Рак ыарыы туhунан
Рак ыарыы сорох боппуруостара
Рак проблемата билигин медицинаҕа ураты миэстэни ылар киэӊ боппуруостартан биирдэстэрэ. Араас специальностьтаах ученайдар уонна нэhилиэнньэ киэӊ араӊата рак боппуруоhугар үүнэн иhэр интэриэhэ, туох-ханнык иннинэ, кутталлаах искэнинэн ыалдьыы, итинтэн өлүү кэнники уон сылларга, омос көрдөххө, элбээн иhиитинэн быhаарыллар.
Билиӊӊи бириэмэҕэ экономическай өттүнэн сайдыылаах дойдуларга барыларыгар, ол иhигэр АХШ-гар, Арҕаа Европа дойдуларыгар уонна СССР-гар, кутталлаах искэнтэн өлүү сүрэх-тымыр ыарыыларын кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар. Статистиктар ааҕыыларынан аан дойду үрдүнэн хас сүүс тыhыынча нэhилиэнньэттэн сыл аайы 135-140 киhи рагынан ыалдьар эбит.
Өскөтүн араас дойдулар стаистическай ааҕыыларынан тус-туспа ылан көрдөххө кинилэр биир тэӊэ суохтар, балачча ырааҕынан араастаhаллар. Англияҕа, Францияҕа, Арҕаа Германияҕа 100000 нэhилиэнньэттэн хас сыл аайы 190-200, АХШ-гар – 150-160 киhи өлөр. Кылгастык эттэххэ, экономическай өттүнэн сайдыылаах дойдуларга 100000 олохтоохтон кутталлаах искэнтэн өлүү сыл аайы сүүстэн тахсар.
Экономическай өттүнэн мөлтөх сайдыылаах Азия, Африка, Соҕуруу Америка дойдуларыгар ити сыыппаралар балайда кыраны көрдөрөллөр: 100000 нэhилиэнньэттэн 20-50 ордук киhи өлөр. Холобур, Гватемалаҕа 100000 нэhилиэнньэттэн 18 эрэ киhи рактан өлөр.
Медицинскэй наука сайдан истэҕин аайы сылтан сыл ахсын, рагы быhааран билии, чинчийии ньымалара тупсан иhэрэ саарбаҕа суох. Холобур, ааспыт үйэ 80-с сылларыгар медицина билигин биhиги ыарыhаҕы чинчийиигэ уонна ыарыылары таба быhаарыыга туттар ньымаларбытынан хааччыллыбыта эбитэ буоллар, оччотооҕу бириэмэҕэ да рагынан ыалдьааччы ахсаана балачча элбэх буолуо этэ.
Рак- кутталлаах ыарыы.
«Рак» диэн термин медицинаҕа түбэспиччэ киирбит тыллартан биирдэстэрэ. Эмиий былчархайыгар олохсуйан хаалбыт кутталлаах искэн тас көрүӊүнэн омооно крабка эбэтэр ракка маарынныырын иhин былыр итинник искэни «рак» диэн ааттаабыттар. Дьиӊэр, рак- эт-хаан клеткаларыттан сайдар кутталлаах искэн. Биллэрин курдук, киhи организма тканнары уонна органнары үөскэтэр ахсаана биллибэт баhаам элбэх клеткалартан турар. Клеткалар ууhуур дьоҕурдаахтар, ол иhин организм мэлдьи саӊардыллан иhэр, эргэрбит, өлбүт клеткалар куруук саӊа эдэр клеткаларынан солбуллаллар. Клеткалар ууhуур, саӊардыллар процесстарын бүтүннүүтүн нервнэй система, ис секреция былчархайдара баhылаан- көhүлээн хонтуруоллууллар итиэннэ бэрээдэктииллэр.
Клеткалартан ханнык эмэ бөлөх клетка туhааннаах биричиинэ сабыдыалынан быстан, итинник хонтуруолтан тахсан, бэйэтэ туспа ууhаан барар, онтон искэн үөскээhинэ саҕаланар. Ууhааhын автономнай характерданар. Кутталлаах искэн күүскэ улаатан иhэр дьоҕурдаах, чугаhынааҕы тканнарга үүнэн киирэн, маӊнайгы көрдүгэниттэн тэйиччи метастаз диэн көhө сылдьар көрдүгэн үөскэтэр кыахтаах.
Рак ханнык баҕарар органнарга үөскүүр. Ордук элбэхтик олохсуйар сирдэринэн куолай, матка, тирии, айах көӊдөйүн салыннаах бүрүөтэ, тыл буолаллар.
Теориялар
Ученайдар искэн үөскэhинин уонна сайдыытын туhунан быhааралларыгар хас да теорияны этэллэр. Биир саамай эрдэтээҕи теорияннан- үөскэх эрдэхтэн олохсуйуу теориятын немец ученайа Конгейм киллэрбитэ. Үөскэх организма сайдар кэмигэр, кини тус-туспа учаастактарыгар эт-хаан сайдарыгар наадалаах клеткалартан ураты ордук клетка үөскүөн сэп диэн Конгейм сабаҕалаабыта. Ити клеткалар туhаҕа тахсыбакка атын органнарга уонна тканнарга көhүөхтэрин сөп. Кинилэр ууhаабаттар, ол эрээри кэлин тоҕоостоох усулуобуйа түбэстэҕинэ ууhуур, үүнэр үрдүк дьоҕурдарын сүтэрбэттэр. Итинник чуумпу клеткалар уhун бириэмэҕэ- сыллар, уонунан сыллар усталарыгар уларыйбакка утуйбут кэриэтэ сытыахтарын, онтон эмискэ дохсуннук ууhаан искэни үөскэтиэхтэрин сөп.
Рак искэннэрэ үөскүүрүгэр сорох сардаӊалар (рентген сардаӊата мэлдьи, уhуннук дьайыыта) улахан оруоллаахтар эбит. Араас радиоактивнай веществолар сардаӊалара, оннооҕор күн уотун ультрафиолетовай сардаӊата, итинник свойстволаахтар.
Ордук дьиибэтэ организм канцерогеннай сабыдыалага тас эйгэттэн эрэ түбэспэт. Ити сабыдыалы организмӊа бэйэтигэр үөскүүр сорох веществолар эмиэ үөскэтиэхтэрин сөп. Итинниктэринэн туох-ханнык иннинэ гормоннар- ис секреция былчархайдара таhаарар бородуукталара (бүөр, ууhуур органнар, гипофиз былчархайдара) буолаллар. Тыыннаах организм сайдарыгар уонна улаатарыгар гормоннар оруоллара үчүгэйдик биллэр. Холобур, дьахтар хат бириэмэтигэр яичник гормоннара матка уонна эмиий былчархайдара улаатыыларын үөскэтэллэр, дьахтар ыйданар кэмигэр эмиий былчархайдара улаатыыларын уонна кытаатыыларын көбүтэллэр. Киhи олус улахан уӊуохтанара эбэтэр эт-хаан сорох чаастара-тарбахтар, мурун сүөргү дьүhүннэнэн улаатан үүнүүлэрэ (акромегалия) гипофиз гормона наhаа элбээhиниттэн буолар.
Билиӊӊи бириэмэҕэ ис секреция былчархайдара, чорботон ууhатар былчархайдара, чорботон ууhатар былчархайдарискэн сайдыытыгар сабыдыаллара саарбаҕа суох. Харамайдарга оӊоhуллар элбэх ахсааннаах опыттар итини итэҕитиилээхтик бигэргэтэллэр. Өскөтүн кутуйахтарга яичник гормонун- эстрогены мэлдьи киллэрэр буоллаха искэн балайда чаастатык, ону ааhан киллэрбит гормон дозата төhөнөн элбэҕий да соччонон түргэнник үөскүүр, оттон кыра эрдэхтэринэ аттаммыт тыhы кутуйахтар эмиийдэрин былчархайдара рагынан ыалдьыбаттар. Яичник гормоннарын канцерогеннай дьайыылара, кинилэр састааптарыгар ханнык эрэ канцерогеннай вещество баар диэӊӊэ олоҕурбат, төттөрүрүтүн ити гормоннар эмий былчархайдарын клеткаларыгар физиологическайдык дьайыыларыгар олоҕурар. Эстрогеннай гормон сабыдыалынан ити клеткалар күүскэ ууhаан бараллар,онон кинилэр кэлин искэӊӊэ кубулуйар тоҕооhу үөскэтэллэр. Өскөтүн дьахтар организмыгар ханнык эмит биричиинэнэн гормональнай сөп түбэсиhии уурайдаҕына, эмиий былчархайдара, матка итиэннэ яичник сөптөөх физиологическай үлэлэрэ кэhилиннэҕинэ эстрогеннар буортулаах сабыдыалларын куттала үөскүүр.
Хаhан эмит биирдэ оhолломмут буоллаҕына, үксүгэр ол миэстэҕэ искэн тахсарын бэрт өрдөөҕүттэн ыла бэлиэтии көрбүттэрэ. Искэн тахсыыта оhоллонууну кытта сибээстээҕин, чуолаан өттүк, сото, сарын уӊуохтарын сиир кутталлаах искэн- саркома- үөскүүрүнэн быhаарыахха сөп. Эмиий итиэннэ ууhатар былчархайдары өлөрүнүү, оhоллооhун искэн тахсарыгар сылтах буолуон сөп.
Кутталаах искэн уруккуттан биллибит сыстыганнаах ыарыылары көбүтээччи кып-кыракый микробтардааҕар уонна бактериялардааҕар кээмэйинэн тыhыынчанан төгүл кыра вирустартан үөдүйэр диэн этии кэнники бириэмэҕэ үгүстүк тарҕанар буолла. Искэн «вирустарарын» үөртиигэ уонна кутталлаах искэни үөскэтэр «вирус» теоиятын айыыга советскай ученайдар Л.А.Зильбер, А.Д.Тимофеев, В.М.Бергольц улахан оруоллаахтар. Өссө ХХ-с үйэ саҕаланыытыгар И.И.Мечников кутталлаах искэннэр вирустан төрүттэниэхтэрин сөп диэн бэйэтин сабаҕалааhынын эппитэ.
Ханнык баҕарар сыстыганнаах ыарыы вируhа организмӊа түбэстэҕинэ сотору кэминэн сыстыбыт клеткатын үрэйэн күүскэ ыарытыннарар. Искэн вируhа организмӊа искэни үөскэтэр оруола олох атын: кини сыстыбыт клеткаларын үрэйбэт, кинилэр удьуордуур свойстволарын, төрүт көрүӊнэрин кубулутар. Итинник кубулутуллубут (трансформацияламмыт) клеткалар хайыы-үйэҕэ кэлин торҕоостоох усулуобуйаҕа көбөн тахсан искэни үөскэтэр кыахтаналлар, оттон ити клеткалар төрүөхтэрэ кубулутуллубут төрүттэрин туох-баар уратыларын сүтэрбиттэр.
Кубулуйууну үөскэппит вирус дьүhүн уларыйбыт саӊа клеткаларга көстүө суоҕун сөп. Итинник быhаарыыны аан маӊнай академик А.Д.Зильбер эппитэ. Искэни үөскэтэр вирус көстөр да түгэнигэр искэн биир харамайтан атын харамайга баhаччы сыстарын, быhаччы сибээстээҕин биhиги көрсө иликпит. Рагынан ыалдьар дьону кэтээн көрүү да итини толору бигэргэтэр. Уонунан сыллар усталарыгар медицинскэй тэрилтэлэр үлэhиттэрин ортотугар рагынан ыалдьыы нэhилиэнньэ ыалдьарын ортотунан ылбыттааҕар элбэҕэ суох. Рагынан ыалдьар ыарыhаҕы кытта быhаччы сибээстэhэн рагынан ыалдьабыт биир да түбэлтэни билбэппит.
Вируснай теорияны сорохтор утараллар. Кинилэр утарыыларын барытын көрүөхпүт суоҕа, арай электроннай микроскобунан көрдөххө вирус диэххэ сөптөөх кып-кыракый частицалар дьиӊинэн организмӊа таhыттан киирбит дьиӊнээх вирустар буолбатахтар, организмӊа бэйэтигэр үөскээбит оhуобай белок бытархайдара буолаллар диэн сорох ученайдар сабаҕалыылларын эрэ этиэхпитин сөп. Итини таhынан, киhи организмыгар искэн вируhа баар буолуута- бу киhиэхэ рак хайаан да үөскүөхтээх диэн буолбат. Манна вирустар активнайдыылларыгар ханнык эмит көмө биричиинэлэр наадалар. Баҕар вирус ыарыыны үөскэтэр дьоҕура сайдарыгар ханнык эрэ канцерогеннай веществолар көмөлөөхтөрө буолаарай? Эбэтэр организм ханнык эмит ураты бэлэмнээх буолара дуу? Ити боппуруостар күүскэ үөрэтиллэ сылдьаллар.
Көрбүппүт курдук рак үөскүүрүн туhунан ахтыллыбыт боппуруостартан биирдэстэрэ даҕаны толору эппиэти биэрбэт. Өскөтө 10-20 сыл анараа өттүгэр рак үөскүүрүн туhунан улахан мөккүөр барбыт эбит буоллаҕына (канцерогеннай уонна вируснай теориялары көмүскүүллэрэ), билигин наукаҕа рак үөскээhинэ полиэтиологическай (элбэх биричиинэлээх) теория бигэтик олоҕурда. Ити ис дьиӊэ физическэй, химическэй, биологическай уо.д.а. саамай эгэлгэлээх, буортулаах дьайыылар организмӊа искэн үөскүүрүгэр төрүт буолуохтарын сөп диэн билиниигэ буолар. Балар ортолоругар баар канцерогеннай веществолар сабыдыаллара, оhол, радиоактивнай, сабыдыаллар уонна күн уотун дьайыылара, гормоннар, онтон да атыттар- бары төhө да канцерогеннай диэн ааттаммыттарын иhин, кинилэр абыдыалларыттан сонно тута итиэннэ булгуччу рак үөскүүр диэн буолбатах. Итилэр рак үөскүүрүгэр тоҕоостоох усулуобуйаны эрэ бэлэмнииллэр.
Билиӊӊи общество киhитэ канцерогеннай веществолары кытта сибээhэ олус киэӊ уонна бастайааннай. Итилэр салгыӊӊа, ууга, почваҕа барытыгар бааллар. Салгын киртийиитин төрүтүнэн промышленнай предприятиелар, котельнайдар буруолара, автотранспорт таhаар элбэх буортулаах, ол иhигэр бензепирен диэн веществолар газтара буолаллар. Авиация сайдыаҕыттан бэттэх самолеттар таhаарбыт газтарынан салгын улам-улам киртийэн барбыта. Уу транспора күргүөмнээн сылдьар ууларыгар, кинилэр сэдэхтик сылдьар сирдэринээҕэр, бензепирен хас эмэ төгүл элбэх буолар. Заводтар, фабрикалар котельнайдарыгар ситэ умайбатах чох итиэннэ нефть баhаам элбэх курунньугу уонна тордоҕу үөскэтэр. Автомашиналар таhаарар газтара киhиэхэ буортулаах 200-кэ холобрдаах веществолар холбоhуктара буолар, балар истэригэр углерод аhыыта, азот аhыыта итиэннэ углевородтар бааллар. Киртийбит салгын өр кэм устата тиhигин быспакка тыынар органы күүрдэн, онно дьарҕа ыарыы сайдарыгар тириэрдэр. Итилэртэн сорохторо хас эмэ сыл устата олохсуйан кэнники искэн үөскүүрүгэр сөптөөх усулуобуйаны оӊороллор. Табах буруолаах салгын тыынар оргаӊӊа куhаҕаннык дьайар. Табх буортулааҕын туhунан киhи барыта бука элбэхик истибитэ да, аахпыта да буолуо. Никотин тымырга, сүрэххэ олус куhаҕаннык сабыдыаллыыр күүстээх дьаат буолар. Табах буруотугар никотинтан ураты, өссө канцерогеннай свойстволаах 15 араас вещество баара дакаастанна.Тыынар органы уhун бириэмэҕэ тиhигин быспакка ити веществоларынан күүртэххэ ааспат-арахпат дьарҕа- хроническай бронхит, бронхоэктаз, пневмония үөскүөн сөп. Ученайдар элбэх статистическай матырыйаалга олоҕуран табахсыт дьон тарпат дьоннооҕор уон төгүл элбэхтик тыӊа рагынан ыалдьыахтарын сөп диэн быhаарбыттара. Табах буруота табахсыт киhи тыынар органыгар киирэрин ааhан, кини ыйыстыбыт силин кытта куолайыгар уонна куртаҕар түбэhэн араас дьарҕа ыарыы үөскүүрүгэр көмөлөhөр.
Өлүөр, уларыйбатах тканнарга рак хаhан да үөскээбэт. Маныаха дьарҕа ыарыылар төрүт буолаллара булгуччулаах. Органнар туhааннаах миэстэлэригэр рак сайдыытын сабаҕалыыр уларыйыылар тахсаллар. Итинник уларыйыылары рак иннинээҕи ыарыы диэн ааттыыллар. Бу термин төhө да чуолкайа суоҕун иhин бигэтик олохсуйда итиэннэ киэӊник тарҕанна. Полип, колит, бронхит, бронхоэкзтаз ыарыылар дьарҕатыйбыт пневмония, матка, придаток, сүhүрүүлэрэ эмиий былчархайдарын искэннириитэ рак үөсүүр почватын бэлэмнииллэр. Олохсуйбут дьарҕа ыарыы ракка кубулуйуутун эрдэттэн тохтотор итиэннэ сэрэтэр инниттэн маннык эрдэттэн тохтотор итиэннэ сэрэтэр инниттэн маннык ыарыылары бириэмэтигэр тиhигин быспакка араас эмп күүhүнэн, хирургическай ньымаларынан эрдэ эмтиэххэ наада. Ыарыыны эмтиирдээҕэр, ыарыы турбат буолуутун хааччыйыы ордук чэпчэки диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ити рак ыарыыга ордук сыhыаннаах.
Түмүк
Кылгастык түмүктээн эттэххэ, онкология сайдыытын билиӊӊи кэрдииhигэр быhаарылла илик боппуруос өссө да элбэх. Ол эрээри кэнники 10 сылларга ситиhиллибит уларыйыылар бэрт улахан суолталаахтар. Ол курдук искэни үөскэтэр рак вируhун туhунан аан маӊнай 50 сыл анараа өттүгэр суруллубута, химичекэй канцерогены үөрэтиигэ маӊнайгы хардыылар 30 сыллааҕыта оӊоhуллубуттара, рагы химическэй препараттарынан эмтээhин баара эрэ 20 сыллааҕыта төрүттэммитэ.
Онкология наука быhыытынан үйэлэр усталарыгар көрдөөhүн уhун суолунан барда. Ыкса сибээстээх кэккэ наукалар: биология, химия, физика уо.д.а. сайдыыларын кытта тэӊӊэ тургэнник сайдан эрэр. Итинтэн сибээстээн эттэххэ бу наука инники сайдыыта араас наукаларга үлэлиир ученайдар киэӊ далааhыннаахтык бииргэ кимэн киириилэриттэн улахан тутулуктаах буолуоҕа.
Рак ыарыы проблемата эмискэ биирдэ быhаарыллар кыаҕа суох. Билигин наука муӊутуйуу сайда турар кэмигэр рак биричиинэтэ быhаарыллыытыгар уонна кинини эмтииргэ саӊа ньымалары өссө киэӊник буларга туох да мөккүөр суох. Онон киhи аймах бу ыарахан ыарыыттан быыhанар кэмэ саарбаҕа суох буолуоҕа.
Туттуллубут литературалар:
1. И.И.Местников – Рак ыарыы сорох боппуруостара
2. Е.П.Иванова, Т.Е.Сосин- Рак ыарыы туhунан
3. В.И.Попов- Онкология тирээн турар уhулуччу суолталаах боппуруостара
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |