Пушкин Василий Никитич
Пушкин Василий Никитич (1596-1649) — 1646 сылтан 1649 сылга дылы Саха сирин бойобуодатынан ананан үлэлээбит киһи. Ол саҕана икки бойобуоданы аныыллар эбит, онон кинини кытта Супонев Кирилл Осипович сулууспалаабыт[1].
Былыргы дворян төрүттээх бойобуода Никита Пушкин түөрт уолуттан кыралара эбит. Никита Пушкин Тобольскайга, Вологдаҕа, Холмогорга уонна Владимирга бойобуодалаабыт. 1601 сыллаахха ыраахтааҕы Борис Годунов Романовтар уустарын көскө ыыппыта, олору кытта ыраахтааҕы стольнига Евстафий Михайлович Пушкин (Василий Пушкин таайа дуу, абаҕата дуу) көскө барбыта. Годунов өлбүтүн кэннэ Лжедмитрий саҕана Романовтар, кинилэр чаҕардара, олор истэригэр Василий Пушкин көстөн төннөрүллүбүттэрэ.
1625 сыл ыам ыйын 17 күнүгэр ыраахтааҕы Михаил Федорович Персия посуолун көрсөрүгэр Василий утах, арыгы таһааччы стольнигынан сылдьыбыта биллэр. 1927 сыл кулун тутар 7 күнүгэр Кырыым ханствотын кытта кыраныыссаҕа Пронскайга "улахан бойобуоданнан" анаммыт. 1636-1637 сс. Чебоксаарга бойобуодалаабыт. 1638 сыллаахха Вязмаҕа иккис бойобуоданан анаммыт. 1639 сыллаахха ыам ыйыгар Преяславль-Рязанскай куорат иккис бойобуодатынан анаммыт. 1642 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр кырыым татаардара саба түһэллэрин кэтэһэн олорор Венев куоракка эмиэ иккис бойобуоданнан анаммыт. Ол эрээри от ыйын 23 күнүгэр ыраахтааҕы төттөрү Москубаҕа ыҥыттарбыт - ойоҕо Анна Григорьевна Ржевская өлбүтүнэн.
Онтон 1643 сыл ыам ыйыгар Дьокуускайга бастакы бойобуоданан анаммыт. Ол эрээри куоракка икки аҥаар сылынан биирдэ кэлбит.
Бу бойобуода саҕана Халымаҕа уонна Чукоткаҕа бастакы остуруоктар тутуллубуттар, Дежнев Азияны уонна Американы араарар силбэһииннэн устан ааспыт. Пушкин аҕыйах сыл иһигэр хаһаахтар сулууспаларын бэрээдэктээбит, дьаһааҕы хомуйууну тупсарбыт, 35 буоласка барытыгар биир кээмэйдээх дьаһаах хомулларын ситиспит
Пушкин Дьокуускайга 1646 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр 53 сааһыгар өлбүт. Кыыһа Мария 1673 сыллаахха Рюрик сыдьааныгар кинээс Владимир Дмитриевич Долгоруковка кэргэн тахсыбыт[2].
Пушикн уонна Супонев иннилэринэ эмиэ икки бойобуода Глебов Матвей Богданович, Головин Петр Петрович олорбуттар. Кинилэр кэннилэриттэн соҕотох бойобуода Францбеков Дмитрий Андреевич анаммыт.