Роберт Кох

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ге́нрих Ге́рман Ро́берт Кох (Клаусталь-Целлерфельд — ыам йын 27 Баден-Баден) — микробиолога. Физиологияҕа уонна медицинаҕа Нобель бириэмийэтин 1905 сыллаахха ылбыта.

Олоҕун олуктара

Роберт Кох ахсынньы 11 күнүгэр 1843 сыллаахха Клаусталь-Целлерфельд диэн сиргэ, Герман уонна Матильда Генриетта Кохтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. 13 оҕоттон үһүс эбит. Аҕата — горнай инженер Герман Кох, шахта салалтатыгар үлэлиир эбит. Ийэтэ, Юлиана Матильда Генриетта Кох, төрөөбүтүнэн Бивенд — үрдүк сололоох Генрих Андреас Бивенд диэн Ганновер королевствотын кылаабынай инспекторын кыыһа. Бу киһи (эһэтэ) сиэнигэр чинчийээччи талаана баарын көрөн айылҕаны билэргэ, көрөргө-истэргэ үөрэппит.