Сивцев Афанасий Егорович - Дьиибэ Бытык
Көрүҥ быһыытынан араарар буоллахха, саха норуотун баар-суох сүдү, бастыҥ айымньытынан биһиги олоҥхобутун ааттыыбыт. Олоҥхо (эпос) бөдөҥүнэн, тыла-өһө баайынан, маанытынан, ис хоһооно киэҥинэн, дириҥинэн, сырдыкка, кырдьыкка, кэскилгэ тардыылааҕынан даҕаны барыбытын сөхтөрөр.
Олоҥхо түҥ өбүгэлэрбит саҕаттан норуот уус-уран баайа буолар буолан сүтэн хаалбакка аныгы кэмҥэ диэри тиийэн кэлбит айымньы. Кини үксүгэр уустаан-ураннаан ааспыт кэми, сири-уоту, айылҕаны, дьону-сэргэни, олоҕу-дьаһаҕы көрдөрөр, тиһэҕэр сырдык санаалаах норуот хорсун-хоодуот бухатыыра (геройа) хараҥа санаалаах өстөөхтөрүн хайдах кыайарынан ойууланан түмүктэнэр. Ол иһин олоҥхобутун нууччалыы «якутский героический эпос олонхо» диэн ааттыыллар. Олоҥхоһуттар бары даҕаны дьоҕурдаах дьон буолаллар эрээри билигин кинилэри эмиэ араараллар. Айааччыларга, тупсарааччыларга уонна үтүктэн эрэ толорооччуларга. Ол иһин сорохтору «ийэ олоҥхоһут» диэн ааттыыллар. Ону таһынан хас биирдии олоҥхо ис хоһоонунан, кээмэйинэн, толорооччутун дьоҕурунан эмиэ ураты буолар.
Нам улууһугар, атын улуустарбытыгар курдук, үйэлэр усталарыгар ахсаана биллибэт элбэх олоҥхоһут баар буола сылдьыбытын туһунан сэрэйэн көрөбүт. Билигин 60-ча эрэ олоҥхоһут аатын билэбит. Олортон даҕаны сорохторун толору ааттара уонна чопчу ханнык олоҥхону толорбуттара биһиэхэ тиийбэтэх. Кэлиҥҥи кэмнээҕи олоҥхоһуттар тустарынан син сиһилии соҕус билиилээхпит. Кинилэр ахсааннарыгар Хатырык нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Сивцев-Дьиибэ Бытык диэн олоҥхоһут баар.
Афанасий Егорович (Георгиевич1) Сивцев-Дьиибэ Бытык2 бэйэтэ этэринэн 1882 сыллаахха, онтон төрөппүттэрэ таҥара дьиэтин кинигэтигэр киллэртэрбиттэринэн 1890***3 сыллаахха Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Хахтуга уола Хантаха диэн, 1686 сыллаахха төрөөбүт Хатырык нэһилиэгин киһититтэн төрүттээх.
Афоня кэрэ куоластаах этэ. Кыра эрдҕиттэн уолчаан эбэтин (аҕатын ийэтэ) Новгородова Евдокия Ивановна (1838 с.т.) ыллыыр ырыаларын уонна кэлбит олоҥхоһуттары сөбүлээн истэрэ, тугу өйдөөн хаалбытынан үтүктэ сатыыра. Ону көрөн Нам Түбэтигэр олорор күтүөтэ, олоҥхоһут Яков Пестряков, уолу олоҥхолуурга төһө табылларынан үөрэтэ сатаабыта. Ити курдук, Хатырык нэһилиэгин дьадаҥы ыалын оҕото Афоня, оскуолаҕа үөрэммэтэр даҕаны, кыра эрдэҕиттэн олоҥхо уонна ырыа-тойук эйгэлэригэр киллэриллэн, абылаҥнарыгар ылларан, дьоҕурдаах дьону үтүктэн, дорҕоон кистэлэҥин баһылаан, тылын-өһун чочуйан Хатырык нэһилиэгин дьонун сэҥээриилэригэр уйдаран, улам ыллаан уонна олоҥхолоон барбыта.
ХХ-с үйэ саҕаланыытыгар эдэркээн Афоня Сивцев диэн уол олоҥхолуурун биир дойдулааҕа, киниттэн 7 сылынан балыс уол, чугас олорор Аммосовтар ыал сэргэх оҕото Максим 12 сааһыгар диэри сөбүлээн истэрэ эбит. Онон сылыктаатахха Сивцев Афоня кэлин саха улууканнаах политическай-государственнай деятелэ буола үүммүт Максим Кирович Аммосов олоҥхо эйгэтигэр киирэригэр, олоҥхону сөбүлүүрүгэр, саха норуотун киэн туттар айымньытын курдук көрөрүгэр олук уурсубут киһи буолар эбит. Кэлин, М. К. Аммосов үөлээннээхтэрин кытта бэйэтэ төрүттээбит республикатын салайааччыта буолан баран, уус-уран айымньыга улахан дьоҕурдаах доҕорун П. А. Слепцову-Ойуунускайы кытта, олоҥхо саха норуотун олоҕор сүҥкэн суолталааҕын сөпкө өйдөөн, советскай кэмҥэ олоҥхону норуот бастыҥ айымньытын курдук көрөн сайыннара сатаабыта. Ити баҕа санаата ситэ кыаллыбатаҕа, ол саҕанааҕы сэбиэскэй былаас үрдүкү салалтатын быһаарыытынан 1928 сыллаахтан ылата Москваҕа ыҥырыллан үлэлээбитэ, дойдутугар кэлэр бырааба 10 сылга быстыбыта.
Онтон дойдутугар хаалбыт доҕоро П. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону сурукка-бичиккэ түһэрбитэ, олоҥхоһуттары төһө кыайарынан өйөөбүтэ.
Олоҥхоҕо чугас буолан Максим Кирович 1937 сыллаахха Киргизия республикатын салайа олорон киргиз омук “Манаас” диэн эпоһын (аймахтыы киргиз омук «олоҥхотун») репрессияҕа түбэһиэр диэри олохтуу, сайыннара сатаабыта, төһө кыайарынан көмүскэспитэ. А. Е. Сивцев 1909 сыллаахха, 19 састаах эдэр олоҥхоһут Хатырыгын нэһилиэгиттэн көһөн, дьонун кытта хоту баран Булуҥҥа, Верхоянскайга, Аллайыахаҕа уонна Анаабырга олоро, үлэлии сылдьыбыта. Төрөөбүт сиригэр 20-тэн тахса сыл буолан баран эргиллибитэ. Ити кэм устата улаханнык олоҥхолооботох буолан тохтуу сылдьыбыт курдук бэлиэтэппит этэ. Саха сирин хоту өттүгэр олорор олоҥхоһуттар хайдах олоҥхолуулларын биирдэ эмэ түбэһэн истэр эбит уонна сорох олоҥхолору олус сөбүлээн, өйдөөн хаалбыт.
Кини дьиэ кэргэнин туһунан этэр буоллахха, бастакы кэргэнэ Иккис Модуттан төрүттээх Орлова Мария Гавриловна диэн эбит уонна иитэ ылбыт кыыстарын аата Параскева. Биир төрөппүт уоллаахтара сэрииттэн төннүбэтэх үһү.
1937 сыллаахха, хотуттан эргиллэн кэлэн Хатырыгын сиригэр олордоҕуна, П. А. Ойуунускай Нам улууһугар тахса сылдьан Сивцев Афанасий Егорович олоҥхолуурун истэн сөбүлээбит уонна бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Ити сылдьан, А.Е.Сивцев Платон Алексеевич көҕулээһининэн тэриллибит күрэххэ кыттар уонна үс биллиилээх олоҥхоһуту кыайан бастакы миэстэни ылар. Бу олоҥхоһуттары кыайыыта А. Е. Сивцев-Дьиибэ Бытык бөдөҥ, күүстээх олоҥхоһут буоларын кэрэһэлиир. П. А. Ойуунускай курдук олоҥхону сиһилии билэр киһи Афанасий Сивцевы бэйэтин кытта илдьэ сылдьан олоҥхолотон олус сөбүлээбит уонна Дьиибэ Бытыкка махтанан, үтүө өйдөбүнньук буоллун диэн патефон бэлэхтээбит. 1937 сыллаахха патефон диэн тэрил аҕыйах буолан олус бөдөҥ бэлэх ахсааныгар киирэр эбит. Итинэн сылыктаатахха 1935 сыллаахха тыл уонна культура научнай-чинчийэр институтун тэрийбит П. А. Ойуунускай олоҥхоһут Дьиибэ Бытыгы олус үрдүктүк бэлиэтээбит.
1941 сыллаахха Дьиибэ Бытык 51 саастааҕа. Сэрии саҕаланыан иннинэ, муус устар 4 күнүгэр саха фольклорун чинчийээччи Г. М. Васильев Нам оройуонугар тахса сылдьан суруйбутунан көрдөххө, Афанасий Егорович ити кэмнээҕи туһанар айымньыларыгар үс олоҥхо уонна үс ырыа баар эбит. Ол иһигэр, улахан олоҥхо — «Туналҕаннаах туус маҥан аттаах Тойон Доҕуһуол бухатыыр» (Булуҥ кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Курутуу Баһылайтан истибит эбит), уһаттахха 4 чаастан уһуур обургу соҕус «Иирээннээх кутурааннаах Игирэ Хара» олоҥхо (Уус-Дьааҥы кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит) уонна бэйэтэ айбыт «Оҕо Одьунаас Бөҕө» диэн аныгылыы сир дойду былдьаһыытын туһунан олоҥхото. Ыллыыр ырыаларыгар, А. Е. Кулаковскай Булуҥҥа суруйбутуттан ааҕа олорорун истибититтэн — «Тилигирээмэ турбут ырыата» (Ойуун көрүүлэммит), Нам оройуонун Белоусов диэн улахан ырыаһытыттан истибит «Борокуот ырыата» уонна Хатырык нэһилиэгин олохтооҕуттан, Василий Поповтан истибит «Мачайар Баһылай» диэн ырыалардааҕа суруллубут.
Сэрии ыар сылларыгар А. Е. Сивцев-Дьиибэ Бытык дьон санаатын көтөҕөр инниттэн, сырдык күүс-санаа кыайа-хото өрөгөйдүүрүнэн түмүктэнэр саха айымньытын – олоҥхону — биир дойдулаахтарыгар төһө кыаҕа баарынан ыллаан-туойан иһитиннэрэр буолбута. Эбиитин, урут истибит олоҥхолоруттан өйүгэр хатаабытын бэйэтэ сайыннаран, уларытан «өстөөхтөрү кыайар-хотор бухатыырдаах» олоҥхотун ахсаана өссө элбээбитэ. Бу кини аҕа дойдутун көмүскүүр сэриигэ ситиһиллибит норуотун улуу кыайыытыгар киллэрсибит бэйэтин сэмэй кылаата буолар. Ол туоһутунан, саха фольклорун чинчийээччи Мария Васильевна Мордовская советскай армия кыайыытын өрөгөйдүү хаамтарбыт 1945 сыл сайыныгар (от ыйын 25 күнүгэр) Дьиибэ Бытык айымньыларын сурукка туһэрбитэ буолар. Онно А. Е. Сивцев сөбүлээн толорор айымньыларыгар (эбиллии киирэн) барыта 7 олоҥхо, 5 ырыа баар буолбут. Ол иһигэр саҥа олоҥхолоро: «Элий Хаара бухатыыр» (Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит), «Уйунаас Бөҕө бухатыыр» (Курутуу Баһылайтан истибит), «Хаан Дьалаах бухатыыр» (күтүөтүттэн Яков Пестряковтан истибит олоҥхото), «Эр соҕотах» уонна «Үрүҥ Уолан». Эбии 3 саҥа уһун ырыалары ыллыыр буолбут: «Остуолба турбут ырыата» (Ойуун түүлүттэн), «Остуол ырыата» уонна киһини-сүөһуну хоһуйан, бэйэтэ өйүттэн ылан таһаарар олус уһун ырыата.
1945 сыллаахха, Улуу Кыайыы ситиһиллибит сылыгар Афанасий Егорович Сивцев- Дьиибэ Бытык 55 сааһыгар үктэммитэ. Ити кэмҥэ Кыһыл Талаһаҕа иккис кэргэнинээн Дарьялыын иккиэн эрэ олороллоро.
Хатырык нэһилиэгэр буолбут Кыайыы ыһыаҕар «Каганович» колхуос үлэһитэ, ааттаах олоҥхоһут А. Е. Сивцев-Дьиибэ Бытык түһүлгэ арҕаа өттүгэр олорон эрэн олоҥхолообутун Модуттан төрүттээх норуот ырыаһыта Тихонов К. Н. эдэр сылдьан илэ хараҕынан көрбүт, олоҥхолуурун истибит. Кини оҕонньор сорох тиистэрэ суох этэ диэн кэпсиир. Афанасий Егорович ити күн — Кыайыы ыһыаҕар, саха бухатыырдарын кыайыылаах-хотуулаах түгэннэрин ойуулаан-дьүһүннээн хоһуйар олоҥхолорун Аҕа дойдуну көмүскүүр улууканнаах сэриигэ кыттан, советскай армия кэккэтиттэн кыайыылаах эргиллибит саха сирин албан ааттаах буойуттарыгар анаан үөрэ-көтө толорбута. Төрөппүт уолун туһунан эмиэ санаатаҕа.
А.Е.Сивцев олорбут 5,5×5,5 иэннээх дьоҕус дьиэтин 1951 сыллаахха сэрии ветерана Дмитрий Егорович Терехов-Бөллөйө диэн киһи «Каганович» колхоз сириттэн Модукка көһөрөн аҕалан олоро сылдьыбыт. Бу дьиэ билигин да баар — салҕааһыннаах, таһыттан штукатуркалаах, Мир диэн уулусса 31-гэр, стеклопакет түннүктээх турар.
А. Е. Сивцев аймахтара Нерюнгрига уонна Эдьигээккэ олороллоро биллэр.
Туус маҥан аттаах
Тойон-Доҕуһуол Бухатыыр5
(Дьиибэ Бытык олоҥхотуттан быһа тардыы)
Тумул хара тыа туллан-хайдан киирбитин курдук, туналҕаннаах туус маҥан аттаах Тойон Доҕуһуол бухатыырга үс кырыылаах, түөрт ончохтоох кылааннаах Кыыс Модуйа бухатыыр Күн Дьирибинэ бухатыыры илдьиттээх ыытар: кэлэн мин эргэ тахсарбар кулун буоллун диэн.
Ону Тойон Доҕуһуол үүрэн ыытар уонна атын ыҥыран ылар, Аал-кудук маһын иччититтэн сүбэлэтэр.
Аал-кудук мас иччитэ торбос сонноох эмээхсин буолан тахсан Кытай Бахсы уустарга туттар сэпкин сэбиргэлгин чочуттаран, бэйэҥ тимир хатарар уулатыгар сытан хатан кэл, эн оҥорууҥ улахан, онтон ордугу билбэппин, миэхэ иккиһин охсо-тэбэ эргийимэ диэтэ.
Маныаха ол киһи атын миинэн айаннаан үс титирик сэргэлээх Халаарык буруйун иннигэр Кытай Бахсы уустарга Хаскыйдаан Куо диэн куһаҕаннарын ыраастыырга … абааһы кыыһыгар тиийэр.
Абааһы кыыһа кэргэнинэн кэмчи, дьахтарынан намчы буолаайаҕын нохойдоон диир. Маныаха Тойон Доҕуһуол дорообо биэрэн, этэргин кэннэки сыта-тура кэпсэтиэхпит, хата мин сорукпун толоруохпар сэбэ суоҕу сэптиир, тэрилэ cyoҕy тэрийэр ааттарыгар Кытай Бахсы уустарыгар кэллим, ону баран бэрт түргэнник эт диир.
Ону ол күтүр оччону диэҕэ дьаабыланан-иирэн ытыы-соҥуу, ыллыы-туойа турда. Омунугар уокка буһа сыһыталыыр. Оһоххо охсулла-охсулла ылаан-кэпсээн дьалкыһытан Тойон Доҕуһуол илдьитин этэр. Таҥас-сэп оҥоттороругар туох да манньата суох үһү диир уонна уҥан тэнтэйэн хаалар.
Оҥоруулаах ыйаахтаах киһи буолан кинини уолларын курдук көрөн ыҥыран кыһаларыгар уһаараллар: үс түүннээх утуйбутун да уҥмутун биллэрбэккэ уһаара-уһаара таҥнар таҥаһын туттар сэбин оҥорон кээһэллэр. Букатын атын наһаа улахан киэптээх көрүҥнээх бухатыыр киһи буолан уһукта биэрдэ (батас, мээчик, батыйа, чаачар-саа, охтор, сүллүгэс).
Барарыгар тэлгэһэҕэ тахсан Кытай Бахсы мааны уустара арыаллаһан туоран бары тэҥҥэ түһэрэн алҕаан хаалаллар, түннүгүнэн-үөлэһинэн. Кутаар, түбэспиккин тэҥнэтээр дииллэр. Онно Тойон Доҕуһуол үөрэн-махтанан ыллыыр.
Ити кэнниттэн атын миинэн Илин халлаан аннын диэки дьүүллэ-дьабыта биллибэттик айаннаан түһэ турда.
Дьиэтигэр тиийэн Аал уотун, Аан дойдутун иччилэриттэн алҕаан айакка барар киһи быһыытынан көрдөһөр: ыраах охсуһа барабын, дьиэбин, малбын, баайбын, сүөһүбүн барытын харыстаан көмүскээҥ диэн.
Икки-үс төгүрүк сыл буолуом, киһи буолар кэскилбин, саха буолар алгыһым туһугар барабын, быраһаайдарыҥ диир уонна атын илин диэки хайыһыннараат кымньыылаан кэбистэ.
Айана алыс күүстээх буолан алыс ыраах тиийдэ. Ааттаах үтүө дойду ыырыгар, илгэтигэр тиийэн Күн Дьирибинэни ситэ баттаан ылла: охсуһуу-этиһии буолбатын диир буоллаххына суолтан уҥа-хаҥас өттүгүнэн туораан кулу, оттон суор-тураах аһылыга буолуоххун баҕарар буоллаххына туора тур диир.
Онуоха биирдэрэ эллиэ сэнээн үөҕэн, хаһан кэлэн тэҥнэһээри диэн кэлбиккин кэмсиннэриэм, оройгун тобулуом, адьарай маска ыйыам, сэптэ сэбиргэллэ, быата туһахта бэлэмнээҥ, хаайыахпытын диир.
Онуоха охсуһаллар. Биирдэрэ кыайан-хотон, биирдэрэ ааттаһан-көрдөһөн барда. Ону истибэккэ кэлгийэн, атыгар көтөллөөн баран илин диэки түһэ турда. Сүрдээх үгүс киһилээх, сүөһүлээх, баайдаах дойдуга ыалларга тиийэн кэллэ.
Маныаха, сэргэ төрдүгэр көрөртөн үчүгэй дьахтар тахсан, атын сыҥааҕыттан тутан туран тыл эттэ, дорообо биэрдэ: миигин үөһээ халлаантан домньут Айыы Умсуур диэн удаҕанынан анаан түһэрбиттэрэ, Күн Дьирибинэ бухатыыр кэргэнэ буолабын, дьэ киирэҥҥин хонон бар диир, улахан улааммытын охторуохпут диир.
Анараа киһи кыһаммакка ааһа турар. Онуоха Умсуур удаҕан кыраан хаалар:
үөлэһиҥ кырыарыахтын, аҕыс маҕанаҥ адаарыйыахтын, тимирэн баран дабайбат, түһэн баран күөрэйбэт буолаар, чай килиэ эҥэрдэнээр, — диир.
Маныаха киһи кыһаммакка эрэ айаннаан түһэн барбыт. Сэттэ хонон баран Кыыс Модуйа алааһын арҕаа саҕатыгар киирбит илбис туспут сирэ, куолай куллугураабыт дойдута буолбут.
Онуоха көрдөҕүнэ Кыыс Модуйа утары аттанан иһэр эбит, икки ат күөн күөннэринэн кэтиһэ түһэн баран кэннилэринэн чугуйаллар, онуоха саҥа саҥарар: илдьитим тиийдэҕинэ диэммин көрсө кэлбитим, куһаҕан эккиннэнэн кэлбиккин, мин тылбын ылын — Ытык Умсуур удаҕан эрин уҥуоҕун бэйэтигэр илдьэн биэр, эйэлээх буолуох буоллаххына инньэ гын, оттон итини ылымматаххына эргийдэхпинэ иэччэҕим эргийдин диир.
Киһи атыгар сыһаран кэлбит киһитин өссө үчүгэйдик кэлгийэн кэбиһэн баран атыгар саҥара турда: Бу Күн Дьирибинэ бухатыыры үөһээ илдьэ таҕыс, быраһаай! — диир. Ата халлааны аннынан көтөн унаарыс гынан хаалар. Дьахтар эмиэ субурус гынан хаалла.
Биир киһи аҥар атаҕын сөһүргэстээн, аҥар хараҕын быһа симэн олордо. Түүн үөһүн саҕана абааһы уолун саҥатаа иһилиннэ: илин халлаан, coҕypyy халлаан уолаттарын кыайбытым, бу туох наадалаах маҕай аллааҕа кэлэн суолга туора олордуҥ. Мин анал аатым Ыар Чыыннаах Ыйыста Хара диэн буолабын. Дорообо охсуох, — диир.
Онтон Чыыстай буолакка охсуһуулаах уол этиһиилээх … хайаҕа тахсан өттүгэстээн сытта.
Маныаха Айыы киһитэ саҥа саҥарда: хаһан тылын биэрбитигэр кэллиҥ, сэп барда сэрэн диир уонна ытар. Онтукатын абааһы уола аһаран, өрө көтөн биэрэр, ону таһаҕын быһа көтөн ааһар, ону тарбаан ылан сиэбигэр уктан кээһэн баран саҥа саҥарар: ол иһин ааттаах киһи диэбиттэрэ, таптын да иин иһинэн туох да буолбат киһибин, уруккутунааҕар ордук оҥотторуом, сэп барда, сэрэн, — диир.
Охсуһан бардылар, аан дойду алдьанан барда. Ый аҥара, биир ый охсустулар.
Онтон айыы киһитэ кыайан эрдэҕинэ үөһэттэн ойуун (удаҕан) өҥөс гына түһэн Тойон Доҕуһуол бухатыыр төбөтүн оройугар дьаат буолан таҥнары сатыылыаҕым, көстүбэт оҕоҕо, күтүөппэр үрүҥ сөлөгөйү биэрдим, айаххын ат, — диир.
Абааһы уола айаҕар туһэрэн ылла, күүһүрэн барда. Онуоха үөһэттэн үҥүү кэлэн түһэн иһэрин айыы киһитэ аһаран биэрдэ уонна 60 хонуга туолуутугар айыы киһитэ кыайан сүрэхтээх-быарын Кытай Бахсы уустарыгар биэрэ турбута, саҥа саҥарбыта — махтанна.
Онтон утуйбута туомнана сытта, онуоха дьахтар киһи ытыы-соҥуу иһэр саҥата иһилиннэ: Ытык Тэмэлдьин эмээхсин сиэн-аһаан иһэр, Тойон Доҕуһуол суон тыыммын толуй, — диир.
Онуоха айыы киһитэ эккирэтэн иһэр киргил кыылы көрөн баран иттэнэ түһэн сытан саҥа саҥарда: эйигинниккэ көмөлөһүөм суоҕа, хата Ытык Тэмэлдьин айаххын ат, мин ыгар үүт сөлөгөйбүн сиэ диир. Киргил айаҕын атан биэрэрин кытта оҕо иһин уоһун тоҕо көтөн өлөрөн түһэрдэ.
Киһи эмиэ куолутунан сытта-олордо, сарсыарда кыталык саҥата иһилиннэ: … бухатыыр ойох ылаары былыт буолан батыһан иһэр.
Маныаха киһи саһыараары хайаны көтөҕөбүн диэн бэйэтэ үөдэн түгэҕэр түһэн хаалар. Итиниэхэ Айыы Умсуур үөрэр саҥата иһиллэр, кырыыр.
Киһи аҥара үнтү түһэн хаалла.
Тыас тыаһаата да абааһы тахсан кэллэ, ырыа бөҕөнү ыллаата: үөрүү бөҕөнү, сэбин-сэбиргэлин мунньан эттээн, оргутан кэбиһэн баран утуйан хаалла.
Киһи аҥара хаалан баран туран ааннары, күлүһү аһан биир үтүө дьахтары көрдө. Онуга дьахтар киһи ытыы-соҥуу турбута. Бу Тыйа Баай диэн оҕонньор аҕалаах, Тыйаналлар Баай диэн ийэлээх этим. Ону убайым эккирэтэн кэлэн баран кыаттаран хаалбыта. Мин быабын кыайан-хотон быстаргын барыбыт үчүгэйдик олоруох этибит.
Киһи дьахтар сыыбын быһа оҕуста, дьахтар ампаары аһан киирэн, икки тимир ыаҕаьы ылгым чыкыйын уган, боруобалаан өлбөт мэҥэ уутун таһааран киһитин үтүөртэ.
Киһи абааһы кыыһын таһыйан барда, биирдэстэрэ ааттаста. Биирдэстэрэ таһыйа-таһыйа ырыалаах буола сырытта: ат сылгы буолан орто дойдуга таһааран биэрдэххинэ ордоруоҕум этэ, — диэтэ. Били күтүр өксөкү буолла, киһи — мохсоҕол, дьахтар — кыталык буолан орто дойдуга тахсан кэллилэр.
Орто дойдуга эмиэ сата түспүт эбит, үөһэттэн киһи саҥата иһилиннэ: кэнэҕэски уйэҕэ бу курдук гыныма – диэтэ. Үөһэ халлаан бухатыыра Көмүс Моҕурдаан. Маныаха — миигин көмүскүүикиирбитиҥ дуо — диэтэ биһи киһибит.
Дьахтар убайа барда, оттон бэйэтэ Тоҥ Доҕуһуол ойохтонно уонна тыл эттэ, саҥа саҥарда: миигин оҕо төрүөтэ маннык аатта биэр Сүүдүрүйбэт Сүлдьүүт Бөҕө – диир.
Профессор Макаров Дмитрий Степанович суруйбутуттан:
«Максим часто бывал во власти безудержной фантазии и героики эпоса олонхо, слушая «Эр Соҕотох», « Нюргун Боотур» в импровизации олонхосута Афанасия Егоровича Сивцева -«Дьиибэ Бытыка», который владел изысканностью речи, красивым голосом и музыкальностью. Не раз с гурьбой хатырыкских ребятишек Максим шумно проносился верхом на палке, воображая себя сильнейшим богатырем-олонхо, громящим злые силы на земле» («Максим яркий» (Жизнеописание Максима Кировича Аммосова), НИИ PC (Я), 1992 г. стр. 6).
Аммосова (Сивцева) Светлана Николаевна ахтыыта:
«Мин абаҕам Сивцев Афанасий Егорович — Дьиибэ Бытык үс бииргэ төрөөбүт уолаттартан улаханнара этэ.
Иккистэрэ Түмэппий сэрии иннинэ «Кыһыл талаһа» колхоз үлэһитэ ууга түһэн өлбүт. Саҥаһым Настаа ол кэнниттэн өр буолбатах, ыалдьан өлбүт. Кинилэр соҕотох уоллара Николай ийэтэ өлбүтүн кэннэ биһиэхэ иитиллибитэ. Хотуоккатын сүгэн биһиэхэ кэлбитин мин тоҕо эрэ олус өйдөөн хаалбыппын. Николай Тимофеевич лесной техникуму бүтэрэн Намҥа, Эдьигээн оройуонугар өр сылларга лесхозка үтүө суобастаахтык үлэлээн «Отличник лесного хозяйства» буолан, оҕолонон, 5 сиэннэнэн, бу былырыын 81 сааһыгар олохтон барбыта.
Yhүc уол мин аҕам Сивцев Николай Егорович эмиэ «Кыһыл талаһа» колхуостааҕа этэ. Ийэм (кыыс эрдэҕинэ Уваровская Матрена Ильинична) сэрии сылларыгар ыанньыксыттаан «За доблестный труд» диэн мэтээллээх этэ”.
2015 сыл, кулун тутар 24 кунэ, Дьокуускай куорат.
Самсонова (Сивцева) Татьяна Николаевна:
“Мин, Самсонова (Сивцева) Таьяна Николаевна, 1944 сыллаахха Хатырыкка төрөөбүтүм, Нам улууһугар. Аҕам Сивцев Николай Егорович, ийэм Сивцева (Уваровская) Матрена Ильинична (төрдүм Маймаҕа нэһилиэгэ диир этэ).
Аҕам аах (аҕам убайын) Сивцев Афанасий Егорович туһунан хаһан эмэ ахтан-санаан кэпсэтэн эрэ ааһалларын өйдүүбүн. Наһаа үчүгэй куоластаах олоҥхоһут этэ диэн. Булунунан, Күһүүрүнэн сылдьан ырыаһыт аатыран дьон ахталлар диир этилэр. Куоракка сценаҕа ыллаа диэн ыҥырбыттарын буолумматаҕа, Зверевтааҕар быдан ордук ырыаһыт этэ дииллэрэ.
Хос аата «Дьиибэ Бытык» диэн этэ, ону moҕo инньэ диэбиттэрин ыйыталаспыппар «Кытархай бытыктаах этэ» диэбиттэрэ.
Даарыйа диэн кэргэннээҕэ үһү уонна мин истэрбинэн соҕотох уоллаахтара сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт этэ. Хас сыллаах төрүөҕүн уонна ханан өлбүтүн мин билбэппин. Дьонум тыыннаахтарыгар өйдөөн сиһилии ыйыталаспакка хаалбыппын.
1932 сыллаахха төрөөбүт убайым Николай үчүгэйдик өйдүүр этэ, уолун кини аатынан Афоня диэбитэ”.
Эдьигээн сэлиэнньэтэ, муус устар 3 күнэ, 2015 сыл.
- Таҥара дьиэтигэр суруллубутунан.
- Кытархай бытыктааҕын иһин ааттаабыттар.
- И. И. Суздалов, М. И. Старостина. Хатырык нэһилиэгин дьонун төрдө-ууһа. — Докуускай к., 2010 с.
- Логлой сүрэхтэнэн Сивцев Петр диэн буолбут.
- Намский район. На 5 листах. Сюжет записан со слов сказителя 15 апреля 1941 года в здании ЯПИ сотрудниками ИЯК Чемезовым В.Н. и Сивцевым Д. — Институт гуманитарных исследований и проблем малочисленных народов Севера СО РАН, фонд 5, опись 8, ед.хр. 24.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |