Петров Василий Кузьмич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Петров Василий Кузьмич-педагогическай үлэ ветерана, Уус-Алдан оройуон бастакы комсомолеһа, икки сэрии кыттыылааҕа, оройуон бочуоттаах гражданина, орденнар, медаллар квалердара.

Билэ:Петров василий.jpg
Танда музейын фондата

Василий Кузьмич Петров Баайаҕа оскуолатыттан кэлэн 1926—1927 үөрэх дьылыгар 5 ый устата Чурапчыга Кузьмин командирдаах партизанскай этэрээккэ сылдьыбыта. Уолба бойобуой дружинатын байыаһынан, Уот Субуруускай быраата Степан Кривошапкин охсуулаах этэрээтигэр кыттан, саҥа Советскай былааска чахчы бэриниилээҕин көрдөрбутэ, хосуннук сэриилэспитэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ В.К Петров Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэҕин салҕаабыта. Танда оскуолатыгар үөрэнэр сылыгар I уонна II Байаҕантай нэһилиэктэригэр комсомольскай ячейка тэриллэ илик кэмэ этэ. Василий Кузьмич оскуолаҕа аан бастакы уонна суос-соҕотох комсомолец үөрэнэнээччинэн буолбута.

В.К Петров Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын 1932 с. бүтэрбит сайыныгар икки ыйдаах учуутал курсугар үөрэммитэ. Күһүнүгэр учуутал быраабын ылан, Суоттуга баар Дьиэрэ 3 кылаастаах оскуолатыгар анаммыта. Үс сыл устата учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, Якутскайдааҕы педучилищеҕа кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. 1937—1939 сс. Орто Эбэ начаалынай оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. 1939—1941 сс Танда 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта. Ити учууталлыы сылдьан, 1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Сибиирскэй дивизия стрелковай полкатыгар зенитчиктэр взводтарыгар сулууспалаабыта. Василий Кузьмич сэрииттэн дойдутугар эргиллэн баран, отуттан тахса сыл үүнэр көлүөнэни итиигэ-үөрэтиигэ ахсаабакка үлэлээбитэ. В.К Петров өр сыллаах педагогическай үлэтин иһин РСФСР уонна Саха АССР Верховнай Советын Президиумун, РСФСР Үөрэҕин министерствотын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Василий Кузьмич Аҕа дойду сэриитигэр актыыбынай кыттыытын иһин Аҕа дойду Сэриитин I степеннээх орденынан, «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Сэриигэ хорсунун иһин» уонна да элбэх мэтээлэринжн наҕараадаламмыта. 1987 с. Уус-Алдан оройуонун бочуоттаах гражданинын үрдүк аата иҥэриллибитэ.