Талер

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хаҥастан уҥа, бастакы кэккэ:
Саксония, викариатнай талер. 1619 с.
Австрия, талер. Сыла ыйыллыбатах, XVI үйэ иккис аҥара
Брауншвейг-Целенберг-Ганновер, талер. 1723 с.
Иккис кэккэ:
Саксония, талер. 1581 с.
Германия, Харц куорат, крестильнай талер. 1718 с.
Голландия, талер. 1622 с.
Үһүс кэккэ:
Швейцария, Базель, талер. 1640 с.
Рим Империята, талер. 1698 с.
Зальцбург (архиепископство), талер. 1665 с.

Та́лер — бөдөҥ үрүҥ көмүс манньыат аата, XVI—XIX үйэлэргэ Европаҕа уонна омуктар ыккардыларыгар эргиэҥҥэ харчы эргииригэр улахан суолталаах этэ.

Талер үөскээһинэ

Эрцгерцог Сигизмунда тирольскай гульдинера
1525 с.

Гульденгрош

Европаҕа унция ыйааһыннаах бөдөҥ үрүҥ көмүс манньыат быһааһынын бастакынан Тироль эрцгерцога Сигизмунд саҕалаабыта. 1484 сыл саҥатыгар үрдүк пробалаах 15,5 г ыйааһыннаах үрүҥ көмүс манньыат быһыллан таһаарыллыбыта. 1486 сыллаахха икки төгүл элбэх ыйааһыннаах (31,83 г) манньыаты оҥорбута. Бу манньыат 29,23 г ыраас үрүҥ көмүстэн турара уонна 60 крейцер манньыаттарыгар тэҥнэһэрэ, ол аата кыһыл көмүс гульдеҥҥа сөп түбэһэрэ, онон гульденгрош эбэтэр гульдинер диэн ааттаммыта.

XV үйэ бүтүүтүгэр — XVI үйэ саҕаланыытыгар үрүҥ көмүс гульдинердар Киин Европаҕа тарҕаммыттара. 1493 сылтан гульдинер Саксонияҕа. Гульдинер ыйааһына 29,2 г (гульдинер = 1/8 кёльн марката) дылы түспүтэ.

Йоахимсталер

1518 сыллаахха гульдинерга маарыннатан граф Штефан Шлик Богемия хотулуу-арҕаа баар Йоахимсталь куоратыгар (билигин Яхимов куорат, Чехия) тус бэйэтин үрүҥ көмүс манньыатын быһыыны саҕалаабыт. Ол манньыат ыйааһына 29,5 г уонна 27,2 г ыраас үрүҥ көмүстэн турара (пробата гульдинертан арыычча намыһах этэ). Манньыат сирэй өттө (аверс) богемскай хахай ойуута, кэлин өттө — сибэтиэй Иоахим. Манньыат быһыллыбыт куоратын аатынан «йоахимсталер» (Joachimsthaler) диэн ааттаммыта. Бу аат туттарга уустук буолан кылгатыллан «талер» (бастаан Thaler, кэлин — Taler) дэммит.

Богемскай талердар Германия бүттүүнүгэр киэҥник тарҕаммыттара (1528 сылга дылы 2,2 мөлүйүөн манньыат оҥоһуллубут). Сотору кэминэн талер эргииргэ кэбэҕэстик туттуллар буолбута.

1527 сыллаахха, Штефана Шлика өлбүтүн кэннэ, Карл V император Штефан Шлик дьиэ кэргэниттэн манньыат быһар бырааптарын былдьаан, манньыат быһыыта император бас билиитигэр киирбитэ.

Талер тарҕаныыта

Сотору кэминэн талер аан дойду харчытын эргииригэр сабыдыаллаах балаһыанньаланар.

Талер Испанияҕа талеро, Соҕуруу Нидерландыга — дальдре, Нидерланды холбоһуктаах провинцияларыгар уонна Аллараа Германия сирдэригэр — даальдер, Скандинавия дойдуларыгар — далер, Италияҕа — таллеро диэн ааттанар.

Англияҕа талеры даллер, онтон даллар, хойут доллар диэн ааттаабыттар.

Англия бэйэтин манньыата (талерга маарыннатан) — крона (бастаан 1551 сыллаахха тахсыбыт).

Францияҕа талерга маарынныыр манньыаты Франция хоруола Франциска I ыраахтааҕылыыр кэмигэр (1515—47) оҥорбуттар.

1641 сылтан (Людовик XIII кэмэ), талерга маарынныыр үрүҥ көмүс манньыаттар тиһиктэрэ быстыбакка оҥоһуллубуттара: үрүҥ көмүс экю — 917 пробалаах үрүҥ көмүстэн быһыллыбыт, ыйааһына 27,190 г , ыраас үрүҥ көмүһэ 24,933 г.

Итини таһынан экю аҥара, экю чиэппэрэ, 1/12 экю, 1/24 экю сыаналаах 917 пробалаах үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут манньыаттар эргииргэ тахсыбыттара.

Испанияҕа талердыҥы бастакы манньыат 1497 сыллаахха оҥоһуллубута, манньыат тироль гульдинерыгар маарынныыра, 8 реал сыаналааҕа, ыйааһына 27,468 г, ыраас үрүҥ көмүһэ 25,56 г. Бу манньыат XIX үйэҕэ дылы быһыллыбыта. Хойут испанскай доллар (пиастр) диэн ааттаммыта.

1792 сыллаахха АХШ-ка манньыат системата олохтоммута. Үрүҥ көмүс доллар 27 г ыйааһыннааҕа уонна 24,1 г ыраас үрүҥ көмүстэн турара. Ити да буоллар өр кэмҥэ испанскай доллар эргииргэ баара, бу доллар үрүҥ көмүһү хостуур, манньыат быһар сирдэрдээх Испания колонияларыттан киирэрэ.

Талер билиҥҥи кэмҥэ

Билиҥҥи кэмҥэ талер диэн ааттаах харчылаах биир да дойду суох.

2006 сыллаахха дылы Словения харчыта толар диэн ааттана сылдьыбыта.

90-с сыллар саҕаланыыларыгар Беларуська талер диэн ааттаах харчыны киллэрии туһунан мөккүөрдээх кэпсэтиилэр ыытылла сылдьыбыттара.

Өйдөбүл манньыат (2008 с.)

2008 сыллаахха Максимилиан I коронацията 500 сылын туолуутугар анаммыта. Манньыат инники сирэйэ (аверс) 1508 сыллааҕы, Максимилиан I чиэһигэр быһыллыбыт, манньыат дизайнын үтүктэн оҥоһуллубута.

Өссө маны көр

Сигэлэр