Сиинэ оскуолата
Сиинэ оскуолата
Устуоруйата
Сиинэ оскуолата арыллыыта Сиинэ нэЋилиэгин кытары ыкса сибээстээх. Профессор Ф.Г.Софронов этэринэн сиинэ оскуолтата 1743 арыллыбыта. Таңара улэhитэ Захар Баишев оскуола олохтонуутугар улахан ѳнѳлѳѳх. Сиинэ оскуолата 20 Иркутскай танара оскуолаларыгар киирсэр. Бастакы учууталынан буолар Кесарий Сокольников — Дьокуускай уезднай училищатын выпускнига. Аан маңнай 9 оҕо уѳрэнэрэ. Дэриэбинэ олохтоохторо бары кѳмѳлѳѳн оскуоланы ѳрѳмуѳннээбиттэрэ.
Сиинэ оскуолата арыллыытыттан Еланкага, Булгунньахтаахха маннай оскуолалар арыллыбыттар.
Өктөөп өрөбүлүүссүйэтин кэнниттэн Сиинэ оскуолата таҥара дьиэтиттэн араарыллыбыта. Ыам ыйын 9 күнүгэр 1920 сыллаахха Кыьыл арымыйа ыйаагынан таңара уөрэгин салгыылларын булгуччу боппута. Оскуола РСФСР программатын ылыммыта.
1933 сыллаахха саңа тутуллубут зданияга 7 сыллаах оскуола төруттэнэр. Бастакы дириэктэринэн олорбута Власьев Николай Пантелеймонович. Кини Иркутскайдаагы педагогическай училищетын бүтэрбитэ. Сиинэ бочуоттаах олохтоо5о. Раисполком бэрэсэдээтэлэ Орджоникидзевскай ороуонна.
1934 сыллаахха Луначарскай А.В. аатын сүкпүтэ.
1939 - 1942 сыллаахха Филиппов Дмитрий Алексеевич дириэктэринэн буолбута. Уоттаах сэриигэ өлбутэ. Дириэктэр миэстэтин Макарова Анна Дмитриевна ылбыта.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |