Санта Ана
Санта-Ана (Santa Ana), АХШ соҕуруулуу-арҕаа эҥэригэр, Калифорния штаакка баар куората, Лос-Анджелес самалык куората. Санта-Ана өрүс үрдүгэр турар. Олохтоохторун ахсаана 343,1 тыһ. киһи (2004), Анахайм куораты уонна самалык куораттары кытта 2,5 мөл киһи олорор эбит.
Авиаракетнай, радиоэлектроннай, ас бырамыысыланнаһа бааллар. Машиностроение, металлургия; өстүөкүлэттэн уонна эрэһиинэттэн оҥоруу. Байҕал байыаннай баазалара бааллар. Климат курорда. Кэллиэс. Ч. У. Вауэрс түмэлэ (Чуумпу Далай кытылын устуоруйатын түмэлэ).
Куораты Уильям Х. Спарджен олохтообут. Бастаан Санта-Ана хочотугар тыа хаһаайыстыбатын киинин быһыытынан сайдыбыт, сайдыы «Сазерн Пасифик» тимир суол тутуллубутун кэннэ (Латыын Америката) улаханнык бөдөҥөөбүт.