Талакаан ньиэп үөскээбит сирэ
Талакаан ньиэп үөскээбит сирэ — Ленскэй улуус территориятыгар баар бөдөҥ ньиэп үөскээбит сирэ. Хостуур лицензия
"Сургутнефтегаз" хампаанньаҕа баар.[1].
Үөскээбит сир үс блоктаах: Киин, Илин уонна Таран. Ньиэп саппааһа C1 категориянан 105 449 мөл. тонна, С2 категориянан — 18 132 мөл. тонна, Гаас С1 категориянан — 43 533 млрд. м³, С2 категориянан — 19 634 млрд. м³, конденсат саппааһа — 375 тыһ. тонна.
Ньиэптээх хапталҕаннар сир анныгар 1000 — 1200 м. дьириҥ сыталлар. Атын үөскээбит сирдэртэн уратыта диэн Талакааҥҥа мел хапталҕаҥҥа баар.
1990-с сылларга хостооһун саҕаламмыта, 1994 сыллаахха Витим бөһүөлэккэ диэри болдьохтоох ньиэп ситимэ тутуллубута. 2006 - 2008 сылларга "Сургутнефтегаз" проект сайдыытыгар 65 млрд солкуобай киллэрбитэ, 48 иин хаһыллыбыта.[1]
Илин ньиэп ситимин Тайшетка диэри төттөрү үлэлэппиттэрэ, Ангарскай куоракка ньиэп уонна химия комбинатыгар тиийбитэ. 2008 сыл күһүнүн туругунан ыйдааҕы ньиэп хостооһуна 120 тыһ. тонна.[2].