Сайдыыны ситиһии сабыдыала

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сайдыыны ситиһии сабыдыала билигин дьоҥҥо барыларыгар биллэр. Космос куйаарын эттиктэрин үйэлэрэ олус уһун, хас эмэ уонунан миллиардынан сылларынан кэмнэнэр. Планеталар хамнааһыннарыгар, сыҕарыйыыларыгар тэҥнээтэххэ дьон-аймах сайдыыны ситиһэллэрэ олус түргэн кээмэйдээх эбит. Тимири уһаарар, уһанар буолбут кэмнэриттэн дьон билиҥҥи курдук үрдүк таһымнаах сайдыыны 2 тыһыынча сыллар усталарыгар эрэ ситистилэр. Манна сайдыыта суох кэми түөрт уонча тыһыынча сыллары эптэххэ дьон-аймах олус былыргы үйэлэрдээҕи диир кэмнэрэ уонтан эрэ тахса тыһыынча сыллардааҕыта буолан ааспыттарыгар сөп.

Сирбитигэр дьон-аймах олорор, сайдар кэмнэрэ өссө да олус элбэх буолуон сөп. Дьон-аймах олоҕу олоруулара, сайдыыны ситиһиилэрэ эмиэ кэмнээҕэ-кэрдиилээҕэ быһаарыллан иһэр. Саҥаттан саҥаны арыйан, билэн-көрөн иһии кыаллыбат буолан иһэрэ саарбаҕа суох буолла. Сир үрдүгэр дьон атаҕа үктэммэтэх сирэ диэн аны суох, барытын уларыта, бэйэлэрин тустарыгар тупсара сатыыллар.

Төһө да Айылҕаны харыстыыбыт диэн айманналлар дьон-аймах сайдыыны ситиһэн олоҕу олорор сирдэригэр кэлин кумах куйаардары элбэтэр, үөскэтэр чинчилээхтэр.

Хара тыа сабардыы үүнэн турбут сирдэрин дьон быһа кэрдэн, уоттаан от, бурдук үүннэрэр сир оҥостоллор. Кэлин бу сирдэрин үүнээйи үүммэт буолла диэн быраҕан атын саҥа сирдэри солоон оҥостон сирдэрин кэҥэтэн иһэллэр. Хонуу сир кэнээтэр кэҥээн иһэриттэн кэлин истиэптэргэ кубулуйан барар.

Сир анныттан баайын хостоон ылаары кырсын тоҕута тэпсэн, күрдьэн ылан быраҕан күөх үүнээйи үүммэт оҥорон иһэллэр. Күөх үүнээйи үүммэт сирэ кэлин кумах куйаардарга кубулуйар.

Сир үрдүгэр дьон-аймах сайдыыта эмиэ ханнык эрэ кэм-кэрдии иһигэр сылдьар, ханнык эрэ кыйыаны аһара барыа суохтаах. Мутукчалаах мастар аҕыйааһыннара сир үрдүгэр уу эргиирин уларыталларыттан олус элбэх хаардар, самыырдар түһэллэр, хонуу сирдэрин уу ылыыта саҕаланан эрэр.

Дьон-аймах сайдыыта, араас улахан, күүстээх тиэхиникэлэри туһаныыта «Туох барыта икки өрүттээх» тутулугун хамсатар, уларытар. Атмосфераҕа углекислай гаас элбээһинэ сир үрдэ итийэн барыытын үөскэтэрэ уһун үйэлэргэ мунньуллубут муустары ириэрэн хонуу сирдэри уу ылыытын үөскэтэр. (1,68).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. - 78 с.