Попов Гаврил Спиридонович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Попов Гаврил Спиридонович (1889? с учуутала, Бүлүүчээн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Олоҕун олуктара

Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1937 сылтан олоҕун тиһэх күнүгэр диэри Бүлүүчээн оскуолатыгар учууталынан, завуһунан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Үрдүк квалификациялаах, уһулуччу талааннаах учуутал нэһилиэнньэҕэ, үөрэнээччилэр ортолоругар үрдүк ытыктабылынан туһанара. Үлэтэ, ирдэбилэ эмиэ биир оннуга. Сэрии суостаах сылларыгар Гаврил Спиридонович тиийиммэт ыаллар оҕолорун интернакка олордууну мэлдьи сааһылыыра, быстар олохтоох ыалларга нэһилиэнньэ көмөтүн тэрийсэрэ. Тус бэйэтинэн нэһилиэнньэ уопсай мунньахтарын тэрийэн, күннээҕи кыһалҕалары дьүүллэһэрэ. Оскуолаҕа үлэ уруога киллэриллэн, оҕолор пришкольнай учаастакка, тыыннаах муннукка үлэлииллэрэ, үүнээйи олордоллоро, үүннэрбиттэрин кыһын интэринээт оҕолоругар бэриллэрэ. Гаврил Спиридонович оҕолору кытары сайын аайы төрөөбүт кыраай устун айаннаан, олорор дойдубут былыргытын, үүнээйитин, хамныыр харамайы үөрэтэллэрэ. Оскуолаҕа үөрэнээччилэр сайыҥҥы производственнай биригээдэлэрин аан бастаан Бүлүүчээҥҥэ тэрийбит үтүөлээх. Онон оҕолор сайыҥҥы өттүгэр дьарыга суох сылдьыылара суох оҥоһуллубута.

Оскуола завуһунан олорон, ССРС киин уобаластарын учууталларын бастыҥ опыттарын тустарынан методическай холбоһуктарга дакылаат оҥороро.[1]

Наҕараадалара, ытык ааттара

  • РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна.
  • Саха АССР үтүөлээх учуутала.
  • Бүлүүчээн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Быһаарыылар

  1. Кыайыыны, эйэлээх олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордо Н. Н. Спиридонов; редколлегия: Т. Н. Иванова уо.д.а. — Дьокуускай: Чопчу, 2020.

Сигэлэр