Сыһыы куохалаһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыһыы куохалаһа

Сыһыы куохалаһа, Тураах тарбаҕа эбэтэр Туруйа тумса (лат. Geranium) (нууч. герань луговая)

Сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх, биэс эминньэхтээх кыраһыабай сибэккилэрдээх, умнаһыгар утарыта тарбахтыҥы хайыттаҕас сэбирдэхтэрдээх. Угун үрдүгэ 15—60 см тиийэр. Хонууга, тыа саҕатынан, хаддьаайыга үүнэр. От ыйа саҕаланыытыттан атырдьах ыйа бүтүөр диэри сибэккилэнэр.

Туттуллуута

Отун көөнньөрөн, ис ыарыытыгар, үөһүрүүгэ, утуйбат буолууга, эпилепсияҕа, лихорадкаҕа, ревматизмҥа иһиллэр. Экземаҕа, тиис ыарыытыгар, чесоткаҕа сайҕанан эмтэниллэр. Отун бороһуок гына мэлийэн, тас баас хаанын тохтоторго туттуохха сөп. Күһүн силиһин хостоон, хатаран, бороһуогунан хаан барыытын араас көрүҥэр уонна үөһүрүүнү тохтотор эмп быһыытынан туттуохха сөп.


Туһаныллыбыт сирдэр

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1