Самурай
Самурай (дьоп. 侍, дьоппуоннар «буси» (武士) диэн ааттыахтарын сөп) — былыргы Дьоппуон дойдутугар охсуһуук боотурдары ааттыыллар.
Сэрии сэбэ икки батыйа — дайсүө. XIV—XIX үйэлэргэ катана уонна вакидзаси. Уһун ох сааҕа үөрүйэх буолуохтаах.
История
Самурай идэтэ 646 сыллаахха Тайка реформатын кэмигэр төрөөбүтэ.
Көмүс үйэ
Көмүс үйэ бастакы Сөгун салайыытыттан Онин сэриитин диэри буолбута.
Йоритомо саҥа былаас органы олохтообут, бакуфу. Сөгун уонна миниистирдэр самурайдар этилэр. Бу көмөтүнэн самурай сословията Дьоппуон бары эйгэлигэр киирэр.
Кыргыс үйэ
Сэрии губернатордара сөгунааттан тутулуга суох буолбуттар. Биир кииннээх былаас мөлтөөбүтүгэр, сэрии губернатордара самурайдары хомуйбуттар, ыал губернаторга сэриинэн барбыттар.
Гражданскай сэрии саҕаламмыт.
XVI үйэ ортотугар Ода Набунага диэн Овара провинция даймиэтэ судаарыстыба холбонуутугар бастакы хаамыы оҥорбут. Дойду киинин, сэппуку оҥорбут.
Нобунага үлэтин Тоётоми Хидэёси бүтэрбитэ.
Кэхтии
Даймиэлэр байыаннай этэрээттэригэр сэрии кэмнээҕи курдук элбэх самурай наадыйбат буолбут. Сорох самурайдар ронин буолбуттар, сорохторо ниндзэ - наймы өлөрүөхсүт.
Сигэлэр
- Самурский К. С. Человек с двумя мечами — «Вокруг Света»
- Самурский К. С. Жизнь ради смерти — «Вокруг Света»
- Самурский К. С. Закат, которого не было — «Вокруг Света»