические последствия. Требуется усиление заботы об охране природы, земли и ее недр, атмосферного воздуха, водоемов, животного и растительного мира.»

Түмүк

Иннокентий Егорович 40-тан тахса кинигэтэ, 500-чэкэ ыстатыйата, монографиялара, публицистиката Саха сиригэр экономическай өй-санаа сайдыытын историятын дьоһуннук көрдөрөллөр. Оттон государственнай тутул сайдар суолларын ыйбыт үлэлэрэ, историяҕа, литератураҕа, музыкаҕа аналлаах ыстатыйалара дэгиттэр сайдыылаах ученай буоларын кэрэһэлииллэр.

Академик И. Е. Томскай аата биһиги хотугу кыраайбытыгар сиэрдээх олох баарын тухары дириӊ ытыктабылынан ахтыллыаҕа. Мантан көстөрүнэн, улахан ученай, биллиилээх экономист, патриот, саха саарына Иннокентий Егорович Томскай сырдык олоҕо уонна уобараһа — дойдутугар бэриниилээх буолуу үтүөкэннээх холобура.

Музейдарга көмөтө кини көҕүлээһининэн Сунтаар орто оскуолатыгар музей-хос, Чочу орто оскуолатыгар боевой слава хоһо, онно 76 экспонат биэрбитэ. Н. А. Алексеев оскуолатыгар рынок экономикатын төрүттэрин предмети ыытара, «Знание» уопсастыба лектора. Г. И. Чиряев уонна И. М. Гоголев бюстарын худуоһунньук П. А. Захаровка оӊотторон музейга бэлэхтээбитэ.

Сигэлэр

  • Биобиблиография докторов наук ЯГУ [cост.: А. Е. Пшенникова, С. Х. Тарабукина; ред. Н. Н. Тихонов]. — Якутск : Изд-во ЯГУ, 2004. — 155 с.