Прокопьева Прасковья Егоровна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Прокопьева Прасковья Егоровна

Прокопьева Прасковья Егоровна — педагогическай билим кандидата.

Олоҕун олуктара

  • 1971 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүгэр Үөһээ Халыма улууһугар Нелемнэй нэһилиэккэ төрөөбүтэ.
  • 1992 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбитэ.
  • 1992—1999 сс. — учууталлыыр.
  • 1998—1999 сс. — Үөһээ Халыма улууһун Нелемнэй орто оскуолатыгар завуч.
  • 1999—2002 сс. — Москватааҕы үөрэхтээһиҥҥэ национальнай проблемаларга Институт аспирана.
  • 2002 с. — педагогическай билим кандидатыгар «Изучение юкагирского фольклора в школах Республики Саха (Якутия)» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскүүр.
  • 2003—2005 сс. — Саха Сиригэр үерэхтээһин министерствотын национальнай оскуолаларга научнай-чинчийэр Институтыгар старшай научнай үлэһит.
  • 2005 сыллаахтан РНА Сибиирдээҕи салаатын ГИиПМНС Институтугар палеоазиатскай филология секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

П. Е. Прокопьева юкагир омук фольклорун чинчийэр. Сыралаах үлэтэ "Отличник образования Республики Саха (Якутия)" бэлиэнэн бэлиэтэммитэ.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Отражение мифологического мышления в юкагирском фольклоре» (Новосибирск, 2009), монография.
  • Научно-методическое пособие «Изучение юкагирского фольклора в школах РС (Я)» (Нерюнгри, 2003).
  • Учебно-методическое пособие «Юкагирский (одульский) язык для дошкольников» (Якутск, 2005).
  • Проект стандарта основного общего образования по юкагирскому языку.

Сигэлэр