Сугун киһиэхэ туһата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сугун (сэппэрээк.

Быьаарыыта

Сугун Азия, Европа, Америка хотугу кэтирээһинигэр да сииктээх сири талан үүнэр, отонун ођо-аймах сѳбүлээн сиир. Сугун ханна, хайдах үүнэрин эЋиги билэђит: туойдуӊу буордаах сииктээх сиргэ олус хойуу бөлкөйүнэн, оттон кураайы тыађа абына-табына үүнэр.

Сугун хоччойхой, хойуу сођус лабаалаах 50-100 см үрдүктээх умнастаах. Хойуу адаархай силићэ сир кырсын батыћа тарђанар. Сэбирдэђэ ньолбођор, кылгас тууралаах,чараас, үөһээ өттө сырдык күөх, аллараа өттө халлаан куөхтүӊү өӊнөөх.Укка биирдиилээн олорор. Күһүн сэбирдэђэ хагдарыйдар эрэ саккырабытынан барар, онон ук сэбирдэђэ суох кыстыыр. Бытархай 5-7 сибэкки бытырыыс дьукаах сибэкки буолл кэккэлэспит. Хоруоната уруӊ эбэтэр оруосабайдыӊы 4-5 силбэспит эминньэхтээх, лаппађар чуораан курдук. Чааскыта сођооччуктуун силбэспит. Тычинката 8-10, сођооччута 1. Аһа - сүмэһиннээх, минньигэс, хараӊа күөх өӊнөөх, дэбигис суураллымтыа сырдык көђөччөр туналаах.

Сугун бэс ыйын иккис аӊаарыттан ыла сибэккилиир. От ыйын ортотун диэки отоно ситэн барар. Сириттэн, күнүттэн-дьылыттан көрөн атырдьах ыйын ортотугар дылы өлгөмнук астанар. Ити кэмӊэ бићиги оӊоойук тута-тута сөбүлүүр-таптыыр отоммутун эккиритићэн, ойууру кэрийэбит, элбэђи хомуйан үөрэбит-көтөбүт.

Туһата

Кырдьык да,сугун үчүгэйдик биллибэт эмтээх үүнээйи,отоно аһылыкка эмэ барар.

Эмкэ сугун отонун да,сэбирдэ5ин да туһаналлар. Отоно 119 мг% С витаминнаах, 6% кэриӊэ араас саахардаах, 0,97% органическай (ол иЋигэр лимоннай) аһыыбалардаах. Сэбирдэђэ үгүс элбэх туЋалаах эттиктээх. Отон сүмэћинин, хаппыт отон оргуйбут уутун титирээн ыалдьыбыт кићиэхэ ићэрдэллэр.Организмӊа витамин тиийбэт буоллагына, сугун отун сиир олус тућалаах. Норуот эмчиттэрэ сугун сэбирдэ5э оргуйбут уутун сүрэх ыарыытыгар, тахсан киирэри чэпчэтэргэ иьэрдэллэр, отонн дизентериялаабыт кићиэхэ сиэтэллэр. Айах бааћыгар сибиэћэй отону сыћыары тутар олус көлөћөр.

Хоту дойду дьонугар сугун эмиэ, уулаах отон курдук улахан суолталаах, кићи барыта сөбүлүүр үүнээйитэ буолар. Бићиги өбүгэлэрбит былыр-былыргаттан сугун отонун сибиэһэйдии чөчөгөйгө, дагдађа булкуйан сииллэрэ,тоңорон хаһааналлара. Тымныыга тоӊорон кэбистэххэ, витамина улаханнык аҕыйаабат. тоӊ отону кыра-кыратык киллэрэн сииллэр.

Сугуну барынньалаан,саахардаан хаһааныахха сѳп, араас утах, хомпуот, кисиэл эмиэ оӊороллор. Сибиэһэй сугун отонун уутун иэдьэгэйи кытта булкуйан сиир туһалаах даҕаны.

Сугун туундараҕа дэлэйдик үүнэр буолан,онно олорор дьон араас аһы кытта булкуйан сииллэр эбит. Ол курдук сибиэћэйдии эбэтэр соркуойдаан баран хатарыллыбыт балыкка хаппыт сугун отонун эбэн, "дьиктэмин" диэни бэлэмнииллэр. Таба этин минигэр сугуннаах үүтү уонна хааны кутан, "нимин" диэни оӊороллор. Үчэһэђэ сүүрүӊүдүк буспут эти хаппыт сугуну кытта булкуйан хаћааналлар,ону "кулнин" дииллэр.Чоххо сыралаан буспут балыгы хаппыт эбэтэр сибиэћэй сугуну кытта мэћийэн, татархайдыӊы-минньигэс ураты амтаннаах "силавун" диэн аћы оӊороллор.Ити курдук сугун отонун бэйэтин эрэ буолбакка, үүтү, эти ,балыгы кытта булкуйан аћылыкка туһаналлар эбит.

Дьэ онон сугун үүнэр сирин сиэрэ суох тэпсибэккэ,отонун сиргэ саккыраппакка, нађыллык, сөбүн көрөн, кэмэ кэлэн аҺа ситтэђинэ, олус уутуйа илигинэ хомуйан аска да,эмкэ да туһаныахха сөп.

Туьаныллыбыт матырыйааллар

  • "Саха сирин отонноох үүнээйилэрэ"