Салгын сэбилэниилээх күүстэрин күнэ

Салгын сэбилэниилээх күүстэрин күнэ — Арассыыйа Федерациятын Салгын сэбилэниилээх күүстэрин бэлиэ күннэрэ. Сылын ахсын атырдьах ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэнэр. 2006 сыллаахха ыам ыйын 31 күнүгэр тахсыбыт № 549 бэрэсидьиэн ыйааҕынан бэлиэтэнэр[1].

1912 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа Генштаабын Сүрүн управллениетын иһинэн салгыҥҥа көтөр (воздухоплавательнай) чаас аһыллыбыт эбит, онон бу күнү байыаннай авиация төрүттэммит күнүнэн ааҕаллар[2]