Тимэх от
Тимэх от (лат. Tanacétum) (нууч. пижма) ходуһаҕа, быраҕыллыбыт бааһынаҕа, тыа, суол кытыытыгар, өтөххө сөбүлээн үүнэр. Умнаһын үрдүгэ 40—100 см тиийэр, уустук оҥоһуулаах куорсуннуҥу тырыттаҕас сэбирдэхтээх. Аатын курдук, тимэххэ маарынныыр араҕас өҥнөөх сибэккилэрдээх. От ыйыттан күһүҥҥээҥҥэ диэри сибэккилэнэр.
Туттуллуута
Тимэх от көөнньөһүгүн быар, оһоҕос араас ыарыытыгар, лиистигинэн сутуллууга, үөһүрүүгэ тутуннахха, үчүгэйдик көмөлөһөр. Бу от сибэккилэринэн оҥоһуллубут эмп сүрэх үлэтин тупсарар, хаан баттааһынын үрдэтэр, үөс тахсыытын күүһүрдэр дьайыылаах, ас буһарар уорган үлэтигэр туһалаах.
Бу үүнээйини кыра саастаах оҕоҕо, ыарахан дьахтарга туттар көҥүллэммэт. Өр кэмҥэ эмтэннэххэ, тимэх оттон сүһүрүөххүн сөп. Онон быраас сүбэтэ хайаан да наада.
Туһаныллыбыт сирдэр
- К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1
Бу эмтээх үүнээйилэргэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |