Попов Анатолий Дмитриевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Попов Анатолий Дмитриевич 1981 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Эһэтэ Попов Никита Иванович, эбэтэ Александра Гаврильевна Алаҕардар. Никита Иванович Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар Иркутскайга үлэ фронугар сулууспалаабыт. Эбэтэ Александра Гаврильевна Чурапчылары хоту көһөрүүлэригэр Кэбээйи оройуонугар баран балык бултааһыныгар үлэлээбит. Толя кыра сылдьан сайын аайы Чыаппараҕа эһэтин аахха сайылыыра.

Улаатан баран ийэтин бииргэ төрөөбүт убайыгар Алексей Никитичтаахха сайылаан оттоһор. 1989 сыллаахха Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1992 сыллаахха музыкальнай училище иһинэн хореографическай отделение аһыллан онно Н. С. Посельская оскуолалары кэрийэн оҕолору талыытыгар Толяны эмиэ сүүмэрдээн, ол отделенияҕа үөрэнэ киирбитэ. Анатолий бэйэтэ маннык кэпсиир: «Онтон М. Е. Николаев — СР-тын бастакы Президенэ училище, общежитие дьиэлэрин туттаран, туһунан хореографическай училище буолбуппут. Бастакы учууталым Н. С. Посельская этэ. Онтон С. В. Афанасьевич кылааһыгар үөрэммитим. Училищеҕа үөрэнэр сылларбар „Барҕарыы“ фондатын степиндиата буолбутум. Фонда көмөтүнэн Австрияҕа, Японияҕа уонна элбэх куораттарынан сырыттыбыт, сынньанныбыт. 1999 сыллаахха бастакы президентскэй елкаҕа компьютерынан наҕараадаламмытым. 2000 сыллаахха 13 оҕо буолан үөрэхпитин бүтэрэн Опера уонна Балет театрыгар үлэлии киирбиппит. Театрга үлэлиир сылларбар „Свадьба Авроры“ — принц Дезаре. „Белоснежка и семь гномов“ — принц, „Корсар“ — Али, „Дон Кихот“ — Базиль, „Бахчисарайский фонтан“ — Вацлав, „Ромео и Джульетта“ — Ромео, „Чипполино“ — Вишенка оруолларын толортообутум. Инникитин үлэбит баһаам. Театрга 2000 сыллаахха „Врожденный принц“ диэн номинация хаһаайына буолбутум. 2004 сыл түмүгүнэн 15 тыһыынчалаах грант ылбытым.

2004 сыллаахха Наташалыын ыал буолбуппут. Наташам СГУ филологическай отделениетын 2005 сыллаахха бүтэрбитэ. Билигин Карина диэн кыыстаахпыт. Быраатым Алексей быйыл эмиэ хореографическай училищены бүтэрэн эрэр. Хайыы-үйэ театр сценатыгар „Ромео и Джульетта“ Парис оруолун, „Ночное танго“ ситиһиилээхтик үҥкүүлээтэ. Ийэм Татьяна Никитична 20-тэн тахса сыл „Якуткниготорга“ үлэлээбитэ. Билигин хореографическай училищеҕа костюмерынан үлэлиир. Н. С. Посельская элбэхтик сүүрэн-көтөн бу училище аһыллан элбэх оҕо олох суолугар бэйэлэрин суолларын таба булалларыгар, үлэһит буолалларыгар улахан үтүөнү-өҥөнү оҥордо. Биһиги дьиэ кэргэн аатыттан Н. С. Посельская, кини дьиэ кэргэттэригэр уонна училище бары үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн улаханнык махтанабыт!»