Сайыҥҥы чѳҥѳчѳк тыла

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сайыҥҥы чѳҥѳчѳк тыла ойуута

Сайыҥҥы чѳҥѳчѳк тыла (нууч. Опенок летний, лат. Kuehneromyces mutabilis эбэтэр Pholiota mutabilis) диэн сиэнэр тэллэй.

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ саhархайдыҥы күрэҥ, кытыытынан уу долгураҥ, бастаан томтоҕор, кэлин хаптаҕай, ортотугар чорбохтордоох, 6 см диэри кэтиттээх, үѳhээ ѳттѳ түүтэ суох, кураанах.
Сэлээппэтин алын ѳттѳ бастаан сырдык, кэлин дьэбиннээх бороҥ ѳҥнѳнѳр, атаҕын устун аллараа түhэр таҥалайдардаах.
Хайа туттахха этэ уулаах, чараас, үрүҥ.
Атаҕа бѳкүнүк, аллараанан арыый синньиир, бастаан бутэй, кэлин кѳҥдѳй, сэлээппэтин ѳҥүн курдук биhилэхтээх, биhилэх алын ѳттѳ хараҥа бороҥ хатырыктаах, үѳhээ ѳттѳ кубархай.
Споратын ѳҥѳ бороҥнуҥу.[1]

Yүнэр кэмэ

Бэс ыйыттан күhүн атырдьах ыйын бүтэhигэр диэри баар.

Yүнэр сирэ

Сэбирдэхтэрдээх мастар чѳҥѳчѳктѳрүгэр, сытынньаҥнарыгар бѳлѳхтѳѳн, дэҥҥэ үүнэр. Тыыннах маhы буортулаабат.

Бу тэллэйи билигин ГДР-га, Чехословакияҕа мас лэкэчэктэригэр үүннэрэн сииллэр. Биhиги дойдубутугар 30-с сыллардаахха ыытыллыбыт чинчийиилэр кѳрдѳрѳллѳрүнэн тэллэй талымаhа суоҕа, биир лэкэчэктэн муҥутаан 6 кг, ортотунан 500 г тэллэйи ылыахха сѳбѳ дакаастаммыта. Лэкэчэк үс сыл устата сулууспалыыр, онтон маhа «микодревесина» диэн араас оонньуур, сувенир, киэргэл оҥоhуутугар барар.
Сайыҥҥы чѳҥѳчѳк тылын биhиэхэ да үүннэрэн боруобалаан кѳрүѳххэ сѳп.

Аска туттуу

Yчүгэй амтаннаах сэлээппэтин эрэ туттуллар, мин оҥороллор, маринуйдууллар, тууhууллар.
Бу тэллэйи сүлүhүннээх саhыл тылын кытта бутуйуохха сѳп.

Быһаарыылар

  1. Саха сирин тэллэйдэрэ. Г. С. Угаров, Дьокуускай, Бичик, 1980