Сабантуй
Сабантуй диэн башкиирдарга, татардарга былыргыттан бэлиэтэнэр сайыҥҥы бырааһынньык. Урут тыа дьоно бырааһынньыктыыр буоллахтарына билигин ил уонна улахан куораттарга бэлиэтэрнэр бырааһынньык буолбута. Бырааһынньык күнэ уларыйыан сөп, ол курдук 2012 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр бэлиэтэммитэ[1]
Ааттара
Татар тылынан саҥарааччылар Сабантуй диэн ааттыыллар, элбэх ахсааҥҥа Сабантуйлар [sʌbɑntuɪˈlɑr].
Атын Волга өрүс үрдүгэр олорор түүр норуоттар бырааһынньыгы бэлиэтииллэр. Башкиир тылынан Һабануй , онтон чувааштар Акатуй диэн ааттыыллар.
Бырааһынньык аата "сир хорутуутун" кһнэ диэн тылбаастаныан сөп.
Устуоруйата
Сабантуй ислам иннинээҕи устуйруйаҕа баара, ыһыы иннинэ бэлиэтэнэрэ. Сабантуй баарын Ибн Фадлан 921 сыллаахха суруйбута. Ол бириэмэҕэ ылланар ырыалар итэҕэйиигэ сыһыаннаах этилэр.
Кэлин ислам татаардар, башкиирдар, ол курдук чуваштарга христианство тарҕаныытын кэнниттэн итэҕэл бырааһынньыга буолан бүппүтэ. Ороуйоннарынан сыл аайы уларыта-уларыта буолар этэ.
20 үйэ саҕаланыытыгар Сабантуйу татаардар бырааһынньыктара диэн ылыллыбыта. Сэбиэскэй Сойуус бириэмэтигэр бырааһынньыгы өйүүллэрэ, тоҕо диэн тыа киһитин өйө көтөҕөллөрө. Ол гынан баран бырааһынньыгы кыратын ыһыы кэнниттэн буолар курдук саҕырыппыттара
Сабантуйу киhи аймах тыл баайын-дуолун аан дойдутааҕы тиhигигэр киллэрии былаана баарын 2007 сыллаахха биллэриллибитэ.
Үгэстэр
Сабантуй ордук биллэр элеменнарынан күрэсköräş (татаардар тустуулара), ат сүүрдүүтэ, остуолбаҕа өрө тахсыы, уонна да атын буолаллар.[1]. Ити барыта майдаҥҥа, ол эбэтэр тыа кытыытыгар оҥоһуллубут площадкаҕа буолар.
Ону тэҥэ атын күрэхтэһиилэр, Сөрән; sœˈræn - диэн буолар - онно ас астыыга, араас иистэр уонна атын дьоҕур күрэһэ баар буоалр.
Кэлин бириэмэҕэ Сабантуйу Татарстан традиционнай ырыа уонна үҥкүү, ону тэҥэ гармонь оонньуутун күрэһин кытта ыытыллар буолан эрэ.